Бүгүн биһиэхэ саха норуодунай бэйиэтэ, “Саха сирэ” хаһыаты өр кэмҥэ салайбыт кылаабынай эрэдээктэрбит, бу күннэргэ 65 сааһын бэлиэтээбит Наталья Харлампьева ыалдьыттыыр.
— Биэс сыллааҕыта тахсыбыт “Ыһыах кэннэ” хоһоонноруҥ кинигэтигэр
“Мин күһүҥҥү Натааһабын,
Ол да иһин аргыстаһабын
Уйан, чараас ардахтыын,
Хадаар, хардааччы тыаллыын…
…Мин күһүҥҥү Натааһабын,
Ол да иһин кэмчи мичээрим.
Күһүнүнэн сыана быһабын
Олох маанытын, далбарын”, — диэбиттээххин.
Быйылгы, биир ураты бэлиэ күһүнүҥ хайдах саҕаланна, Наталья Ивановна?
— “Ыгым кыһыннааҕар,
Мэник саастааҕар,
Холку күһүнү ордоробун…”, — диэн эмиэ суруйбуттаахпын. Кырдьык, күһүн төрөөбүт буоламмын, күһүнү ордук сөбүлүүбүн, күһүҥҥэ тардыһабын. Күһүн холку, наҕыл. Тэтимэ, арааһа, миэхэ сөп түбэһэр буолуон сөп, тоҕо диэтэххэ, бэйиэт киһини, суруйааччыны күһүн анааран көрөргө ыҥырар курдук… Мин ордук атырдьах ыйын бүтүүтүн сөбүлүүбүн: куйаас да буолбатах, олус сөрүүн да буолбатах, ардахтаатаҕына даҕаны, бэрт чэпчэкитик ааһар. Салгын ыраас, дьэҥкир, чэбдик. Уонна туох эрэ кистэлэҥнээх, туох эрэ ураты, эйиэхэ бэлэхтээх курдук…
Айар үлэбэр эмиэ оннук. Бэлэх кэриэтэ, быйыл үс кинигэм таҕыста. “Мин аалым — БАЛАҔАНЫМ” — саҥа хоһооннорум, “Мин тылым — АЛГЫҺЫМ” – эдэр ыччакка да, уопсайынан, айар куттаах, суруйар дьоҥҥо барыларыгар анаабыт тэттик айымньыларым, уонна, “Друзей моих прекрасные черты…” – нуучча суруйааччы доҕотторум туcтарынан кинигэм «Полярная звезда» сурунаал сыһыарыытыгар үбүлүөйбүн көрсө күн сирин көрдүлэр.
Улуу дьоҥҥо айан
— Биһиги бу, Суруйааччылар сойуустарыгар, улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай мэтириэтин көрөн олорон, сэһэргэһэбит… Эн биирдэ, “Хас биирдии суруйааччы Ойуунускайга бэйэтэ ураты суоллаах, айанныыр аартыктаах…” диэбитиҥ. Ол туһунан сиһилии соҕус эттэххэ?..
— Мин тоҕо инньэ диэбиппиний диэ… Чэ, холобур, билиҥҥи эдэр суруйааччылары ылан көрүөх. Хомойуох иһин, кинилэртэн сорохторо, хайдах эрэ, литератураҕа тус бэйэлэрин талааннарынан эрэ, эмискэ уһулу ойон тахсыбыт курдук сананан ылаллар… Кинилэр иннилэригэр-кэннилэригэр ким да суоҕун курдук, биитэр баар гынан баран, ону аахайбаттыы…Ити кинилэр мөлтөхтөрүттэн буолбатах, эдэр саас бэйэмсэх, уолҕамчы толкуйа баһыйар. Баҕар, бэйэм да эдэр сылдьан оннук эбитим буолуо… Билигин мин бэйэбин саха литературатын кыра сорҕотун курдук сананабын… “Өксөкүлээххэ айан”, “Алампаҕа айан”, “Ойуунускайга айан” — хас биирдии суруйааччы, хас биирдии айар куттаах киһи, биирдэ ааҕаат да, барытын тута өйдөөн кэбиспэт ээ… Бу улуу дьоннор буоллахтара – айымньылара да, олохторо да, саҥа туох эрэ историческай чахчылара көстүүлэрэ да, бу дьону сырыы аайы саҥаттан-саҥалыы арыйан иһэллэр. Ол курдук хас биирдиилэригэр – Өксөкүлээххэ, Алампаҕа, Ойуунускайга саха суруйааччыта үйэтин тухары айанныыр… Ол айаны билиниэххин наада. “Олоҥхотун бүтүннүүтүн аахтым, онон Ойуунускайы толору өйдөөтүм”, диир буоллахха, сыыһа. Олох олорон истэҕиҥ аайы, кини ханнык