Көҕөн хоту сыҕарыйар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

От күөх бастаах, үрүҥ моойдоох, кугас түөстээх. Кугдархай көҕүстээх, бороҥнуҥу кынаттара халлаан күөх уонна кылбаа маҥан түүлэрдээх. Кутуруга хара, атаҕа кытарымтыйар атыыр көҕөн эбээт диэн биир булчут хоһуйан турардаах. Баар-суох мааны куспут хоту диэки сыҕарыйан иһэрин туһунан РНА Сибиирдээҕи салаатын Ирбэт тоҥ биологическай кыһалҕаларын үөрэтэр институт орнитолога Сергей Слепцов дьикти кэпсээннээх буолла.

Сергей Михайлович этэринэн, 1963 с. орнитолог К.А.Воробьев “Птицы Якутии” диэн кинигэни Москваҕа ССРС Наукаларын академиятын издательствотыгар бэчээттэппит. Бу учуонай Саха сирин көтөрдөрүн туһунан кинигэтин Саха сиригэр үгүстүк хотунан-соҕуруунан эспэдииссийэҕэ сылдьыбытын түмүгэр таһааттарбыт.  Кини ол саҕанааҕы көтөрдөр ахсааннарын, тарҕаныыларын түмэн суруйбут.

Дьэ, онон бу кинигэҕэ киирбит көҕөн (кряква) туһунан кэпсэтиэҕиҥ.

— Көҕөнү Саха сирин соҕуруу өттүгэр баар диибит. Бу кинигэҕэ көҕөн тарҕаныытын каартата баар. Онон көрдөххө, Алдан уҥуоргу өттүнэн, Бүлүү төрдүн үөһээ өттүнэн 64 параллельга (кыраадыска) баар диэн бэлиэтэммит. Уонна Уус Маайа диэкинэн бүтэр. Константин Воробьев көҕөн төрүүр-ууһуур сирин ити курдук бэлиэтээбит. Ону тэҥэ В.Д.Яхонтов (1952 с.) 1951 с. ыам ыйын 25 күнүгэр  Орто Халымаҕа Арыылаах бөһүөлэгэр Ожогино үрэх таһыгар алҕас көтөн тиийбит атыыр көҕөнү бултаабыттар диэн суруйбут, — диэн кэпсээнин саҕалаата Сергей Слепцов.

Орто Халымаҕа эрэ буолбакка, Дьааҥы үөһээ өттүгэр Сартаҥ уонна Дулҕалаах холбоһор сирдэригэр эмиэ көрбүттэрин туһунан маннааҕы орнитологтар Лабутиннаах суруйбуттар. Ону бу көҕөн хоту тарҕаныытыгар сэдэх көстүү курдук иһитиннэрбиттэрин иһин, Сергей Михайлович дьиктиргээн биолог-охотовед идэлээх убайыттан туоһуласпыт. Ону убайа Дьааҥы орто тардыытыгар Адыаччыга 1974 с., кырдьык, бултаабыттара диэн бигэргэппит. Уонна 1977 сылтан дьон хайы-үйэ көҕөн элбээн, хоту бултуур буолбуттар.

— “Социалистическая Якутия” хаһыакка дьоҕус заметкаҕа Дьааҥы дельтатыгар көҕөнү бултаатылар диэн аахпыппын билиҥҥэ диэри умнубаппын. Онон көҕөммүт бу кэнники Дьааҥыга кустанар кус буолбут, моонньоҕоннооҕор да элбэх дииллэр. Кэнники Чокуурдаахха, Анаабырга өлөрбүттэрэ иһиллибитэ. Ол үрдүнэн аҕыйаабат. Хаардаахха кэлэр, бөһүөлэк таһынааҕы чалбахха баар буолар. Уонна күһүн хойут барар. Ол курдук, балаҕан ыйын бүтэһигэр, алтынньы ый саҥатыгар баар буолааччы. Ол да буоллар, көҕөнү үчүгэйдик ким да үөрэтэ илик. Сорох көтөр сайдар кэмнээх буолар эбэтэр аһа-үөлэ көҕөҥҥө табыллыбыт буолуон сөп. Ол иһин элбиир буоллаҕа, — диир орнитолог.

Булчуттар көҕөнтөн атын кустар куттаналлар дииллэр эбит. Көҕөн мончуугар атын кус түспэт үһү. Онон буоллаҕына, кырбый буолуон сөп. Дьэ, ити алта уонча сыл хоту тарҕаммыт атыыр көҕөммүт  2 киилэҕэ тиийэр ыйааһыннаах буолар эбит. Кураанах кустартан саамай улаханнара. Мородулар сугуну сииллэрин курдук, отонноон сиирин туһунан кэпсииллэр.

— Кыстыыр сирин туһунан аҕыннахха, арааһа, Кытай, Япония диэки тиийэн кыстыыр быһыылаах. Биир булчут Японскай биһилэхтээх куһу бултаабытым диэн кэпсээбитэ. Көҕөн уонча оҕолоох буолар. Итинтэн биэһэ-сэттэтэ көтөрө буолуо.  Кыра да ууга саас төрүүр. Ыам ыйыгар төрүүр, атырдьах ыйыгар оҕолоро көтөллөр. Ол да буоллар, балаҕан ыйыгар кыайан көппөт оҕолорун Дьааҥыга көрөн турабыт. — диэн кэпсээнин түмүктээтэ С.М.Слепцов.

Онон көҕөн хоту диэки сыҕарыйан иһэрэ кырдьык эбит.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыскаҕа:  “Птицы Якутии” кинигэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0