Күн-дьыл туруга: балаҕан ыйын 19-20 күннэрэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын  19 күнүгэр, Дьокуускайга сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Сарсыарда уонна күнүс сөкүүндэҕэ 15-17 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин сабаҕалыыллар. Салгын  температурата  +5+7 кыраадыс.

Балаҕан ыйын 19-20 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ илин, хотугулуу-илин өттүгэр сорох сиринэн ардыаҕа итиэннэ инчэҕэй хаар түһүөҕэ.

Саха сирин киин оройуоннарыгар итиэннэ соҕуруу балаҕан ыйын 19 күнүгэр сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһэрин билгэлииллэр.

Хоту оройуоннарга кыралаан хаардыаҕа. Арҕаа өттүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт.

Киин оройуоннарга уонна соҕуруу сорох сиринэн сөкүүндэҕэ  9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин сабаҕалыыллар.  Температура түүнүн -3,+2, хотугулуу-арҕаа  -10-15, күнүһүн  +5+10, хоту -2,+3, соҕуруулуу-арҕаа +9+14 кыраадыс буолуоҕа диэн Саха сиринээҕи  гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр сулууспа билгэлиир.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0