Күнүүлээбитэ буолан, кырбаан туран, харчы түүрэйдии сылдьыбыт

Ааптар: 
11.06.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат федеральнай суутугар 22 саастаах киһиэхэ бириигэбэр таҕыста. Суут киин куорат бу эдэр олохтооҕун РФ Холуобунай кодексатын 163-с ыст. 2-с чааһын «в» пуунунан буруйдааҕынан билинэн, күлүүстээх хаайыыга ыытта.

edersaas.ru

Суут быһаарбытынан, 2018 сыл атырдьах ыйыгар бу эдэр киһи итирэн баран, бииргэ олорор дьахтарыгар билэр киһилэрэ болҕомтотун уурарын сөбүлээбэккэ, ону сылтах оҥостон, ол киһини кырбаабыт. Уонна 10.000 солк. биэрэригэр, ону ааһан, ый аайы киниэхэ 5.000 солк. төлүүрүгэр итиэннэ кирэдьиит ылан 50.000 солк. сыаналаах суотабай төлөпүөн атыылаһарыгар модьуйбут.

Санаата самнан, бу 25 саастаах эмсэҕэлээччи ити модьуйууга сөбүлэһэргэ күһэллибит. Ол эрэн, билэр дьонун кытта сүбэлэһэн баран, Дьокуускай куорат полициятын 2 №-дээх отделыгар түүрэйдээһин туһунан сайабылыанньа биэрэргэ быһаарыммыт.

Суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмигэр, оперативниктар түүрэйдээччи бу киһиттэн 10.000 солк. ылбытын кэннэ туппуттар.

Буруйдаах 2017 сыл сэтинньитигэр хаайыыттан босхоломмут эбит. 2018 сыл ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар эмиэ уорууга түбэһэн, 2 сылга усулуобунай миэрэнэн сууттаммыт, 1 сылга тургутар болдьохтоох сылдьыбыт. Ону таһынан, киһини кырбаан, 1 сыл 11 ыйга көҥүлэ хааччахтаммыт.

Суут итини барытын учуоттаан, кинини 6 сыл 6 ыйга уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.

Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын уонна СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспалара иһитиннэрдилэр.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0