түгэҥҥэ хайдах дьаһаммыта, тугу диэбитэ – бу барыта саҥалыы, атыннык өйдөнөр буолан иһэр. Холобур, бу Суруйааччылар сойуустарын тэрийэригэр кини, алҕаһаабатах буоллахпына, 12 олоҥхоһуту сойууска ылбыта. Бу, кини литература сайдыытыгар олоҥхо суолтатын хайдахтаах курдук өйдүүрүттэн тахсар буоллаҕа. Оттон институкка дириэктэрдии олорон, тыыннаах олоҥхоһуттары барыларын олоҥхолорун суруйтаран, архыыпка хаалларан, ону билигин туох баар учуонайдыын, суруйааччылыын чинчийэ, үөрэтэ сылдьабыт дии! Оттон Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото – саха олоҥхотун каноническай тиэкиһэ буолар. Итинтэн ордук каноническай тиэкис уонна биһиэхэ суох! Били, бэйэтэ суруйбутун курдук, “олоҥхоһут сыҥааҕын анныгар” улааппыт, сайдан тахсыбыт киһи буоллаҕа. Онон, хас биирдии ааҕааччы, суруйааччы бэйэтэ бу дьону ситэри өйдүүргэ баҕалаах буоллаҕына, ол суол киниэхэ мэлдьи аһаҕас, баар буолар.
—Урут сэбиэскэй кэмҥэ суруйааччыларга баартыйа тиэмэ биэрэр этэ дии, холобур, “Бүлүү ГЭС”, “Аччыгый БАМ”, “Кырыс сири баһылааһын”, о.д.а. Бүгүҥҥү суруйааччы тиэмэтин бэйэтэ булар. Ханныгы билигин ордук тоҕоостоох дии саныыгын?
— Тиэмэ элбэх буоллаҕа. Холобур, быйыл Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сыла. Саха омук дьылҕатын быһаарбыт бэлиэ даата, онон туох эмэ суруллуон да сөп курдук…
Санаан көрүҥ, ол 17-с үйэҕэ Өлүөнэ устун мас суудунанан устан кэлбит нуучча хаһаахтара тугу таҥнан-симэнэн, аһаан-сиэн, тугунан салгыы айаннаан, Аляскаҕа, Камчаткаҕа, Амурга тиийбиттэрэ буолуой?! Чуолаан сахалар кинилэргэ көмөлөһөннөр, аһатан, сылаастык таҥыннаран, саха сылгытынан миинэр миҥэлээн-көлөлөөн, сирдьит да буоланнар, сыалларыгар тиэртэхтэрэ! Ол, атаҕастаммыппыт-баттаммыппыт, оччо киһини кыргыбыттара, өлөрбүттэрэ-өһөрбүттэрэ (кырдьык, биир кэмҥэ икки наһаа кырыктаах нэмиэһинньик кэлэ сылдьыбыт эбит, онно түбэһээхтээтэхтэрэ…) диэн наар ытанардааҕар-соҥонордооҕор, Нуучча судаарыстыбата Аляскаҕа тиийэ кэҥииригэр, биһиги, сахалар, көмөлөспүппүт, Саха сирэ Россия кыаҕырарыгар тирэх буолбута диэн, билигин үтүөбүтүн ааҕынар ордук буолаарай?! Докумуоннарынан ол бигэргэтиллэн турар ээ. Эспэдииссийэлэр бука бары Дьокуускайтан тэриллэн бараллар эбит. Дьэ, бу туһунан суруйар наада! Холобур, Хабаровскайга бэрэстэбиитэл буолан олорор Георгий Никонов туруулаһан, «Пути великих свершений» диэн альбомнары таһаартарда.
Сэбиэскэй историографияҕа билигин киһи бүтүннүү итэҕэйэр кыаҕа суох. “Үрүҥ бээтинэлэрэ” олус элбэх. Историческай наука ол диэки өссө ситэ-хото эргиллэн көрө илигинэ, биһиги, суруйааччылар ол диэки хайыһыахтаахпыт, ол туһунан суруйуохтаахпыт. Наар “атаҕастаммыт-баттаммыт” суолу эккирэтиспэккэ, ону эрэ хаһыспакка, төттөрүтүн, биһиги дьону кытта тэҥҥэ хаамсан, өссө өҥө оҥорбуппутун санатар, “хотугу цивилизация” диэн баарын уонна ол “хотугу цивилизацияны” биһиги кинилэргэ биэрбиппитин өйдөтөр наада. Ол кыалла илик. Мин баҕарар баҕам – эдэр суруйааччылартан ким эмэ манна ылсыстар, диэн.
