Быйыл суруйааччы, литературнай кириитик, тыл үөрэхтээҕэ, учуонай, тылбаасчыт, уопсастыбаннай диэйэтэл Алексей Андреевич Иванов-Күндэ төрөөбүтэ 125 сылын туолла. Кини төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар – Сунтаарга сыл устата Күндэ үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Түмүктүүр тэрээһин ахсынньы 16 күнүгэр Саха тыйаатырын Алампа аччыгый саалатыгар буолла.
Саалаҕа А.А. Иванов-Күндэ олоҕун, айар үлэтин сырдатар былыргы хаартыскалары, сэдэх кинигэ быыстапкатын А.С. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ, Л.А. Попов аатынан Сунтаардааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ, Күндэ аатынан Кутанатааҕы мусуой үлэһиттэрэ аҕалан туруорбуттар.
Көрөөччүлэри арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан уонна сүрэххэ сөҥөн киирэр, сайыны санатар кии сытынан, тойугунан, хомус дьүрүскэн тыаһынан көрсөн, тута ураты эйгэҕэ киллэрдилэр.
СӨ култууратын туйгуннара Евдокия Захарова, Татьяна Семенова “Сөрүүн сүөгэй тылынан” литературнай-музыкальнай дьүһүйүүнэн Күндэ олоҕун уустуктарын, айар үлэтин кэрчиктэрин тыктаран көрдөрдүлэр.
Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай, имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев сыл устата ыытыллыбыт үлэни бэлиэтээн туран, улуус сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо наҕараадалары туттартаата. Ол курдук, Төгүл Зверев, Михаил Люй-Ден Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ааты сүктүлэр. Култуура сайдыытыгар кылааттарын иһин анал бэлиэнэн Саргылаана Спириронова-Кэрэмэс Кийиитэ, Михаил Иванов наҕаараадаланнылар.
Ону тэҥэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт Күндэҕэ анабыл хоһооҥҥо кэтэхтэн күрэс түмүгүн таһаардылар. Өймөкөөн Төрүтүттэн Егор Находкин-Дьуоргуй Тыгыалыма 1-кы миэстэни, Таатта Чычымаҕыттан Анна Васильева 2-с миэстэни, Бүлүүттэн Иннокентий Филиппов 3-с миэстэни ыллылар.
Салгыы учуонай Варвара Окорокова, суруйааччы Николай Винокуров-Урсун суруйааччы олоҕун, киэҥ хабааннаах үлэтин туһунан ырытыыны оҥордулар. Саха тыйаатырын Сунтаартан төрүттээх артыыстара – Айаал Аммосов, Дмитрий Михайлов, Ирина Михайлова, Зоя Попова бэйиэт хоһооннорун иэйиилээхтик ааҕан, сэҥээриини ыллылар. Артыыстар Сиэйэ Уола, Дунаайа истиҥ ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Сыл устата туох тэрээһиннэр ыытылыннылар? Хааччахтааһын ирдэбилинэн, сорох тэрээһиннэр укйаар ситиминэн ыытыллыбыттара. Ол курдук, 114 кыттааччылаах ааҕааччылар кэмпириэнсийэлэрэ, “Аман Өс” куолуһуттар аһаҕас күрэхтэрэ, “Дьиктилээх хонуу” оонньуу, оҕолорго “Алыптаах мааска” театральнай кэлэктииптэр куонкурустара, “Күндэ дьыктаана”, А.А.Иванов-Күндэ 125 сылыгар аналлаах биктэриинэ, “Сөрүүн сүөгэй тылынан” анабыл хоһоон күрэһэ, “Күндэ көмүс күһүнэ”, “Сунтаар миигин ыҥырар” ырыа-хоһоон түһүлгэтэ элбэх дьону хабан, сэргэхтик ыытыллыбыттара.
А.А. Иванов-Күндэ аатын Кутанаҕа фольклорнай-литературнай мусуой, орто оскуола, үс нэһилиэккэ уулуссалар сүгэллэр. Кини аатын үйэтитиигэ биир дойдулааҕа Трофим Семенович Кириллин олоҕун бүтүннүү анаабыта, суруйааччы олорбут дьиэтигэр мусуой-дьиэни арыйбыта.
Сунтаар улууһун дьаһалтата, култуураҕа управлениета, Л.А. Попов аатынан бибилэтиэкэ кииннэммит ситимэ, Кутана нэһилиэгин дьаһалтата, Күндэ аатынан мусуой саха биир чаҕылхай уолун аатын үйэтитиигэ бу курдук киэҥ хабааннаах үлэни ыыппыттар.
Мустубут дьон түмүккэ “Төрөөбүт төрүт тыл” хоһоону күргүөмүнэн аахтылар.
Күндэ үбүлүөйдээх 125 сылыгар анаммыт сиһилии суруйууну “Саха сирэ” хаһыат ахсынньы 23 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.