Бу күннэргэ «Күн тыкта» диэн ыҥырыа мүөтэ Нам улууһугар Хомустаахха оҥоһуллан атыыга тахсыбыт. Манан хайа инженер-геолога уонна бухгалтер-аудитор идэлээх Илья Макаров дьарыгырар.
«Ыҥырыа иитиитинэн былырыыҥҥыттан дьарыктанабын. Бастаан икки уйалаах буоллахпына, быйыл 16-ҕа тиэртим. Ыҥырыаларбын элбэтээри бу саас Алтайга баран карпатка боруодалары аҕалбытым. Аһылыктара саахардаах сироп. Күн-дьыл туругуттан көрөн кыра-кыратык эбии аһатабын. Дьэ, онно болҕойон көрө-истэ сылдьар наада. Аны туран астара-үөллэрэ эбэтэр туохтара эрэ табыллыбатаҕына, бөлөҕүнэн көтөн тахсан төрүт да атын сиргэ көһөн хаалыахтарын эмиэ сөп. Онтон сибэккилэр тылыннылар да бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэллэр. Тахсан аһаан баран төттөрү көтөн уйаларыгар кэлэллэр. Ити курдук бүөбэйдээн истэх аайы араас дьээбэлэрин өссө үчүгэйдик билэн иһэҕин. Мүөтүн оҥорор үлэлээҕин иһин, доруобуйаҕа олус туһалаах уонна минньигэс», — диир хаһаайын.
«Бастакы хараҥаччыта» табыллыбытыттан, дьон-сэргэ үтүө тылыттан Илья санаата көтөҕүллэн сылдьар. Эһиил ыҥырыатын элбэтэр, үлэтин кэҥэтэр баҕалаах.
Сардаана БАСНАЕВА.