— “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация тэриллибитэ 2 сыл буолла, Суруйааччылар сойуустара төһө таһаарыылаахтык бииргэ үлэлэһэллэрий?
— Ассоциация икки сойууһу тэҥҥэ тутан, холбоһуктаах тэрээһиннэри ыытар соруктаах. Бу кэм устата ассоциация федеральнай структуралары кытта, бастатан туран, тылбаас боппуруостарыгар үлэлэһэн, хамсааһын тахсыах курдук. Холобур, киин сурунаалларга биһиги суруйааччыларбыт бэчээттэнэллэр. Маны таһынан, ассоциация икки сойууһу холбуу тутан кытыннарар чыыста бэйэтэ ыытар тэрээһиннэрдээх буолуохтааҕа, сыччах үбүлээһин мөлтөҕө күүскэ дьайар буолан, бакаа соччо кыалла илик дии саныыбын.
— Быйыл “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл эмиэ буолар дии?
— Буолар. Быйыл 4-с төгүлүн норуоттар икки ардыларынааҕы поэтическай бэстибээлбитин ыытыахпыт. Манна, түгэнинэн туһанан, Ил Дархаммытыгар Егор Афанасьевич Борисовка дириҥ махталбын тиэрдэбин. Кини бу идиэйэни өйөөн, үбүлэниитин боппуруоһун быһааран, биһиги аан дойду араас муннуктарыттан биллиилээх суруйааччылары, тылбаасчыттары, кириитиктэри, кинигэ таһаарааччылары ыҥырар, кинилэри кытта сибээс олохтуур, салгыы бииргэ үлэлэһэр кыахтаахпыт. Бу барыта саха литературатын сайдыытыгар оруола хайдах курдук улаханын бары өйдүүбүт.
Суруйааччы сойууһа
— Суруйааччы сойууһун салайааччы быһыытынан эйигин бүгүн туох ордук долгутар?
— Мин манна биир дьиксинэр боппуруостаахпын. Айар лаборатория аһан, суруйар баҕалаах эдэрдэри кытта дьарыктанарбын, үлэлэһэрбин билэҕит. Быйыл күһүн эмиэ, иккис сылын миэхэ устудьуоннар үөрэнэ кэлиэхтэрэ. Онуоха буоллаҕына, бастатан туран, университет бырагыраамата оннук эбитэ дуу, холобур, античнай литератураны олох аҕыйах чаас бараллар эбит. Ама, древнегреческэй мифтэри билбэт суруйааччы диэн баар үһү дуо?! Биһиги буоллаҕына, анаан-минээн үөрэппэтэллэр да, библейскэй сюжеттэри син-биир хантан эрэ онтон-мантан булан, ааҕар этибит. Суруйааччы буолуом диир киһи, муҥ сатаатар, Каин диэн кимин билиэхтээх буоллаҕа. Омук литературатын ааһан, өссө нуучча литературатын, классиктары билбэт буолан баран суруйааччы, тылбаасчыт, литературнай үлэһит буолуохха сөп дуо?! Саарбахтыыбын ээ. Уонна, мин санаабар, ити дьиҥэр, оскуолаҕа мөлтөхтүк үөрэтииттэн дуу, биитэр университет бырагыраамата итэҕэһиттэн дуу буолбатах. Судургутук, эдэр дьоҥҥо, аҕам да саастаахтарга билигин маннык өйдөбүл баар буолла: бэйэм этническэй тиэмэбин өрө тутан, ону эрэ ордук үчүгэйдик билэн, ол туһунан суруйуохтаахпын, диэн…
Биллэн турар, биһиги сахабытын өрө тутабыт, биһиги итэҕэлбит хааммытыгар иҥэн сылдьар, онон салайтарабыт, тоҕо оннук гынарбытын, ардыгар, баҕар, кыайан быһаарыахпыт да суоҕа… Ол эрээри, мин санаабар, бүтүннүү наар этническэй эйгэҕэ хаайтаран хаалыы суруйааччы киһиэхэ айар үлэтигэр уустуктары үөскэтэр.
Суруйааччы аан дойдуга аһаҕас буолуохтаах. Мин итинник санааҕа кэлбитим ыраатта. Ол иһин даҕаны, ити үөһээ этэн аһарбыт биир саҥа кинигэбин “Мин аалым – БАЛАҔАНЫМ!” диэн ааттаатым. Уонна соруйан “Бродскайы ааҕабын” диэтим. Бу тубэлтэҕэ- Бродскай миэхэ көннөрү символ.
