Күн-дьыл туруга: сорох сиринэн ардыаҕа, инчэҕэй хаар түһүөҕэ
06.05.2022
Гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление иһитиннэрбитинэн, бүгүн, ыам ыйын 6 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ илин, соҕуруу уонна арҕаа өттүгэр сорох сиринэн түүнүн кыралаан хаардыаҕа.
Илин, хотугулуу-арҕаа итиэннэ соҕуруу уонна арҕаа өттүгэр сорох сиринэн күнүс ардах, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Анаабырга, Булуҥҥа күнүс сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕүн билгэлииллэр.
Ыам ыйын 7 — 8 күннэригэр хоту, Халыма-Индигир улуустарыгар инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Ыам ыйын 8 күнүгэр күнүс арҕаа кыралаан ардыаҕа, сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 16-21 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин билгэлииллэр.
Температура ыам ыйын 7 күнүгэр арҕаа +14+19 °, хоту +1+6°, ыам ыйын 8 күнүгэр +12+17°, соҕуруу сорох сиринэн уонна соҕуруулуу-илин +20° кыраадыска диэри сылыйыа.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1