“Күн Өркөн” бириэмийэни туттардылар

Бөлөххө киир:

Култуура уонна искусство колледжа алтыс төгүлүн ыытар “Күн Өркөн” бириэмийэтин бастыҥ устудьуоннарыгар уонна выпускниктарыгар туттардылар.

edersaas.ru

Буоларын курдук, дьоро киэһэҕэ колледж бары салааларын устудьуоннарын толорууларыгар бастыҥ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Сомоҕолоһуу сылынан Саха сиригэр олорор төрүт олохтоох омуктар ырыаларын-үҥкүүлэрин, култуураларын билиһиннэрбиттэрэ дьоһуннук көһүннэ. Эчи, көстүүмнэрэ сиэдэрэйин, тутталлара-хапталлара үчүгэйин! Манна эбээннии сээдьэ, сахалыы оһуохай, юкагирдыы, долганныы ырыа да иһилиннэ, эбэҥкилии үҥкүү көрөөччүлэри умсугутта.

Саха сирин айар ыччатын аар-саарга аатырдыбыт «Өркөн» үҥкүү норуодунай ансаамбыла; уус-уран айымньыны, сиэри-туому бар дьоҥҥо тарҕатааччы «Этнохудожественнай айымньы» уонна «Театральнай айымньы» салаалар бөлөхтөрө уо.д.а. кыттан, көрөөччү сүрэҕэр-быарыгар, өйүгэр-санаатыгар умнуллубат үөрүүнү, эдэрдии эрчимнээх өрүкүйүүнү бэлэхтээтилэр.

Култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов колледж өрөспүүбүлүкэ култууратын, искусствотын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэрин бэлиэтээтэ. Выпускниктар бары улуустарга тиийэн, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ону тэҥэ саха норуотун төрүт култууратын, фольклорун үөрэтэн, харыстаан, сайыннаран, дьоҥҥо тиэрдээччилэр эмиэ кинилэр буолаллар.

Колледж дириэктэрэ, култуура туйгуна, СӨ айар дьоҕурдаах култуура үлэһиттэрин түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Захар Никитин 1992 сылтан дириэктэринэн үлэлээбит, үөрэх кыһата сайдарыгар, атаҕар турарыгар үгүс сыратын уурбут Аграфена Макарова аата иҥэриллэрин туһунан иһитиннэрбитин дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Бу дьоро киэһэ саҥа саҕалаан эрэр, талааннарын сайыннара сылдьар эдэркээн оҕолору сэргэ, бэйэлэрин эйгэлэрэ сайдарыгар бүтүн олохторун анаабыт култуура бэтэрээннэригэр эмиэ бириэмийэлэри туттарбыттара олус долгутуулаах буолла.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0