Үс хонугунан дойду үрдүнэн Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтээри олоробут. “Сомоҕолоһуу” диэн тылы, тоҕо эрэ, аҥаардас бэлиитикэни эрэ кытта ситимнээх диэн өйдүүллэр. Дьиҥэр, сомоҕолоһуу олох бары эйгэтигэр баар. Үҥкүү, муусука, таҥас-сап нөҥүө норуоттар сомоҕолоһоллор. Эрэдээксийэҕэ искусство кэрэ эйгэтин нөҥүө сомоҕолуур СӨ Судаарыстыбаннай национальнай үҥкүү тыйаатырын дириэктэрин, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитин, СӨ култууратын туйгунун Александр Иванович Алексеевы ыҥыран сэһэргэстибит.
Алексеев Александр Иванович
Норуоттар доҕордоһуулара — сомоҕолоһуу
— Александр Иванович, аҕыйах хонугунан Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтээри олоробут. Сомоҕолоһуу диэни эн хайдах өйдүүгүнүй?
— Тыйаатырбыт төрүттэниитэ сомоҕолоһууттан сиэттэрэн тэриллибитэ диэн бэлиэтиэм этэ. Биһиги аҥаардас саха композитордарын, үҥкүүһүттэрин эрэ кытта буолбакка, атын омуктары кытта эмиэ бииргэ үлэлэһэн кэллибит. Ол курдук, Сергей Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан “Куллустай Бэргэн” диэн айымньытыгар испэктээк муусукатын композитор, профессор Игорь Воробьев суруйбута. Аны кылаабынай худуоһунньукпут Санкт-Петербуртан төрүттээх — Олег Молчанов.
Тыйаатырбыт төрүттэммитэ 25 сылыгар анаан, сэтинньи 10 күнүгэр Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар “Үрүҥ күн оҕолоро” диэн саха норуота хантан үөскээн, төрөөн кэлбитин көрдөрөр дириҥ ис хоһоонноох испэктээк туруораары сылдьабыт. Маны Арассыыйа искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Татарстан норуодунай артыыһа, дойду биир ыҥырыыга сылдьар режиссера, хореограба Георгий Ковтуну ыҥыран туруортардыбыт. Үҥкүүһүттэр, аркыастыр чахчы кыахтарын билэн, сөбүлэҥин биэрбитэ. Муусукатын Арассыыйа Композитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот артыыһа Рашид Калимуллин суруйда. Тоҕо кинилэри ыҥырдым? Тоҕо диэтэххэ, аркыастыр, үҥкүүһүттэр, ырыаһыттар сайдалларын туһугар, ити курдук биллиилээх дьон үлэлэһэллэрэ хайаан даҕаны ирдэнэр. Иккиһинэн, саха норуотун искусствотын, үгэстэрин, үһүйээннэрин хасыһан, үөрэтэн биллиннэр диэн санааттан. Одесса тыйаатырыттан Светлана Смирнова хормейстердыаҕа.
Итини таһынан, учуонайдары кытта эмиэ үлэлэһэбит. Ол курдук, саха кырыымпата аан дойду таһымыгар кыайан тахсыбакка турар. Москватааҕы култуура уонна искусство университетын хаапыдыратыгар үлэлиир, анал маастар Владимир Алексеевка кырыымпа оҥорторо сылдьабыт. Научнай кэнсиэпсийэтин Санкт Петербурдааҕы консерватория бэрэпиэссэрэ Игорь Воробьев суруйа сылдьар. Эһиил Дьокуускайга презентациялыыр былааннаахпыт. Арассыыйа — элбэх омуктар сомоҕолоһон олорор дойдулара. Биһиги ити кыаҕы барытын туһанарга дьулуһабыт. Үҥкүү тыйаатыра Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 360 сылыттан саҕаламмыта итиэннэ ол тэтимин, кыаҕын ыһыктыбакка сылдьабыт.
