Күнүүһүт эрдээх — сор

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Күнүүттэн сылтаан ыар буруйу оҥоруу сылын аайы тахсар. Эр киһи да өттүттэн, дьахтар да өттүттэн.

edersaas.ru

Муома улууһун киин балыыһатыгар биир сэлиэнньэттэн түүн дэлби кырбаммыт дьахтары киллэрбиттэр. Дьахтар ойоҕосторо уонна хомурҕана тостубуттар. Медиктэр тута полиция дьуһуурунай чааһыгар эрийбиттэр.

Бэрэбиэркэ түмүгэр, полицейскайдар дьахтар 41 саастаах эрин уорбалаан туппуттар.

Барыллаан быһаарыынан, ити күн бу ыал билэр дьонугар ыалдьыттыыр кэмигэр, эрэ ойоҕун биир киһиэхэ күнүүлээбит. Онтун дьиэтигэр кэлэн таһаарбыт — кыыһырсыы-этиһии буолбутугар, эр киһи буолуохсут итирбит уоҕар ойоҕун муостаҕа охторон сытыаран, дэлби тэбиэлээбит.

Уорбаланааччы буруйун билиммит.

Бу чахчынан «Доруобуйаҕа орто ыарахан эмсэҕэлээһини соруйан оҥоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0