Ньурбаҕа «ЯКУТИЯ-МИРУ» норуоттар икки ардыларынааҕы материальнай уонна духуобунай култуура I этно-бэстибээлигэр «Күн дьоно» бөлөх кыттан кэллибит.
Балаҕан ыйын 5-9 күннэригэр ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ «Күн дьоно» бөлөх бэстибээл аһыллыытыгар түөлбэ оһуохайынан, салайааччыбыт Евдокия Павлова, Галина Самсонова тойуктарынан, Семен Черноградскай олоҥхотунан, мин хомуска «квартет в одном» толорууларынан кытынныбыт.
Бэйиэт Варвара Потаповаҕа аналлаах тэрээһиннэргэ кытынныбыт, ол иһигэр, Чаппандаҕа баар литературнай мусуойу билистибит. Ньурбаҕа тутуллан бүтээри турар Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатыр искибиэригэр мас олортубут, уустар Кыталыктаахха баар түһүлгэлэрин аһыллыытыгар бөлөҕүнэн кытынныбыт.
Мин бэйэм «Олоҥхо сирин талааннара» быыстапка- көрүүгэ кытынным уонна саха ох саатын оҥорууга маастар кылаас биэрдим.
Ити курдук, бастакы этническэй бэстибээлгэ ыҥырыллан ыалдьыт быһыытынан барбыппынан киэн тутуннум.
«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Николай АРЖАКОВ-БОЛО УУС