Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү улууска биир саамай көхтөөх, киэҥ далааһыннаах үлэлээҕинэн уонна элбэх чилиэннээҕинэн биллэр.
edersaas.ru
Өссө 1967 сыллаахха бэйиэт Николай Рыкунов көҕүлээн тэрийбит түмсүүтүн билигин CӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александр Дунаев салайан үлэлэтэ сылдьар. “Отуу уоттарыттан” үүнэн-сайдан, ситэн-хотон, Суруйааччылар сойуустарыгар киирбит дьон аҕыйаҕа суох.
Түмсүүгэ сүрэхтэрэ тугу этэринэн, кистэлэҥ иэйиилэрин хоһоон гынан хоһуйар, ырыа гынан көтүтэр бэйиэттэр бааллар. Кинилэртэн биирдэстэрэ – Алексей Татаринов-Удьурхай.
Кулун тутар 21 күнүгэр, Поэзия күнүгэр, Нам улууһун киинигэр Николай Рыкунов аатынан кииннэммит бибилэтиэкэҕэ Алексей Татаринов “Мин иэйиим сэбирдэх ыһыаҕа», «Алааһым кустугун дьэргэтиэм», «Айар аартыгым абылаҥа» хоһооннорун хомуурунньуктара сүрэхтэннилэр.
Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҥорбут сэргэх быыстапкаларын көрөн, кэлбит дьон махталларын эттилэр. Бэйиэт олоҕун, айар үлэтин сырдаттылар. Ону сэргэ, биллэн турар, бу күн Удьурхай хоһоонноро дорҕоонноохтук ааҕылыннылар.
Бүгүҥҥү киэһэ “буруйдааҕа” улуус дьаһалтатыттан, култуура улуустааҕы управлениетыттан, үөрэммит кыһата Намнааҕы педагогическай училищеттан истиҥ эҕэрдэлэри тутта. Үөдэй нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Семен Ядреев) 50 тыһыынча суумалаах сэртипикээти туттарда.
Доҕотторо: “Отуу уота” чилиэннэрэ, куораттан Галина Басылайканова-Кэнтик кыыһа салайааччылаах “Кырсаада” ансаамбыл хоһоон хомоҕойун, ырыа ылбаҕайын бэлэх ууннулар. Суруйааччы Валерий Никифоров—Суор Уола бэйэтин кинигэлэрин бэлэх уунна.
Алексей Татаринов-Удьурхай дэгиттэр талааннаах. Кини сүрүн үлэтиттэн быыс буллар эрэ, иэйии киирэн кэллэҕинэ, хоһоон суруйар, уһанар. Удьурхай хас да хоһоонун “Отуу уотун” чилиэнэ, мелодист Влад Ядреев ырыа гынан көтүттэ. Онон, баҕар, кинилэр иккиэн айар киэһэ да тэрийдэхтэринэ, соһуйбаппыт буолуо. Манна даҕатан эттэххэ, лиирик бэйиэт 50-ча хоһооунар ырыа айдылар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru