“Күннээх бэйиэт” Күннүк Уурастыырап

13.12.2017
Бөлөххө киир:

 Быйыл өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уран тыл ууһа, “күннээх бэйиэт” диэн ааҕааччы тапталынан сүрэхтэммит талааннаах суруйааччы, олоҥхоһут, тылбаасчыт, саха норуодунай бэйиэтэ Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтээтилэр. 

edersaas.ru  


Биллэн турар, көҕүлээһин кини төрөөбүт улууһуттан Амматтан таҕыстаҕа. Ол курдук, бэйиэт айар үлэтигэр, олоҕугар аналлаах конференциялар, араас көрсүһүүлэр, кини айымньыларынан испэктээктэр буолуталаатылар. Холобур, Саха Күөрэгэйэ — Екатерина Захарова аатынан Култуура дьиэтигэр Эмис нэһилиэгин олохтоохторо Күннүк Уурастыырап өлбөт-сүппэт айымньыларынан “Былыргы дьыллар быыстарыгар” диэн бэртээхэй испэктээги көрдөрөннөр, бар дьон махталын ыллылар.

Үбүлүөйдээх сыл өссө биир үтүө холобурунан, бу күннэргэ сабыс саҥа тахсыбыт “Төрөөбүт дойдутун уран тойуксута” диэн кинигэ буолла. Бу, “Амма киэн туттар дьоно”  сиэрийэнэн кинигэни “Якутия” Медиа-холдинг” бэчээттээбит. Кинигэни, маннык айымньы тахсарын көҕүлээччи,  Эмис нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы  Дария Захарова уонна РНА СС В.Ларионов аатынан ИФТПС  мл. научнай сотруднига Василий Захаров хомуйан оҥорбуттар.

Кэлэр көлүөнэ биллин-көрдүн, салгыы араас таһымнаах үлэлэри ыыттын, сороҕун, үгэс быһыытынан салҕаатын диэн санааттан бу кинигэ оҥоһулунна, — диир Дария Владимировна.

Саҥа кинигэҕэ киирии тылы Амма улууһун  баһылыга  Николай Архипович Архипов суруйбут. Эмис нэһилиэгин баһылыга Илья Ильич  Пестерев, саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат, өр сылларга Эмис орто оскуолатыгар дириэктэрдээбит, Күннүк Уурастыырап аатын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыппыт, мусуой тэрийбит, оскуолаҕа норуот тапталлаах бэйиэтин аатын иҥэриини көҕүлээбит Алексей Ильич Гаврильев, Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын дириэктэрэ Гаврил Дмитриевич Захаров, уо.д.а. ыстатыйаларын дьон сэҥээрэ ааҕыаҕа.

"Былыргы дьыллар быыстарыгар" испэктээк кыттыылаахтара. Режиссер В.Р.Федоров, сценарист М.В.Ефимова.

Норуодунай бэйиэт Күннүк Уурастыырап аатын үйэтитиигэ араас кэмнэргэ нэһилиэк, улуус таһымнаах чопчу туох үлэлэр ыытыллыбыттара, “Уурастыырап ааҕыылара”, чулуу бэйиэккэ аналлаах быйылгы күөн күрэсх хоһоонноро, тэрээһиннэр хаартыскалара, бэчээккэ сырдатыылар, Күннүк Уурастыырап хоһоонноругар айыллыбыт өлбөт-сүппэт ырыалар бу кинигэҕэ киирбиттэр.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru  

Худуоһунньук Осипов А.Н. «Саха норуодунай суруйааччылара».

 

Ыспыраапка:

Саха норуодунай бэйиэтэ Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап 1907 с. ыам ыйын 9 күнүгэр Амма улууһугар төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститут саха тылын, литературатын факультетын бүтэрбитэ.

Кини аатырбыт олоҥхоһут Чээбий (Т.В.За­харов) сабыдыалынан саха тылынан уус-уран айымньытын эйгэтигэр үөскээбитэ. Ол кэлин Владимир Михайлович «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхону суруйарыгар тирэх буолбута.

«Соҕотох хахыйах»  диэн аан бастакы xohooно 1927 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммитэ. Оттон бастакы кинигэтэ «Уһуктубут кыраайга» — 1932 сыллаахха тахсыбыта. Ол кинигэҕэ киирбит хоһооннор норуот ырыалара буолбуттара.

Кини сахалыы, нууччалыы 30-тан тахса кинигэни бэчээттэппитэ. Поэмалара «Коммунист Сэмэн» (1936 с), «Ымыы уонна Налбыһах» (1961 с.) ааҕааччы биһирэбилин тута ылбыттара.

Күннүк Уурастыырап «Үчүгэй Үөдүйээн», «Эйэ иһин», о.д.а. пьесалардаах. «Былыргы дьыллар быыстарыгар» диэн сэһэннээх. Итиэннэ оҕолорго аналлаах хоһоон кинигэлэрдээх.

Кини А.Пушкин, Т.Шевченко, о.д.а. айымньыларын талааннаахтык тылбаастаабыта.

Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага» уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

1938 сылтан ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0