Ансаамбыл тэриллиитэ
— Үҥкүү ансаамбыла хайдах тэриллибитэй?
— Саха Судаарыстыбаннай үҥкүү ансаамбыла 1980 сыллаахха алтынньы 13 күнүгэр тэриллибитэ. Хабаровскайдааҕы култуура судаарыстыбаннай институтун ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1983 сыллаахха кэлээт, тута ансаамбылга артыыһынан киирбитим. Ити сылларга Идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлинэн да талыллыбытым, хомсомуол сэкирэтээринэн да үлэлээбитим. Сыыйа-баайа салайар, түмэр дьоҕурум арыллан, саҥа сүүрээн киирэр. Филармониябыт дириэктэрэ ансаамбыл артыыһыгар, миэхэ итэҕэйэн, гостуруолларга үҥкүүлүүрүм таһынан администратор курдук ыытар этэ. Биир даҕаны киһини тоҥорбокко, эчэппэккэ аҕалыы, артыыстар түһэр сирдэрин кэпсэтии, билиэт атыылааһына, массыына сакаастааһына… Бэйэтэ туспа эппиэтинэс буоллаҕа. Ол курдук, өрүү көмөлөһөрбүн, дьоҥҥо сыһыаммын бэлиэтии көрөн, кэллиэгэлэрим миигин ансаамбыл салайааччытынан талбыттара.
Москваҕа – икки тэрээһин
— Барбах, дойду тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа баран ансаамбылларын билиһиннэрэн кэлбиттэр диэн истибиттээхпин. Ити туһунан кэпсии түспэккин ээ.
— Ити курдук үлэлии сырыттахпына, 1992 сыллаахха быраатым ыалдьан, Москваҕа эмтэтэ барбытым. Уларыйыы-тэлэрийии бөҕө буолаары турар диэн кэпсэтэллэрэ. Быраатым утуйар кэмигэр, быыс-арыт булан историческай миэстэлэринэн күүлэйдиир этим. Ол сылдьан ансаамбылбын Москва биллиилээх диэйэтэллэригэр, композитордарыгар, хореографтарыгар, балетмейстердарыгар көрдөрүөххэ сөп эбит, оччоҕо, баҕар, уларыта тутууга оҕустарбакка, ансаамбылбыт оннунан хаалыа диэн санаа киирбитэ. “Арассыыйа” Судаарыстыбаннай Киин кэнсиэртиир саалатыгар тиийдим. Генеральнай дириэктэргэ: “Саха сириттэн сылдьабын. Отут киһилээх ансаамбыллаахпыт. Мин дириэктэр быһыытынан үлэлиибин. Манна билиһиннэрии (презентация) тэрийиэхпин баҕарабын”, — диэн кэпсээтим. “Саалабытын түүлэһиигэ уларсабыт. Манна кэлэн араас тэрээһиннэри ыыталлар”, — диэтэ. Ботуччу сыананы эттэ. Ол саҕана хамнаспытын сүүстүү тыһыынчанан ыларбыт эрээри, харчы кырыымчык кэмэ этэ. Сааланы көрдөрдүлэр. “Көрөөччү саалата эргийэр, оччоҕо остуол ньуурун курдук буолар. Онно остуоллары киллэрэн, эрэстэрээн курдук тэрийэн, 200 киһини ыҥыран аһата-сиэтэ билиһиннэриигитин оҥоруоххутун сөп. Сыана икки кытыытынан улахан экран туруоҕа. Онно Сахаҕыт сирин туһунан видеону аҕалан көрдөрөөрүҥ. Быыстапка, атыы-тутуу тэрийиэххитин сөп”, — диэн сүбэлээтилэр. Дуогабар түһэрсиэхтээх Саха сирин филармониятын дириэктэригэр Филиппов Василий Васильевичка бу санаам, кэпсэтиим туһунан тыл быһаҕаһын да быктарбакка сылдьабын. Дириэктэрбэр Дьокуускайга кэлэн баран биирдэ кэпсээтим. “Үчүгэй, үчүгэй”, — диэн, хата, сөбүлэҥин биэрдэ. Биир үтүө