Быйыл суруйааччы, публицист, суруналыыс, литературнай кириитик, лингвист, бэчээт үлэһитэ, государственнай, общественнай деятель Алексей Андреевич Иванов-Күндэ төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр. Сунтаар улууһугар Кутана нэһилиэгэр Күндэ аатынан мусуойу төрүттээбит СӨ үтүөлээх учуутала Трофим Семенович Кириллин туһунан ахтыыны ааҕыҥ.
edersaas.ru, Зоя Кириллина
Мин 1975 сыллахха библиотекарь идэтин баһылаан, Кутанаҕа ананан үлэлии кэлбитим. Трофим Семёнович Кириллин 1976 сыллаахха СГУ-ну бүтэрэн, бастаан Тойбохойго ананан үлэлээн баран, Сунтаар I-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар үлэлээбитэ. 1981 сыллаахха төрөөбүт Кутанатыгар үлэлии кэлбитэ.
Онно билсэн 1982 сыллаахха ыал буолбуппут. Сыбаайбабытыгар Кутанаҕа краеведческай музей тэрийбит Николай Иннокентьевич-Куола учуутал: «Миигин солбуйар үөрэнээччим кэлбит, үөрэ-көтө музейбын туттарабын», — диэн күлүүс тылын биэрбитэ. Трофим Семёнович интернакка баспытааталынан үлэлээбитэ, саха тылыгар аҕыйах чаастааҕа. Общественнай ноҕурууска курдук үлэтин саҕалаабыта. Күндэ кэпсээннэрин оҕо сылдьан аҕатыттан, эмиэ саха фольклорун өрө тутар, сээркээн сэһэнньит Семен Дмитриевичтан истибитин, кини биһиэхэ үлэтиттэн кэлэн баран Күндэ халыҥ күөх тастаах кинигэтиттэн дьикти кэрэ кэпсээннэри ааҕара диэн кэпсиирэ. Ол курдук Күндэ сырдык аата миигин оҕо эрдэхпиттэн арыаллаабыта. Дьылҕам миигин Күндэ аатын кытта ыкса сибээстээбитэ.
Аналым, олоҕум биир сыалга-сорукка — Күндэ сырдык аатын-суолун, үлэтин-хамнаһын сырдатарга-анаммытыгар дьылҕабар сүрдээҕин махтанабын диирэ. Ол курдук Күндэ үлэлээбит, үөрэммит, олорбут дьиэтигэр, тоҥ хаһаа оскуола ыскылаата буолан турарын ыраастаан, Күндэ мемориальнай музей дьиэтин тэрийбитэ. Күндэ чугас аймахтара, суруйааччы Уйбаан Нуолур сыаната биллибэт, күндүттэн-күндү Күндэ малларын бэлэхтээбиттэрэ. Онон музей сэтинньи 3 күнүгэр 1984 сыллаахха аһыллыбыта.
Мин иккис кыыспытын оҕолонон олорорум. Уйбаан Нуолур музей аһыллыытыгар кэлэ сылдьан, кыыспытын Күндэлиинэ диэн ааттаан сүрэхтээбитэ. Түүн-күнүс, бытархан тымныыларга Күндэҕэ кэлбит ыалдьыттарга, тыбыс тымныы музейын көрдөрө барара. Ол саҕана делегациянан музей көрө кэлэллэрэ. 1983 сылтан Күндэ ааҕыылара саҕаламмыттара. Тиһигин быспакка сылын аайы Күндэ ааҕыыларын ыытара. Кэлиҥҥи кэмнэргэ чугастааҕы нэһилиэктэргэ бэйэтэ баран ыытара, ыаллыы сытар Сиэйэҕэ мэлдьи күүтүүлээх ыалдьыт буолара. Дэлэҕэ оскуола оҕолоро: «Оо, Күндэ кэллэ», диэн үөрэ-көтө көрсүөхтэрэ дуо. Трофим Семёнович үөрэппит учууталыгар — Куола Учууталга бэйэтигэр сыһыаран, үөрэтэн-такайан музей үлэтигэр уһуйбутугар, Күндэҕэ сыһыаннааҕы барытын сыа-сым курдук тутан, уура-харайа сылдьан, кэнчээри ыччаттарыгар бэлэх гынан ууммут күндү учууталыгар анаан «Краеведы» диэн нууччалыы суруйбут бастакы кинигэтин 1995 с. таһааттарбыта.
