Күндэ хаартыската көһүннэ

18.03.2021
Бөлөххө киир:
Быйыл суруйааччы, публицист, суруналыыс, литературнай кириитик, лингвист, бэчээт үлэһитэ, государственнай, общественнай деятель Алексей Андреевич Иванов-Күндэ төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр.
Бу күннэргэ Сунтаар улууһун  архыыбыгар Күндэ хаартыската көһүннэ. Бу хаартысканы архыыпка Людмила Ивановна Игнатьева бэлэхтээбит. Манна Күндэ уҥа өттүгэр кытыы олорор. 1914 сыллаахха Иркутскайга үөрэнэ сылдьан түспүттэр диэн Сунтаартан култуура салаатын начаалынньыга Мария Кобельянова иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0