күн үлэбэр тиийбиппэр: “Эйигин СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Климент Кириллович Корякин көрсүөн баҕарар үһү”, — дии тоһуйдулар. Ити 1992 сыл атырдьах ыйыгар этэ. “Сураҕа, эн Москваҕа презентация тэрийээри сылдьар үһүгүн. Ханна, хайдах тэрийэргин кэпсээ”, — диэтэ. Мин барытын хайдах баарынан сиһилии билиһиннэрдим. “Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 360 сылын бэлиэтиэхтээхпит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын маастардарын үлэлэрин көрдөрөрбүтүгэр ити улахан сааланы биһиэхэ уларсалларын курдук кэпсэтиэҥ дуо”, — диэн көрдөстө. Мин тута билистим, москвалар сөбүлэстилэр. Саха сирин ити тэрээһинэ балаҕан ыйын 28 күнүгэр, биһиги тыйаатырбытын билиһиннэрии балаҕан ыйын 29 күнүгэр буолбута. Инньэ гынан, Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 360 сылыгар аналлаах тэрээһин сүүрүүтүгэр-көтүүтүгэр эмиэ эппиэттээх буоллум. Барыта бэркэ этэҥҥэ табыллыбыта.
Тыйаатыр тэриллиитэ
— Оттон Үҥкүү тыйаатыра хайдах баар буолбутай?
— Алтынньы бүтүүтэ, баччаларга, СӨ бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыҥырда диэтилэр. Көрсүһүүгэ кэлэктииптэн уонча артыыһы уонна Култуура министиэристибэтиттэн аҕыйах киһини ыҥырталаабыт этилэр.
“Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 360 сылын бэлиэтиир, ансаамбылы билиһиннэрэр тэрээһиннэр үчүгэйдик ааспыттарынан, Үҥкүү ансаамбылын кэлэктиибигэр махталбын биллэрэбин. Москватааҕы култуура, искусство диэйэтэллэрэ Саха сирин үҥкүүтүн ансаамбыла хайдахтаах курдук үрдүк таһымҥа сылдьарын туһунан санааларын эппиттэрэ. Уфаҕа Башкирия народнай ырыатын уонна үҥкүүтүн судаарыстыбаннай ансаамбылларын кэнсиэригэр ыҥырбыттара. Олус үчүгэй үҥкүүнү көрдөрбүттэрэ. Биһиги ансаамбылы буолбакка, тыйаатыры тэрийиэххэ”, — диэн эппитэ. Миигин ыҥыран ылан ансаамбылбын Москваҕа билиһиннэриим туһунан сиһилии ыйытта, үбүн-харчытын хантан булбуппун туоһуласта. Биһиэхэ спонсордаабыт “Сардаана” фабрика уонна атах таҥаһын оҥорор кэмбинээт илдьибит оҥоһуктара, табаардара дьаарбаҥка кэмигэр барыта атыыга барбытын туһунан кэпсээтим. Истэн олорон баран: “Эйигин дириэктэринэн аныыбын”, — диэтэ. Тыйаатыр тэриллэрин, дириэктэринэн аныахтааҕын туһунан түһээн даҕаны баттаппатаҕым. Барыта олус соһуччу буолла. Олорто. Онтон сэһэргэһэ олорон иккистээн ыҥыран ылла итиэннэ дириэктэр буоллахпына, тыйаатыр инники сайдыытын хайдах көрөрүм туһунан туоһуласта. Ити ыйытыы миэхэ соһуччу буолбатах этэ, букатын мунаахсыйбатаҕым. “Михаил Ефимович, саха норуота киэн туттар олоҥхолоохпут, үһүйээннэрдээхпит. Ол барыта тыйаатырбытыгар үҥкүүнэн дьүһүйүллэн, испэктээк айыллыан сөп диэн көрөбүн”, — диэбиппэр, – аны олоҥхо диэн бардыгыт дуу, диэн баран күлэн кэбиспитэ уонна “сөп” диэбитэ.
Оҕо саастан силис тардан…
— Идэҕин таларгар, салайааччы буоларгар туох төрүөт буолбутай?
— Хабаровскай кыраайга сулууспалаабытым. БАМ-ы тутуспутум. Икки сыл сулууспалаан баран, Хабаровскай куораты сөбүлээн, онно үөрэнэргэ санаммытым. Ити – бастакытынан.
Иккиһинэн, Горнай улууһугар 11 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар уопсастыбаннай үлэҕэ кыттарым, үҥкүүнэн, ырыанан-тойугунан дьарыктанарым. Биир үксүн ити төрүөт буолбута.
Үсүһүнэн, аҕабыт иитиигэ, дьоҥҥо убаастабыллаахтык сыһыаннаһарга улахан болҕомтотун уурара. Сыры-сыллатааҕы аҕыс уолу мас, муус киллэриититтэн саҕалаан, бары уустук үлэҕэ барытыгар үөрэппитэ. Ити буһуубут-хатыыбыт кэлин үлэбитигэр улахан олук буолбута. Аармыйаҕа эмиэ уустуктары көрсүбэтэҕим. Тоҕо диэтэххэ, бары “спартанскай оскуоланы” дьиэбэр аастаҕым.
Филармонияттан тахсыы
— “Ийэтиттэн арахсыбыт” тыйаатыр туох уустуктары көрсүбүтэй?
— Ити курдук, Саха национальнай үҥкүүтүн тыйаатыра тэриллэрин туһунан 1992 сыллаахха ыйаах тахсар. Маҥнай утаа, биллэн турар, уустуктар бааллара. 1994 сыллаахха аан маҥнайгы “Уруу” диэн испэктээкпитин көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыппыт. Муусукатын Аркадий Самойлов суруйбута, хореограф – Геннадий Баишев. Сахалар былыр хайдах кэргэн кэпсэтэллэрин туһунан сиэри-туому көрдөрүү этэ. Үлэ тигинэччи барбыта. Итиниэхэ биһиэхэ Саха сирин композитордарын сойууһа төһүү күүс буолбута.
Тыйаатырбыт Кыыл Уола аатын 2005 сыллаахха ылыммыта. Кини бэйэтэ отуттан тахса үҥкүүнү туруорбут. 1957 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт Устудьуоннар аан дойдутааҕы бэстибээллэригэр “Оһуор үҥкүүтүн” көрдөрөн суон сураҕырбыт. Төһө да үөрэҕэ суох буоллар, айылҕаттан бэриллибит киэҥ билиилээҕэ, туох баар сахалыы хамнаныыларга бэйэтэ мелодия айара.
Үйэ чиэппэрэ
— Үбүлүөйгүтүн туох ситиһиилэрдээх көрсөн эрэҕитий?
— Уларыта тутуу сылларыгар идэлээх тыйаатыры тэрийии уустук этэ. Анал үҥкүүһүттэрдээх, анал үөрэхтээх аркыастыр, худуоһунньуктаах, иистэнэр сыахтаах, сыана уотун-күөһүн көрөр үлэһиттэрдээх буолуохтаах. Кэннибитин хайыһан көрдөхпүтүнэ, бэйэбит тыйаатыр быһыытынан үүнэн-сайдан кэллибит. Ол курдук, 37 испэктээги айан таһаардыбыт. 1999 с. Францияҕа аан дойдутааҕы үҥкүү фольклорнай куонкуруһугар лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. 2012 с. Соҕуруу Кореяҕа норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ баран үрүҥ көмүс мэтээли ылан кэлбиппит. “Бохсуруйуу” испэктээкпитинэн 2004 с. аан дойдутааҕы “Большая свеча” диэн бастакы электроннай бэстибээлгэ бастаан турабыт. 25 сыл устата элбэх артыыспыт үрдүк аакка-суолга тигистэ. Тыйаатыр аркыастыра эһиил төрүттэммитэ 25 сылын бэлиэтиэхтээхпит.
