Күн-дьыл туруга

Бөлөххө киир:

Бүгүн, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, Дьокуускайга сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, күнүһүн   +27+29° кыраадыска тиийэ итийэрэ күүтүллэр.

Атырдьах ыйын 11-12 күннэригэр киин, илин эҥэр итиэннэ хотугулуу-илин улуустарга куйаас күннэр туруохтара, сөкүүндэҕэ 8-13 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрэ күүтүллэр.

Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Мииринэйгэ сорох сиринэн кыралаан ардыаҕа.

Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Дьааҥыга, Халымаҕа сорох сиринэн атырдьах ыйын 12 күнүгэр ардаан ылыаҕа.

Булуҥҥа этиҥнээх ардах түһэр кэмигэр сөкүүндэҕэ  15-17 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕүн күнү-дьылы билгэлээччилэр сабаҕалыыллар.

Температура түүнүн +4+9, ардах кэмигэр +11+16, хотугулуу-илин хайалаах сиргэ  0,-5° кыраадыс буолуоҕа. Күнүһүн салгын температурата +25+30°, арҕаа  +20+25, хоту +13+18 ° кыраадыс буолара күүтүллэр диэн суһал ыстаап иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0