Саха сирин киин оройуоннарыгар хайдах күн-дьыл буоларый.
edersaas.ru
Бу туһунан күн-дьыл туругун кэтиир синоптиктар билгэлэригэр ыйыллар. Ол курдук, сарсын халлаан 4 кыраадыска тиийэ сылыйара күүтүллэр эрээри, сөкүүндэҕэ 18 м түргэннээх тыаллаах, инчэҕэй хаардаах күн буолара этиллэр.
Сылаас күн субуотаҕа күүтүллэр, онно аҕыс кыраадыска тиийэ сылыйара сабаҕаланар. Ону кытта инчэҕэй хаар, ардах түһүөн сөп дииллэр, айылҕаны кэтээн көрөөччүлэр. Тыал уҕараабат.
Онтон өрөбүл күн эмиэ тымныйар, салгын -4-9 кыраадыстан итийиэ суоҕа, сөкүүндэҕэ 8-13 м түргэннээх тыал тохтуу-тохтуу түһүөҕэ диэн этиллэр. Кэлэр нэдиэлэ тымныы буолара сабаҕаланар.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1