Хас да сыллааҕыта Дьокуускай куорат Доҕордоһуу болуоссатыгар, күн күүһүнэн үлэлиир көһөрүллэ сылдьар дьоҕус станциялар көмөлөрүнэн чаанньык оргуталларын, суотабай төлөпүөнү ииттэрэллэрин сөҕө-махтайа көрөн турардаахпын. Сонно тута, тыаттан кэлэ сылдьар дьон, көһөрүллэ сылдьар станциялары атыылаһаары сыанатын, төһө өр сулууспаларын токкоолоһон, сүбэлэттэрэн барбыттара. Оттон «Сахаэнерго» хампаанньа хоту улуустарга күн күүһүнэн үлэлиир улахан станциялары үлэлэппиттэрэ номнуо хаһыс да сылыгар барда.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн билигин күн күүһүнэн үлэлиир станциялар Өймөкөөн Үчүгэйигэр, Өлүөхүмэ Куду Күөлүгэр, Дьааҥы Дулҕалааҕар, Үҥкүрүгэр, Бөтөҥкөһөр, Остуолбатыгар, Кэбээйи Батамайыгар, Абый Кэбэргэнэтигэр, Өлөөн Эйигэр, Эбээн Бытантай Дьарҕалааҕар, Алдан Улуутугар, Хаҥалас Тойон Арыытыгар бааллар.
«Сахаэнерго» альтернативнай энергетиканы сайыннарыыга салаата ааҕан-суоттаан таһаарбытынан, 2011-2016 сылларга Үчүгэй сэлиэнньэтигэр баар станция 81,14 тыһ. кВт чаас энергияны оҥорон таһаарбыт уонна 22,36 тонна уматыгы кэмчилээбит. Оттон Куду-Күөллээҕи СЭС 43,97 тыһ. кВт чаас (кэмчилээһин кээмэйэ 14,14 тонна дизельнэй уматык), Дулҕалаахтааҕы 68,30 тыһ. кВт чаас (27,34 тонна) оҥорон таһаарбыт. Бу суоттааһыннары ылан көрдөххө, туһааннаах станциялар биһиги усулуобуйабытыгар ордук табыгастаахтара уонна дизельнэй уматыгы кэмчилииллэрэ көстөр.
– Биһиэхэ кэмчилээһин баар. Дизельнэй уматыгы ыраах сытар нэһилиэктэргэ тиэйии ороскуоттааҕын таһынан, уматык сыаната бэрт. Санаан көрүҥ, хоту улуустарга 1 кВт электроэнергия 100 солк. тахса харчыга турар. Бу бэйэҕэ турар сыаната. Хардарыта субсидиялааһын оҥоһуллар буолан, тарыып 5 солк. тэҥнэһэр, – диэн «Сахаэнерго» альтернативнай энергетиканы сайыннарыыга салааатын салайааччыта Александр Ефимов этэр. Аҥардас Батамайдааҕы станция 60 кВт диэри кыамтата улаатан, 2011 сылтан саҕалаан уопсайа 45,76 т уматык кэмчилэммит. Бу кээмэйи мыына санаабыппын, Александр Степанович энергетикаҕа бу үчүгэй көрдөрүү диэн быһаарар.
Ыраах сытар, сылдьарга эрэйдээх нэһилиэнньэлээх пууннары электричество уотун убаҕас уматыгынан үлэлиир дизельнэй станциялар солбуйаллар. Бу станциялар оҥорон таһаарар электричестволарын сыаната олус ыарахан. Онон электрическэй уоту солбуйар ньымалары сайыннарыыга кыах баар. Күн күүһүнэн үлэлиир станциялары сэргэ, хоту улуустарга улахан өрүстэр сүнньүлэригэр сылы быһа сырылаччы үрэр тыал күүһэ төһө эмит элбэх электроэнергияны биэрэр кыахтаах, быйылгыттан бу хайысханан үлэ саҕаланна.
Анивера АКИМОВА.