Кэнники кэмнэргэ аан дойдуга, биһиги Дьокуускайбытыгар эмиэ, этническэй фитнес диэн өйдөбүл күүскэ киирдэ. Аныгылыы эттэххэ – этнофитнес диэн тренд (сайдыы хайысхата) баар буолла. Бу, мин санаабар, хобби – иллэҥ кэмҥэ сөбүлүүр дьарык эрэ буолбатах, үгүс дьоҥҥо, ордук кэрэ аҥаардарга, олохторун истиилигэр кубулуйан эрэр…
Бүгүн биһиэхэ “Эгэй” этнофитнес салайааччыта Ирина Федорова ыалдьыттыыр.
— Ирина, бастатан туран, этнофитнес диэн тугун, идэлээх киһи быһыытынан, баһаалыста, быһааран биэр эрэ…
— Фитнес диэн, уопсайынан ылан көрдөххө – дьарыктаныы, эти-хааны эрчийии. Урут үксүгэр аэробика, ритмика диирбит. Оттон этнофитнес — бу көннөрү дьарык буолбатах, этно — төрүт эйгэҕин кытта ситим. Ол аата, холобур, биһиги саха омук дьоно, бэйэбит сахалыы үҥкүүбүт хамсаныыларынан эппитин-хааммытын эрчийэн, төрүт эйгэбитин кытта ситиммитин булабыт, сүргэбитин көтөҕөбүт.
— Маннык дьарыгы саҕалыыр санаа туохтан үөскээбитэй?
— Бэйэм, киһи омугар утары уунардаах, бэлэхтээх буолуохтаах, диэн санааттан, төрүт култуурабын үөрэтэр, чинчийэр баҕалаах, ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун культурологияҕа салаатын үөрэнэн бүтэрбитим. “Развитие этнофитнеса в Республике Саха (Якутия)” диэн тиэмэҕэ дипломнай үлэбин туйгуннук көмүскээбитим. Научнай салайааччым — педагогическай наука кандидата, культурология кафедратын профессора Галина Семеновна Попова-Санаайа. Учууталбар, кафедра үлэһиттэригэр уонна ИЯиКН дириэктэригэр Гаврил Григорьевич Торотоевка истиҥ махталлаахпын!
Онон, үөрэхпин бүтэрэн баран, этнофитнеспын, дьүөгэлэрим, кэрэ аҥаардар, ыал ийэлэрэ, дьиэлэригэр буоллун, үлэлэригэр буоллун – төгүрүччү түбүккэ сылдьалларын көрө сылдьар буоламмын, саҕалыырга санаммытым. Өбүгэлэрбит кэрэ хамсаныыларын, кэрэ эйгэлиин ситимнэрин үйэтитэр баҕа баар буолан, бу “Эгэй” этнофитнес диэн дьарык үөскээн таҕыстаҕа.
Манна кэрэ аҥаардар, үчүгэй муусука доҕуһуолунан, сахалыы үҥкүү хамсаныыларынан иэйиилэрин аһаллар уонна эттиин-хаанныын чэбдигирэн, сэргэхсийэн, чэпчээн, астыныыны, дуоһуйууну ылаллар.
“Үҥкүү” диэн — “үҥүү” диэн тылга олоҕуран үөскээбит тыл. Былыр саха омук олоҕо саҕыллар кэмигэр үҥэн, үҥкүүлээн, кэрэ эйгэҕэ ситимҥэ киирэн алгыс тардаллар, туруктарын сөпкө оҥостуналлар эбит. Дьэ ол, саханы саха дэппит тыыммыт биһиги күннээҕи олохпутугар дьарык быһыытынан киирэрин туһугар үлэлэһэ сылдьабыт.
Саха дьахтара, кэрэ аҥаар, бэйэтин матыыбыгар, бэйэтин хамсаныыларыгар, бэйэтин омугун таҥаһын таҥнан туран, сүргэтин көтөҕөр, эрчим, тыын ылар, туругун тупсарар дьарыктаах буоллаҕына, омукпут кэрэ кэскилэ кэҥиэ диэн бигэ санаалаахпын.
— Эгэлдьийэн, сэгэлдьийэн… диэн, үҥкүүлээн эрэр турук, киһи сэргэхтик тутта сылдьара.
— Эн дьарыккар ким сылдьыан сөбүй?
— Ким баҕалаах барыта кэлэн дьарыктаныан сөп. Сааһыттан тутулуга суох. Тоҕо диэтэххэ, биһиги ойуоккалаабакка, ыстаммакка, үҥкүү хамсаныыларын оҥоробут… Миэхэ “Эгэй”-гэ билигин быһа холуйан 60-70-ча кэрэ аҥаар, кыыс-дьахтар нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэн биирдии чаас дьарыктанар.
— Дьарыктанааччы хайаан даҕаны сахалыы таҥастаах буолуохтаах дуо?
— Хайа баҕарар бэйэҕэр сөптөөх, хамсанаргар табыгастаах таҥаһы таҥнаҕын. Ол эрээри, манна үс чахчыга болҕомто ууруллар: бэйэ омугун үҥкүүтүн хамсаныыларыгар, муусукатыгар-ырыатыгар, бэйэ омугун таҥаһыгар. Бу “Үс кут” диэххэ сөп, кинилэр дьүөрэлэһиилэрэ иэйиини уһугуннарар, үөрүүнү аҕалар, айыыларбытын кытта ситими аһар… Оттон, кыргыттар сахалыы былааччыйаларын сайбаччы кэтэн кэлэллэрэ көрүөхтэн үчүгэй. Бу барыта – үҥкүү, муусука, сахалыы таҥас — этнофитнес күннээҕи олохпутугар дьарык быһыытынан киирэрэ олохпутун сиэдэрэйтэн сиэдэрэй оҥорор.
— Эр дьон тоҕо этнофитнеһинэн дьарыктамматый?
— Эр дьон хамсаныыта олох атын буоллаҕа. Кинилэр туруктара атын, ураты. Мин дьарыгым кэрэ аҥаардарга аналлаах. Оттон эр дьоҥҥо аналлаах дьарык баар буолуоҕа биһирэнэр.
— Оҕолорго маннык бырайыак баар буолуон сөп дуу?
— Баар буолуоҕа уонна наадалаах даҕаны. Итиннэ билигин үлэлэһэ сылдьабын. Саха оҕото бу дьарыкка кыратыттан сырыттаҕына кини этинэн-хаанынан да, истиҥ-кэрэ эйгэтинэн да чэбдик буолар туруктанар.
— Эн дьарыккар муусука улахан оруоллаах эбит диэн көрдүм…
— Оннук. Муусуканы бэйэм талабын. Бастаан, уоскулаҥы булан, испитинэн тыына үөрэнэргэ хомус тыаһа олус туһалаах эбит диэн, хомуһу киллэрбитим. Онтон, “һыттыа-һыттыа” хамсаныылар, “оһуор” үҥкүүтэ, алгыс тардыыта… итинник баран иһэр, саха эстрадатыттан ырыаларынан түмүктүүбүн…
— Хамсаныылары эмиэ бэйэҥ толкуйдуугун дуо?
—Бастаан учуонайдар, искусствоведтар үлэлэрин билсибитим. Холобур, искусствоведение дуоктара Ангелина Лукина “Якутский эпос: кинетика и одежда” диэн үлэтигэр үҥкүү хамсаныыларын (обрядовые движения), Санаайа “Киһитийии” научнай үлэтин үөрэппитим… Бу эйгэҕэ туох саҥа киирэрин барытын көрө-истэ, үчүгэйин иҥэринэ, үөрэтэ сылдьабын.
— Этнофитнеһиҥ эйгэтинэн инникитин туох былааннардааххын?
— Өссө үлэлии, быраактыкалана түһэн баран, инникитин наукаҕа киириэм дии саныыбын. Билиҥҥитэ, бээтинсэттэн ураты күн аайы дьарыктыыбын. Улуустартан – Горнайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан ыҥырыылар киирдилэр. Бу соторутааҕыта, улуустааҕы Дьахтар кэмитиэтин ыҥырыытынан, дойдубар Чурапчыга тиийэн маастар-кылаас биэрэн кэллим. Олус үчүгэйдик тэрийбиттэрин иһин махтанабын.
Оттон манна, Дьокуускайга дьарыктанар дьүөгэлэрбиниин былаан эмиэ үгүс, санаа бөҕөх – онтон биирдэстэринэн, табылыннаҕына, саас ыам ыйыттан сарсыарда эрдэ аны таһырдьа, болуоссаттарга тахсан, сахалыы былаачыйабытын сайбаччы кэтэн туран, сахалыы үҥкүүнэн хамсаныыларбытын оҥоруохпут… Саха дьахтарын олоҕун сиэдэрэй оҥоруу – бу, мин санаабар, олус үөрүүлээх, кэскиллээх суол.
— Ирина, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал!
Сэмсэ тыл
Надежда ПАВЛОВА, ГЧИ научнай үлэһитэ, филологическай наука кандидата:
— Ирина бэйэтэ сырдыгынан-сылааһынан сыдьаайар күн кэриэтэ, бэйэтин тула үгүс дьону түмэр. Саха үҥкүүтүн хамсаныылара норуот итэҕэлин, сиэрин-туомун кытта ыкса ситимнээхтэр: күҥҥэ сүгүрүйүү, үрдүкү айыыларга, айылҕа күүһүгэр махтаныы, көрдөһүү — бу барыта этнофитнес сүрүн хамсаныылара. Төрүттэрбититтэн кэлбит үҥкүү хамсаныылара биһиэхэ, саха дьахталларыгар, ордук чугас буолан, оҥорорго судургу курдук, илииҥ-атаҕыҥ бэйэтэ улгумнук барар. Үҥкүүлүү сылдьан, күннээҕи кыһалҕаҕын умнаҕын уонна үөрүү, таптал, махтал, дьол долгунугар киирэҕин. Кыыс, дьахтар аймах куруук күлэ-үөрэ, сырдыгынан-сылааһынан сыдьаайар буоллаҕына, кини кэскиллээх олоҕу түстүүр аналлаах, тулалыыр эйгэтин көстүбэт күүһүнэн көмүскүүр-харыстыыр, араҥаччылыыр айылгылаах буолар.
Олоҕун олуктара
Федорова Ирина Владимировна
1973 с. Орто Халыма улууһун Налимскай бөһүөлэгэр төрөөбүтэ.
1990 с. Чурапчы улууһун Одьулуун орто оскуолатын бүтэрбитэ.
1991 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи I “Туйаарыма Куо-1991” Кэрэ Куолар куонкурустарын кыайыылааҕа.
2002 с. “Даймонд-Тур” туристическай компанияны тэрийэн үлэлэппитэ.
2017 с. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун бүтэрбитэ, “социокултуурунай бырайыактааһын” идэни ылбыта.
2017 с. алтынньы саҥатыттан “Эгэй” этнофитнес салайааччыта. Кэргэннээх, 3 оҕо күн күбэй ийэтэ.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru