Күндэйэҕэ саҥа оҕо саада тутуллар

Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга оҕо уһууйаннарын тыа сиригэр күргүөмнээх тутуу үлэтэ ыытыллар.

Холобур, былырыын “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн 1,5-3 саастаах оҕолорго анаан биирдиилээн урбаанньыттарга 445 эбии миэстэ тэриллибитэ, Нам, Уус Алдан, Амма, Таатта, Бүлүү, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Томпо, Өлүөхүмэ, Алдан оройуоннарыгар 1 710 миэстэлээх 13 уһуйаан үлэҕэ киирбитэ.
Сунтаар улууһун Күндэйэтигэр 50 миэстэлээх оҕо саада  «Комплексное развитие сельских территорий на 2020-2025 годы» судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн тутуллар. Тутуу бэдэрээтчитэ   «Главстройкомплекс» ХЭУо.

Бүгүҥҥү туругунан тутуу   32 % бэлэм. Тутууга алта киһи үлэлии сылдьар. Былаан быһыытынан уһуйаан бу сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0