Саха ырыатын, үҥкүүтүн атын дойду, Арассыыйа сыаналарыгар киэҥ далааһыннаахтык көрдөрдүбүт. Сахалар бэйэбит култуурабытын сүтэрбэккэ, симэлиппэккэ илдьэ сылдьыахтаахпыт диэн бигэ өйдөбүллээхпит.
Арай, анал дьиэбит-уоппут эрэ суох. Киирдиҥ да, улуу Зверев ырыата-тойуга угуйа турар оһуор мандардаах храма тутуллара буоллар диэн ыра санаалаахпыт. Хас биирдии үктэммит киһи чахчы храм эбит диирин курдук. Анал дьиэбит суох буолан, онно-манна кыбыллабыт. Аны артыыстар хамнастара олус кыра. Туспа баран, улуу Зверев олоҕун, үлэтин көрдөрөр түмэл тэрийиэхпитин эҥин баҕарабыт. Саха дьиэрэҥкэйинэн, оһуокайынан аатырбыт омук. Оскуола саастан үҥкүүгэ сыстаҕастар. Ол иһин, мин санаабар, маннык идэлээх тыйаатыр баара олус наадалаах. Науканы кытта ыкса үлэлэһэр буолан, уопсайа 3 научнай кэнсиэпсийэ суруллубута. Онно олоҕуран, инникитин кыра саастаах оҕолорго сахалыы хамнаныыны үөрэтэр национальнай устуудьуйа тэрийэн, саҥа саҕахтары арыйан үлэлиир былааннаахпыт.
Олоҕун олуктара
Алексеев Александр Иванович
1958 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр Горнай оройуонун Маалтааны нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1976 с. оскуоланы бүтэрбитэ. 1976-1979 сс. аармыйаҕа сулууспалаабыта. 1979-1983 сс. Хабаровскайдааҕы култуура судаарыстыбаннай институтугар үөрэммитэ. 1993-1995 сс. кэтэхтэн тустаах институт социальнай-экономическай бакылтыатын бүтэрбитэ. 1983 с. Саха Судаарыстыбаннай үҥкүүтүн ансамбылыгар балет артыыһынан киирбитэ. 1992 с. күн бүгүнүгэр диэри СӨ национальнай үҥкүү тыйаатырын дириэктэринэн үлэлиир.
Сэмсэ тыл
Ангелина Лукина, РФ искусстволарын үтүөлээх үлэhитэ, искусствоведение доктора, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун бэрэпиэссэрэ:
— Үҥкүү тыйаатыра 25 сыл тухары төрүт саха үҥкүүтүн, муусукатын харыстыырга, сайыннарарга үтүмэн үлэни оҥорон кэллэ. Александр Иванович бэйэтэ үҥкүүhүт буолан ити хайысханы иhиттэн үчүгэйдик билэр, өйдүүр. Айар үлэҕэ табыгастаах усулуобуйа суоҕун да үрдүнэн, тыйаатыр үлэтин намтаппакка кэллэ. Биллэрин курдук, үҥкүү ансаамбыла тэриллиэҕиттэн 37 сыл ааста. Бу тухары дьиэтэ-уота суох үлэлээн кэллэ. Александр Иванович 90-с ыарахан сылларыгар, кириисис үгэннээн турар билиҥҥи кэмнэригэр тыйаатыр айар үлэтин таhымын уонна тэтимин ыһыктыбакка аҕалбыт үтүөтэ-өҥөтө улахан.
Людмила Попова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru