Тэлэбиисэргэ күннэтэ көстөр араас сериаллары чугастык ылынан, долгуйар дьон баар буолааччы. Оттон илэ олоххо онно көстөрдөөҕөр дьулаан быһылааннар тахсаллар. Сунтаарга биир оннук алдьархай чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Силиэстийэ сабаҕалыырынан, бу дьыл ыам ыйын 28 күнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр 34 саастаах киһи итирэн баран, үс сыллааҕыта арахсыбыт ойоҕун көрдөөн, дьахтар билигин олорор киһитин дьиэтигэр тиийбит.
Онно тиийэн, күнүү быһа сиэбит киһитэ ол урукку ойоҕун уонна кини доҕорун үнтү охсуолаан-тэбиэлээн, кырбаан киирэн барбыт. Айдааны, ыһыыны-хаһыыны истэн, хоско дьиэлээх киһи быраата киирэн кэлбитин, кинини эмиэ хаста да сутуругунан сирэйгэ охсубут.
Кыыла турбут киһи дьиэҕэ баар дьону барытын кырбаабытын таһынан, миэбэли, түннүктэри эмиэ алдьаппыт.
Дьахтар эрэйдээх хайа эрэ түгэҥҥэ мүччү туттаран, дьиэттэн куотан тахсан, тэлгэһэҕэ баар баанньыкка саспыт.
Күнүүһүт ол кэмҥэ дьиэтигэр барбыт, онтон 14 саастаах уолун ылаары, төттөрү төннөн кэлбит. Уолунуун дьахтары баанньыктан булан баран, баттаҕыттан соһон таһааран, өссө кырбаабыт.
Онон тохтообокко, аны дьиэттэн эр киһини икки атаҕыттан соһон таһааран, уола уонна урукку ойоҕо көрөн турдахтарына, эр киһи миэстэтигэр тыына быстыар диэри үлтү кырбаабыт.
Сарсыныгар кинини полиция оперативниктара туппуттар, билигин хаайыллан олорор.
Дьыала РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыст. 4-с чааһынан, ол эбэтэр, киһи доруобуйатыгар ыарахан эмсэҕэлээһини соруйан оҥорон, сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии бэлиэтэ баарынан тэриллэн силиэстийэлэнэр.
Манна эбии силиэстийэ кэмигэр уорбаланааччы дьахтары кырбааһыныгар (мунна, хаҥас илиитин сүһүөҕүнэн тостубуттар, этэ-сиинэ бүтүннүү көҕөрбүт, хайа тардыллыбыт) уонна малы-салы алдьатыытыгар эмиэ дьыалалар тэриллэллэрэ сабаҕаланар.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интернеттэн.