Оттон эн балаҕаннаах буолуохтааххын – бэйэҥ сахаҕын билиниэхтээххин, ис тутулгун, итэҕэлгин барытын тута сылдьыахтааххын, ол гынан баран, аан дойдуну анаарарга, аан дойду кыһалҕатын билэргэ бэлэм, аан дойдуга аһаҕас буолуохтааххын. Бэйэ эрэ киэнигэр хааччахтаммат туһугар. Эдэрдэргэ мин итинник сүбэлиибин.
“…Мин сүрэҕим аһаҕас атын омук
иэйиитигэр,
Мунчаарар муҥар, өрөгөйдүүр үөрүүтүгэр,
Ол барыта мин – олоҥхо оҕото
буоламмын,
Куйаарга тиксиһэр ситиммин бигээммин,
Балаҕаным өһүөтүн үтүөнэн үрдэтэммин,
Күн ойуулаах кыргыс куйаҕын
Илин кэбиһэргэ кубулутаммын!
Мин балаҕаммар Бродскайы ааҕабын,
Өбүгэм алҕаабыт аалынан устабын…”.
Саха тылын туһунан
—Наталья Ивановна, бу этиилэргэр, биһиги, сахалар, салгыы хайдах оҥостон, хайдах тэринэн олоробут, сайдабыт, диэн мэлдьи баар ыйытыыга хоруйгун саҕалаатыҥ ээ…
— Аан дойду хабаанынан ыллахха, биһиги аҕыйах ахсааннаах омукпут. Өссө Өксөкүлээх эппитэ дии, Россияны тутустахпытына, нуучча омугун кытта эн-мин дэһэн олордохпутуна дьон буолабыт диэн. Ол гынан баран, омукпут инникитин саныыр буоллахпытына, бастатан туран, тылбыт, култуурабыт, үгэстэрбит тыыннаах хаалалларын туһугар өйбүтүн-санаабытын, күүспүтүн түмүөхтээхпит.
ЮНЕСКО иһитиннэриитинэн, Россияҕа билигин 49 сүтэн эрэр, сүтэрэ чугаһаабыт тыл баар. Онно биһиги, сахалар, 43-c миэстэбит. Манна холобур, тыва, калмык омук тылларын олох сүтэн эрэргэ киллэрбиттэр…
Тылы харыстыырга үгүс киритиэрийдэр бааллар. Онтон саамай сүрүннэрэ – оҕону дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тылынан иитии. Итиэннэ, биллэн турар, төрөөбүт тылгынан тахсар хаһыаттар, сурунааллар, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа биэриилэрэ манна улахан суолталаахтар.
Тылбыт тыыннаах хааларыгар, норуот өйө-санаата чөл буоларыгар тугу даҕаны саҥаны айа сатыыр наадата суох – саха литературатын классиката баар, саха литературатын классикатын тутуһан, батыһан үлэлии сылдьар суруйааччылар бааллар, ол инники күөҥҥэ бүгүн тутуллара наада дии саныыбын, оччотугар эрэ ааҕааччыбытын дьиҥнээх литератураттан тэйитиэхпит суоҕа, оччотугар, дьэ, хайа баҕарар бэчээт, хаһыат сөпкө, кэскиллээхтик айанныа турдаҕа…
Дьиҥэр, оскуола, оҕо саада, үөрэх кинигэтэ, уус-уран литература, бэчээт – бары усулуобуйа барыта баар, дьэ ол эрээри, бу киритиэрийдэргэ, мин санаабар, биһиги биир саамай доҕолоҥнуурбут – оҕону дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы иитиигэ. Итини ЮНЕСКО экспертэрэ ыйаллар.
Оттон тус бэйэм, тыл сатарыйыытыгар өссө икки төрүөтү көрөбүн: бастатан туран, орфографияҕа, чопчу нуучча, атын да омуктан киирбит тыллары сөпкө суруйууга уопсай тылы ситэ-хото була иликпит. Тылы, дорҕоону сахатытыыга ардыгар аһары барабыт. Тылбытын көмүскүүр курдукпут — сахалыы дорҕооннору батыһыннаран саҥарарга дьулуһабыт. Ол эрээри, манан биһиги төттөрүтүн, эдэр ыччат сахалыы саҥарар баҕатын хаҥыннаран кэбиһиэхпитин сөп. Санаан көрүҥ, бүгүн хайа 16-лаах, 17-лээх уол-кыыс, холобур, “бүддьүөт” диэҕэй үөрэ-көтө?!.. Кини, ол кэриэтин, судургутук бүтүннүү нууччалыы саҥарыаҕа… Билигин олох атын көлүөнэ үүнэн таҕыста – нууччалыы да, омуктуу да тэҥинэн саҥарар. Бу соҕотох мин эрэ санаам буолбатах, улуустарга сырыттахха, оннооҕор кырдьаҕастар итинник саныыллар.
Иккиһинэн, мин эрэ тылы билэбин, харыстыыбын дии саныыр, ардыгар түөлбэ тылын канон быһыытынан ылыннара сатыыр сыыһа. Тылбыт туһугар бары ыалдьабыт.
Сылга аан дойдуга 25 тыл өлөр, ол аата, хас ый аайы 2-лии омук тыла сүтэн, симэлийэн хаалар. Саныахха ыараханын! Бу ааҥнаан турар алдьархай! Онон, биһиги, хайа да омук, көмүскэнэр суолбут биир – ыччаппытын дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тылынан иитии. Оҕо төрөөбүт тылын биллин, дьэ ол кэнниттэн хайа да омук тылын баһылаатын!
Оҕону сахалыы иитии
—Эн сиэннэриҥ сахалыы иитиилээхтэр, төрөөбүт тылларын билэллэр?
— Билэллэр, биллэллэр ханнык диэн мөхсөбүн. Улахан уол Тимур быйыл оскуола киһитэ буолла. Кыра сиэммин Сашаны “Туллукчаан” оҕо саадыгар биэрэр санаалаахпын. Ийэтэ эмиэ онно сылдьыбыта. Манна даҕатан эттэхпинэ, ааҕааччыларбынаан көрсүһүүлэргэ, ардыгар суруналыыстар даҕаны, “Эн дьоллоох киһигин дуо?” , — диэн ыйытааччылар. Даа, мин бэйэбин дьоллоох дьахтарынан ааҕынабын. Кыыһым Надя, билэҕит, Саха национальнай гимназиятын, онтон МГИМО-ну бүтэрэн, сөбүлүүр идэтинэн үлэлии-хамсыы сылдьар. Күтүөтүм Артем эмиэ үтүө үлэһит, ийэтинэн Өлүөхүмэ Корниловтарыттан, аҕатынан Мэҥэ Хаҥалас Никифоровтарыттан силис тардар дьоһун төрүттэрдээх киһи. Бэйэм сөбүлүүр дьыалабынан дьарыктанабын, айабын, суруйабын, бэчээттэнэбин. 27 кинигэ ааптарабын. Уонна саамай үөрэрим – эрэллээх ааҕааччылардаахпын! Дьиэ кэргэҥҥэ, ыччаттарбар көмө буолуу, аймах дьоҥҥор кырдьаҕас эдьиий дэтии, таптыыр идэҕэр айымньылаах үлэ — дьоллоох буолар тирэхтэрим…
— Истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал буолуохтун!
Олоҕун олуктара
1952 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай таһыгар Маҕан сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
1969 с. Дьокуускай к. Дьоруой Ф.К.Попов аатынан 20 №-дээх орто оскуолатын,
1978 с. СГУ нуучча тылын салаатын, “Северная трасса” хаһыакка үлэлии-үлэлии, кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ.
1994-2002 сс. “Далбар Хотун” сурунаал эрэдээктэрэ.
1990-2012 сс. “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин I солбуйааччы, кылаабынай эрэдээктэр.
2012-2017 сс. СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ.
2003 сылтан Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ.
РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Суруйааччыларын сойууһун А.Твардовскай аатынан, СӨ Суорун Омоллоон аатынан, Бүтүн Россиятааҕы Антон Дельвиг аатынан бириэмийэлэр лауреаттара, СӨ Духуобунас академиятын дьиҥнээх чилиэнэ.
СЭМСЭ ТЫЛ
Сэмэн Тумат, саха норуодунай суруйааччыта:
— Наталья Харлампьева — биһиги кэммит улахан бэйиэтэ. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайааччы быһыытынан, кэскиллээх дьаһаллары олохтоото.
Мин Наталья Ивановнаны киһи быһыытынан сөбүлүүбүн, ытыктыыбын. Эппит тылыгар турар, хаһан даҕаны халбаҥнаабат.
“Күн ойуулаах кыргыс куйаҕын
Илин кэбиһэргэ кубулутаммын…”, — диэн, кини төрөөбүт норуотугар дурда-хахха буолар өйүн-санаатын дириҥник хорутан этэрин олус үрдүктүк сыаналыыбын.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru