“Күн дьоно” — Санкт Петербург бэстибээлигэр

22.04.2019
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Санкт-Петербург куоракка “Үгэстэри харыстыыбыт” (“Сохраняем традиции”) норуоттар икки ардыларынааҕы V фольклор-бэстибээл ыытылынна.

edersaas.ru


Бэстибээлгэ Индонезияттан, Малайзияттан, Индияттан, Узбекистантан, Арассыыйа регионнарыттан, ол иһигэр Саха сириттэн, барыта 500-чэ кыттааччы кэлэн күрэхтэстэ. Ол курдук, Сибиир уонна Уһук Илиҥҥи регионнар норуоттарын култуураларын сайыннарар “Хотугу кустук” (“Северная радуга”) пуонда араас норуоттар фольклордарын биэс күн устата көрдөрөн, дьиҥнээх доҕордоһуу бырааһынньыгын тэрийэн ыытта.


“Хотугу кустук” пуонда бэрэсидьиэнинэн Александра Борисова, администратор-дириэктэринэн Ирина Соколова уонна арт-дириэктэринэн Александр Касьянов таһаарыылаахтык үлэлээннэр, Саха сиригэр, Москва уонна Санкт-Петербург куораттарга сыл аайы “Хотугу кустук” бэстибээли ыыталлар уонна онтон сүүмэрдээн баран, омук сирдэригэр ыыталлар. Ускуустуба аан дойдутааҕы ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Арман Гукасян бэстибээл дьүүллүүр сүбэтин үрдүк таһымнаахтык салайда. Бэстибээл ыалдьыта, Индонезия Өрөспүүбүлүкэтин посольствотын миниистирин сүбэһитэ Эди Сухарто бэстибээл түмүгэр эҕэрдэ тылы эттэ.

Саха сирин быыстапкатын сэҥээрэллэр

Бэстибээли сэргэ, “Саха сирин хаарын оһуордара” диэн Саха сирин маастардарын көһө сылдьар быыстапката үлэлээтэ. Быыстапкаҕа Дьокуускайтан маастар Николай Аржаков-Боло Уус — араас тиэмэҕэ оҥоһуллубут хомус композицияларын, кыл хомустары, айааннары, чускуурайдары, сиксиирдэри, Горнай улууһуттан Валерий Дьячковскай — хатыҥ мас удьурхайыттан олоҥхо дьоруойдарыттан кыспыт оҥоһуктарын, Каролина Парфенова — сахалыы куукулаларын, Намтан Прасковья Романова оҕо сахалыы оонньуурдарын туруоран кытыннылар.
Санкт-Петербурдааҕы Национальностар дьиэлэригэр Боло Уус саха музыкальнай инструменнарыгар сэминээр-презентацияны ыытта. Сэминээргэ хомуһунан, уһаныынан, кыраайы үөрэтиинэн хайдах дьарыктанан саҕалаабытын, кыл хомуһунан, ох саанан дьарыктарын уонна онно ситиһиилэрин туһунан кэпсээтэ. Бүтэһигэр кыл-хомуһу уонна тимир хомуһу түҥ былыргы төрүттэрбит түүрдэр ох сааҕа олоҕуран айбыттарын сырдатта. Көһө сылдьар быыстапка улахан сэҥээриини ылан, кыттыбыт маастардар Саха сирин Санкт-Петербурдааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин уонна Национальностар дьиэлэрин Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр. Быыстапка уонна презентация-сэминээр саха оһуохайын дьиҥ-чахчы баһылаабыт этээччилэр Евдокия Павлова-Кылыһах Далбар уонна Семен Черноградскай оһуохайдарынан үөрүүлээхтик түмүктэннэ, ыраахтан-чугастан түмсүбүт ыалдьыттар бука бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран үҥкүүлэстилэр.

Дипломнарынан наҕараадаланнылар

Бэстибээл Кылаан бирииһин (Гран-при) кыайыылааҕынан Индонезия Джакарта куоратыттан “SMA Muhammadiyah 1 Yoguakarte”, Ленинград уобалаһын Коммунар куоратын “Славяночка” үҥкүү бөлөхтөрө уонна Санкт-Петербург «Ликование» бөлөхтөрө ыллылар.

Бу бэстибээлгэ Бүлүү улууһун Үгүлээтиттэн “Күбэйэ” ырыа бөлөҕө, Ньурба Маалыкай бөһүөлэгиттэн “Сардаана саһарҕалара”, Тулагы бөһүөлэгиттэн “Эйгэ” оҕо бөлөхтөрө уонна Дьокуускай куораттан “Арчы — духуобунай киин” иһинэн үлэлиир “Күн дьоно” бөлөх кыттыыны ылан, ситиһиилээх кэллилэр.
Сэттэ киһилээх “Күн дьоно” бөлөх бэстибээлгэ барыта тоҕус нүөмэри туруоран, хас даҕаны номинацияҕа кыттан, бары араас истиэпэннээх лауреат дипломунан бэлиэтэннилэр. Ол курдук, Семен Черноградскай үс тылынан үс араас олоҥхону быһа тардан толорон, маҥнайгы истиэпэннээх лауреат дипломун ылла. Галина Самсонова сахалыы туойан, эмиэ маҥнайгы истиэпэннээх лауреат дипломун ылары ситистэ. Трофим Миронов тойугун хомус, чускуурай, сиксиир, кылырдыыр тыастарынан киэргэтэн, иккис истиэпэннээх лауреатынан буолла. Антонина Алексеева тойуга эмиэ иккис истиэпэннээх лауреатынан бэлиэтэннэ.

“Күн дьоно” бөлөҕүнэн икки тойугу толордо. Хомус туһунан тойугу төрдүө буолан кыл хомуһунан доҕуһуоллаатылар. Сорохтор хомуһунан, туйаҕынан уонна кылырдыырынан доҕуһуолластылар.  Инньэ гынан, бөлөх иккис истиэпэннээх лауреат дипломун ылары ситистэ. Николай Аржаков-Боло Уус үс инструмеҥҥа оонньоон, 3 истиэпэннээх лауреат буолла. Евдокия Павлова хомуһу, кыл хомуһу уонна хабарҕа ырыатын кытта биир кэмҥэ толорор нүөмэринэн кыттан, үһүс истиэпэннээх лауреатынан ааттанна. Ону таһынан, Семен Черноградскай уонна Антонина АлексееваМотуона” диэн көрдөөх ырыалара, саха музыкальнай инструменнарынан доҕуһуоллаан бөлөҕүнэн толорбут оһуохайдара биһирэннилэр.
“Күн дьоно” бөлөххө Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ Ильмень күөл кыргыһыытыгар кыттыбыт 19-с хайыһар биригээдэтигэр сулууспалаабыт саллааттар аймахтара бааллар. Онон, бөлөх Ильмень күөл сэриитигэр охтубут саха буойуттарыгар туруоруллубут өйдөбүнньүктэригэр дойдуларын сирин буорун илдьэн куталларыгар көмөлөспүт Саха сирин Санкт-Петербурдааҕы бэрэстэбиитэлистибэтигэр уонна сахалар Санкт-Петербурдааҕы түмсүүлэрин өр сыл көҕүлээн кэлбит Гаврил Троевка махталларын биллэрдилэр.

Мария НИКОЛАЕВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru cайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0