Олоҥхо дэкээдэтинэн бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ, оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр, Олоҥхо оскуолатыгар үөрэнэр оҕолор Николай Степанов-Ноорой «Күн Эрили» олоҥхо-испэктээгин көрдөрөллөр.
Долгутуулаах тэрээһин туһунан Олоҥхо оскуолатын салайар Айталина Мойтохонова:
—Олоҥхо төрөөбүт тылбыт, төрөөбүт култуурабыт биһигэ буолар. Оттон Олоҥхо дэкээдэтигэр бар дьоҥҥо үлэбитин хайаан да көрдөрөр, билиһиннэрэр соруктаахпыт. Манна даҕатан эттэххэ, Олоҥхобут оскуолатыгар Ньурбаттан, Орто Халыматтан, Уус Алдантан, Бүлүүттэн уонна улууспут нэһилиэктэриттэн барыта 60-тан тахса оҕо үөрэнэр. «Күн Эрили» олоҥхону быһаас Олоҥхо оскуолатын бүтэрэр оҕолор эксээмэннэригэр толорон көрдөрбүттэрэ. Оттон бүгүн бу оскуолабытын бүтэрбит 17 оҕону кытары, аны саас бүтэриэхтээх 7 үөрэнээччибит дьон-сэргэ иннигэр тахсан толорон көрдөрүөхтэрэ. Бу кэм устатыгар кинилэр туохха үөрэммиттэрин билиһиннэриэхтэрэ, сыаналатыахтара. Онон бэлэмнэниибит күннэтэ ыытылынна.
Күн Эрилини Дьулус Николаев, Дьоро Боотуру Клавдий Егоров, Ала Моҕойдоону Захар Васильев, Сорук Боллуру Ньургун Мыскатов, Муус Болуйаны Никита Аянитов, Кыыс уһутаакылары Спиридиана Николаева, Валерия Семенова, олоҥхоһуту Алик Акимов толороллор. Уопсай сыанаҕа Олоҥхо оскуолатын уһуйуллааччылара кытталлар, — диэтэ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Олоҥхо оскуолатын архыыбыттан