Күннээҕи ороскуот алын кээмэйэ төһө буолла?

08.11.2016
Бөлөххө киир:

Күннээҕи ороскуот алын кээмэйэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр икки зонаҕа арахсар. Ол курдук Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай итиэннэ Айхал, Удачнай бөһүөлэктэрэ бастакы зонаҕа киирэн, үлэлиир дьоҥҥо алын кээмэйэ – 18977 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 14725 солк., оҕолорго – 18181 солк. быһыллыбыт. Киин, соҕуруу уонна арҕаа улуустар иккис зонаҕа киирэллэр. Онон үлэлиир дьоҥҥо – 16067 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 12127 солк., оҕолорго – 15812 солк. тэҥнэһэр.

Күннээҕи ороскуот алын кээмэйэ “Киһи нэһиилэ тиийинэн олорор нуорматын ааҕан таһаарыы” диэн 90-с сыллар саҥаларыгар оҥоһуллубут анал докумуоҥҥа олоҕуран ааҕыллар. Бу ыйыллыбыт суумаҕа туһанааччы корзината киирэр. Ол курдук корзинаҕа килиэп, куруппа араас көрүҥэ, хортуоппуй, оҕуруот аһа, фрукта, саахар, бурдук аһалык, эт, балык, үүт, сымыыт, арыы, туус, чэй уонна да атын киһиэхэ наадалаах бородуукталар киирэллэр. Маны таһынан күннээҕи ороскуокка таҥас-сап, коммунальнай өҥөлөр, эмп-том, уу, уот, гаас төлөбүрдэрэ киирэллэр. Ол эрээри үгүс өттүгэр халбаҥныы турар сыаналаах регионнарга бу суума киһи олоҕор олох эппиэттэспэт. Сорох регионнар олохтоохторо нэһиилэ тиийинэн олоруу кээмэйиттэн быдан намыһах хамнаһы аахсаллар.

РФ бырабыыталыстыбата бигэргэппитинэн, 2016 сылга улахан киһиэхэ тиксэр биир күн ас-үөл кээмэйин ылан көрдөххө, 280 грамм хортуоппуй, 300 грамм килиэп, 80 грамм үүт (эбэтэр үүт аһылык), 160 грамм эт, 50 грамм балык, 40 грамм үүнээйи арыыта, 160 грамм сибиэһэй фрукта, 300 оҕуруот аһылыга, 60 грамм минньигэс аһылык, биир сымыыт аҥара тиксэр.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0