1994 с. саҥа музей-дьиэ акылаата түспүтэ. Алексей Андреевич Иванов-Күндэ төрөөбүтэ 100 сылын көрсө 1998 ыллаахха аҕыс кырыылаах Айыы Алаһатын кытта холбуу Күндэҕэ аналлаах литературнай музейын аспыта. Музейыгар күннэри-түүннэри, өрөбүлэ суох үлэлиирэ. Туораттан туох да көмөтө суох, музейын бэйэтэ ханаппаакылаан, ис суруктарын бэйэтин кыраһыабай буочарынан суруйан стендэ бөҕөнү оҥорбута. Хороттон Күндэ аймаҕыттан Татьяна Петроваттан былыргы ыскаабы, олоппостору, Күндэ уруһуйдарын тиэйэн аҕалбыта. Элбэх оҕолоох Мария Филипповна Ивановаттан Бучуукалар улахан остуолларын бэлэхтэппитэ. Биир хоһу олохтоох суруйааччыларга анаабыта. Онно Күндэ бүүһэ, паартата баар. Ол паартаҕа уруккуттан бастыҥ үөрэнээччилэр олороллор эбит. Хас сыл аайы балаҕан ыйын 1 күнүгэр бастакы кылааска киирэр оҕолору музейыгар ыҥыран бастакы уруоктарын ыытан Күндэ паартатын, музейын кытта билиһиннэрэр үтүө үгэстээҕэ. Айыы Алаһатын миэбэлин: остуоллары, устууллары, ыскамыайкалары оччотооҕу «Якутмебель» генеральнай директорыттан Владимир Гаврильевич Павловтан спонсордаппыта. Музейын киһи кэрэхсээн сылдьар гына оҥорбута. Айыы Алаһатыгар эдэр ыаллары алҕаталыыра, дьоллорун түстүүрэ, араас тематическай биэчэрдэри, биллэр дьоннору, суруйааччылары кытта көрсүһүүлэри тэрийэн ыытара. Нэһилиэнньэ араас араҥатыгар «Поле чудес» дьиктилээх хонуутун ыытара. 2016 с. 25-ис үбүлүөйдээх оонньуутун ыытарыгар «Уран Саха» генеральнай директорыттан Лука Митрофанович Егоровтан 10 үрүҥ көмүс киэргэли спонсордатан, нэһилиэнньэҕэ ыытан, элбэх киһиэхэ үрүҥ көмүс киэргэллэри бэлэх ууммута. Трофим Семенович бу музейыгар үлэлииригэр биир биэс харчыны ылбакка үлэлээбитэ. Штат суох диэнтэн атыны билбэттэрэ. Арай ыалдьан баран Тойбохойтон штат ылан 5-6 эрэ сыл үлэлээтэ. 2016 сыллаахха ол штата сарбыллыыга түбэспитэ. Ол да буоллар, музей үлэлиэхтээх диэн санаанан салайтаран үлэлии сылдьыбыта, 2017 сыллаахха музей күлүүһүн ылыахтарыгар диэри. Ол да буоллар, санаата наар музейыгар этэ.
Күндэ төрөөбүт алааһыгар Саппыйаҕа мемориальнай өйдөбүнньүк бэлиэни, оччотооҕу баһылык солбуйааччыта Егорова Валентина Николаевна быһаччы өйөбүлүнэн, көмөтүнэн оҥотторбута. Онтун кэлин «Айан-Суол» ХЭТ уолаттарынан саҥардыбыта. Күндэ 100 сылыгар «Сөрүүн сүөгэй тылынан…» диэн ахтыы кинигэни хомуйан 1998 сыллаахха таһааттарбыта. Бу сыл Кутана нэһилиэгэ — Күндэ дойдута кинигэни редактордаан таһааттарбыта.
Биэс сыл устата Саха суруйааччыларын айымньыларынан бүтүн пьесаны бэлэмнээн сылга биирдэ дьон дьүүлүгэр таһаарарбыт. Ол курдук А. И. Софронов «Дьадаҥы Дьаакып», П. А. Ойуунускай «Оҕоҕо баҕарбыт», Н. Д. Неустроев «Кэччэгэй кэриэһэ суох», Т. Сметанин «Атын киһи оҕото». Улуустааҕы театральнай түмсүүлэр күрэхтэригэр олохтоох суруйааччылар Уйбаан Нуолур, И. Ф. Семенов айымньыларынан «Быраһаай Алааһа» диэн испэктээги Трофим Семенович сценарийынан туруоран I-кы миэстэни ылбыппыт. Сунтаар кииннэммит библиотекатын үлэһиттэрэ А. Н. Шадринованы, Н. Н. Алексееваны кытта Сунтаар суруйааччыларын туһунан киинэлэри устууга үлэлэспитэ. Күндэ 110 сылыгар 2009 с-ха сэтинньигэ «Кэрэтиэн эдэр саас» диэн Күндэ эдэр сааһын, доҕотторун туһунан киинэ Трофим Семенович сценарийынан уһуллубута. «Күндэ аата күндү» «Сунтар ТВ» киинэ уһуллубута.
Трофим Семенович Күндэ аатын А. Н. Миронов баһылыктаан олордоҕуна Элгээйи уулуссатыгар иҥэттэрбитэ. Күндэни таһынан олохтоох суруйааччыларын А. Е. Бүлүүйүскэйи, Н. М. Андреевы — Түгүннүүрэби, эдэркээн 20 сааһыгар сэриигэ баран өлбүт поэт Василий Наумович үтүө ааттарын тилиннэрбитэ. Барыта 15 кинигэни таһааттарда. Тойбохойго үлэлиир кэмигэр кылааһын оҕолорун кытта үлэтин туһунан дакылаат суруйбута үрдүктүк сыаналанан Казань куоракка Бүтүн Сойуустааҕы үчууталлар конференцияларыгар баран ситиһиилээхтик кыттыбыта. Научнай дакылааттарга элбэх оҕону бэлэмнээн кытыннарара. Кутанаттан Валя Федорова Владимир куоракка буолбут научнай-краеведческай конференцияҕа Бүтүн Сойууска бастаабыта. Трофим Семёнович идеятынан, 2003 сыллаахха оччотооҕу «Айан-Суол» генеральнай директора Владимир Макарович Крыжановский, баһылык Владимир Николаевич Архипов быһаччы көмөлөрүнэн музей-библиотека тутуллан үлэҕэ киирбитэ. 2006 сыллаахха Сунтаарга ыытыллыбыт 4-ис спортивнай оонньуулар чэрчилэринэн Үлэ Албан Аата Музей аһыллыбыта. Эмиэ наһаа үчүгэй музейы оҥорбута үп-харчы суоҕунан сабыллан хаалбыта. Ити музейын оҥорор түбүгэр, түүннэри-күннэри үлэлээн гемморическай инсулаабыта. Олоххо иккистээн төннөн санаатын модун күүһүнэн тэллэй буолан ыһыллыбыт краеведческай музейы, хаалбыт сээкэйин кыараҕас да буоллар Айыы Алаһатыгар киллэрэн иккис тыыннаабыта. Тылбааһынан дьарыгырбыта: Америка индеецтэрин олоҥхотун. Чингиз Айтматов «Чыҥыс-хаан үрүҥ былытын», «Буурҕалаах тохтобулун», А. Кривошапкин «Табалаах дьон» кинигэтин тылбаастаабыта. Казахтар «Кобланды Баатыр» эпостарын, «Хижина дяди Тома» тылбаастаабыта тахса иликтэр. Киргизтэр “Манастарын” тылбаастаабыта Россия бастыҥ кинигэтин ахсааныгар киирэн үөрдүбүтэ. Трофим Семенович нэһилиэгэр оҥорбут сүҥкэн кылаатын, кини үтүө дьыалатын өйдөөн, өйөөн олохтоох дьаһалта Трофим Семенович тыыннааҕар 2017 сыллаахха кини аатын уулусса баар буолбута. Бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ туруорсан аатын 2020 сыллаахха Кутана сельскэй модельнай библиотекатыгар иҥэрбиттэрэ. Онон олохтоох нэһилиэкпит депутаттарыгар, баһылыкпытыгар Николай Васильевич Давыдовка биһиги дьиэ кэргэн аатыттан барҕа махтал тылларын этэбит. Трофим Семенович тэрийбит музейа элбэх сэдэх материаллардаах, ону чинчийэн дьон-сэргэ билиитигэр таһаарар, үлэлиир баҕалаах, эдэр киһи үлэлиирэ буоллар, диэн баҕа санаалааҕа. Билиҥҥи балысхан сайдыы кэмигэр музейдары виртуальнай оҥорон дьон-сэргэ билиитигэр таһаараллар. Кини музейа эмиэ итинник таһымҥа тахсыан баҕарара…
Кириллина Зоя Григорьевна, СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун култууратын бочуоттаах бэтэрээнэ, “Далбар Хотун” түмсүү салайааччыта, Т. С. Кириллин аатынан Кутана сельскай модельнай библиотекатын сүрүннүүр специалиһа.