Күн-дьыл туруга: сорох сиринэн ардыаҕа, инчэҕэй хаар түһүөҕэ

Бөлөххө киир:
Гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление иһитиннэрбитинэн, бүгүн, ыам ыйын 6 күнүгэр,   өрөспүүбүлүкэ илин, соҕуруу уонна арҕаа өттүгэр сорох сиринэн түүнүн кыралаан хаардыаҕа. 
Илин, хотугулуу-арҕаа итиэннэ соҕуруу уонна арҕаа өттүгэр сорох сиринэн күнүс  ардах, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр.  Анаабырга, Булуҥҥа күнүс сөкүүндэҕэ  9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕүн билгэлииллэр.

Ыам ыйын 7 — 8 күннэригэр  хоту, Халыма-Индигир улуустарыгар инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр.  Ыам ыйын  8  күнүгэр күнүс арҕаа кыралаан ардыаҕа, сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһүөҕэ.  Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар сорох сиринэн  сөкүүндэҕэ  16-21 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин билгэлииллэр.

Температура   ыам ыйын  7 күнүгэр   арҕаа +14+19 °, хоту  +1+6°, ыам ыйын 8 күнүгэр   +12+17°,  соҕуруу сорох  сиринэн уонна соҕуруулуу-илин  +20° кыраадыска диэри сылыйыа.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0