Күөмчүлэммит таптал (кэпсээн)

Ааптар:  Иннокентий Лукачевскай
12.11.2024
Бөлөххө киир:

Алта уонус бүтэһик сыллара…

Сатыы киһи атаҕын тоһутуох иҥнэл-таҥнал, ибили хаһыллыбыт, бадарааннаах суолунан оҥхойу, дэрдиэни барытын ааҕан бырысыап соспут «Бөлөрүүс» тыраахтар нэһиилэ хаадьаҥнаан айаннаан иһээхтиир. Уһун айантан сылайбыт дьон бырысыап хайа диэки иҥнэҥниир да, ол диэки өрүһүлтэтэ суох куоҕаҥнаһа истилэр. Сэһэргэһэр кэпсээннэрэ аҕырымнаан, сылаалара таайан, бэйэлэрин түүлээх холбукаларыгар бүгэн нухарыйан бардылар. Арай халыҥ таастаах ачыкытын нөҥүө оҕуруолуу тэһэ көрбүт эдэр киһи тыраахтар тыаһыгар доҕуһуоллатан киҥинэйэн ыллаан бэйэтин иэйиитигэр манньыйа истэ. Тыраахтар, дьиэтигэр чугаһаабытын билбит аллаах аттыы айана түргэтээн, күөх буруонан унааран сыыр тэллэҕин булуутугар, киэҥ алаас нэлэс гынна…

Күөх сайын көмүс солкоҕо сууланан ыраах айаҥҥа турунар чуумпу түгэнигэр алаас иһэ биллэ кэҥээбиккэ дылы буолбут. Түүҥҥү хаһыҥҥа оҕустаран саһара хагдарыйбыт мэччирэҥ алаас кырыллыбыт курдук хадьымалынан тэлгэммит, сайыҥҥы кэм кэрэтин хаалларан күһүҥҥү кэнчээри чээл күөҕүнэн чэлгийбит. Олоҥхо бухатыырдара халҕаһалыы хааман иһэллэрин санатан, соҕуруу куулаҕа баараҕай тэҥкэ мастардаах арыы тыа тумустуу анньыбыт. Сонун харахтары манньытан алааһы тулалыы сэлэлээн мааны хатыҥнар үрүҥ сотолоро ыраахтан тунаардылар. Уҥуоргу быллаардары кыйа бытыгыраспыт дэриэбинэ дьиэлэрэ ыраах айантан сылайбыт дьоҥҥо кэрэтийэн көһүннүлэр. Киирэн эрэр күн суһумугар кырылас түннүктэрин оонньотон икки этээстээх оскуола дьиэтэ барыларыттан баараҕадыйан сандаарда. Хордоҕойдоох кытыллаах обургу күөлгэ тыылаах балыксыт күн дьирибиниир суолугар хара күлүк түһэрэн чоҕуоруйда. Эрдииттэн ыһыллар көмүс утахтар бу дьикти киэһэни киэргэтэн-ситэрэн биэрдилэр. Күөл хонноҕор, барыйар буор булгунньах үрдүгэр, өлбүт буойуттарга анаммыт «Өйдөбүнньүк кылыс» күн уотуттан кылбайа кыыһан, «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!» диэн күүстээх этиини өйдөтөр. «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах” дииллэринии, бу үтүө алааска төһөлөөх дьон-сэргэ төрөөн-ууһаан олорон ааспыта буолуой?» — диэн санаа охсуллан ааһар. Хаһан эрэ Манчаары Баһылай маҥан атынан бу ыаллыы алаастарынан айыы бухатыырыныы көтүтэн аастаҕа.

* *

Күһүҥҥү от-мас кэхтэн, хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэрин курас тыалга ыскайдыыллар. Айылҕа барахсан алтан-көмүс солотуутунан симэнэн, чараҥ быыһа араҕас көбүөрүнэн тэлгэммит. Саха сирин хоһууннара, тиит мастар, тыйыс дойду өксүөнүгэр хойукка диэри тулуктаһан баран, дьэ сааһырбыт киһи курдук, чанчыктара саһара кыырыктыйбыттар.

Халлаан хас да күн ардаан тыынын таһаарынан, бүгүҥҥүттэн сайыҥҥылыы күннэр буолар туруктаахтар. Нууччалар этэллэринии, «дьахталлар быттанар» кэмнэрэ үүннэ бадахтаах. Олохтоохтор кэпсииллэринэн, сааскы ириэриигэ уонна уһун ардахха бу суол тиэхиньикэ хаампат гына ибили хаһыллар үһү.

Ис киирбэх ньыламан маҥан дьүһүннээх, бэйэтигэр сөрү-сөп быһыылаах-таһаалаах Наташа кыыс Бүтэй Бүлүүгэ төрөөн-үөскээн, оҕо сааһа Бүлүү эбэ киэҥ кытылыгар ааспыта. Саха судаарыстыбаннай университетын саха салаатын бүтэрэн учуутал дипломнаах бу чиэски сиргэ ананан, айаннаан кэллэҕэ. Наташа ачыкылаах киһи ыллаабыт ырыатын тыраахтар тыаһыгар баһыйтаран истибэтэр даҕаны, иннигэр эмискэ алаас нэлэс гыммытыгар, ол ырыа тыллара кутуллара дылы гыннылар:

Киһиэхэ төрөөбүт буора дойдута

Төрөппүт ийэтин кэриэтэ…

Кыыс туора дойдуну атыҥыраан, эмиэ да сонурҕаан саҥа олохсуйуохтаах сирин-уотун тургутардыы көрө олордо. Мунчаарыы муҥа бүүрэ тутан, төрөөбүт Бүлүүтүн тэһэ астаран ахтан кэллэ. Кыыс нарын дууһатын туоххаһыйыы санньыар иэйиитэ, эймэһийиитэ кууһан, уйадыйан ылла. Кинини туораттан одуулаһалларын сэрэйэн, кыбыстан, итии уунан саба ыстарбыттыы, имэ тэтэрдэ. Эдэр дьон харахтара хатыйса түстүлэр…

-Ол үлэлиэхтээх оскуолабыт дьэндэйэн көстөр… Билсэн кэбиһиэх, мин Николай Иванович диэммин, — хатыҥыр учуутал уол кыыска туһаайан мичээрдээн ылла. Николай, ачыкытын көннөрүнэ-көннөрүнэ көхсүн этитэн, кыыһы тулуйан көрбөккө, сыыһа-халты кылахачыҥнаата. Халыҥ таастаах ачыкыта күн уотуттан килэпэчиҥнээн, уол хараҕа улаата-улаата кыччаан көһүннэ.

-Наталья Михайловна, — кыыс, килбиктик сирэйигэр мичээр саҕыллаат, судургутук эппиэттэстэ. Кэпсэтии итинэн бүтэн салгыы тэнийбэтэ. Хайалара да суолтата суох тулаларын көрүммүтэ буола олордулар. Наташа: «Бу киһи маннык кэпсэтинньэҥэ, элэккэйэ суох буолан баччааҥҥа диэри кэргэнэ суох сырыттаҕа» диэн быһаарда уонна бу санаатыттан иһигэр күлэн ылла. Аараттан отон бөҕөнү үргээбит дьахталлар айманан-сайманан, ампаалыктаһан оннуларын булунан олорустулар. Күө-дьаа кэпсэтэллэрин быыһыгар, Наташаны уора-көстө сонурҕаабыт харахтарынан чинчилиирдии үөрэтэ көрдүлэр.

Дэриэбинэҕэ киириилэригэр күн номнуо саҕахха саһан, халлаан хараҥаран барда. Дьон айаккалаһан-дьойокколоһон дьиэлэригэр таммалаан истилэр. Николай Иванович тырахтарыыһы соруйан, Наташаны дириэктэргэ илдьэригэр көрдөстө. Уол дьэ өйдөммүттүү, кыыһы кытта эйэҕэстик быраһаайдаһан дьиэтигэр түстэ.

Наташаны дьиэ көстүөр диэри үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ дьахтарга олохтоотулар. Агафья Тимофеевна биэс уончалаах дьиҥнээх учууталлыы көрүҥнээх, түргэнник туттубут-хаптыбыт дьахтар кыыһы эйэҕэстик көрүстэ. Дьиэ иһэ хаһаайкатын курдук барыта орун оннугар, туох да ордук-хоһу суоҕун тэҥэ тупсаҕайдык дьааһыламмыт. Наташа, дьиэҕэ киирээт, хайдах эрэ туспа быраабыла, бэрээдэк олохсуйбут ыала буоларын сүрэҕинэн сэрэйдэ. Ол да буоллар, уруккуттан билсэр дьоннуу иҥнигэһэ суох уопсай тылы булан аһаҕастык кэпсэттилэр. Агафья Тимофеевна кыыс хантан төрүттээҕин, туох дьоннооҕун туоһулаһарын быыһыгар чэй бэлэмнээн элэҥнээтэ. Иитэр обургу кыыһа ыалдьыты сонурҕаан кэлэ-бара аалыҥнаата. Ийэтэ хараҕынан кырыыламмытыгар түргэн үлүгэрдик хоһугар бүгэн хаалла. Наташа толлубута ааһан, Агафья Тимофеевнаҕа махтана санаата. Оскуолатын биир сүрүн салайааччытын кытта утары көрсөн олорон чэй иһэн, дьиэтийэ быһыытыйда. Төһө да сылайдар, сарсыҥҥы күнү санаан уонна саҥа сири атыҥыраан утуйбакка сытта.

Хаһыҥ түһэн от-мас кугдарыйа саһарда, сиик көтүөр диэри күһүҥҥү айылҕа күн уотугар хурустааллыы оонньоото. Сарсыарда сайыҥҥылыы арылхай күн быраһаайдаһан эрэрдии, бүтэһигин сылааһынан угуттаата. Бэл ханна эрэ бөтүүк хатан хаһыыта сайыны уһатан эрэрдии иһилиннэ, сэргэхсийии сүүрээнэ бөһүөлэги тилэри тэнийдэ. Үөрэх, үлэ дьоно, сып-сап аһаат, хомунан-тараанан бары оскуолаларыгар ыксаатылар. Наташа эмискэ ыйтан түһэн хаалбыт курдук сананна, тулаайахсыйыы туруга өйүн-санаатын уйадытта. Дэриэбинэ дьиэлэрэ-уоттара, бэл иннигэр-кэннигэр сүүрэр ыттарыныын ураты буолан көһүннүлэр. Кини дэриэбинэтигэр холоотоххо, олбуора суох үс мас бүтэй күрүөлээх, аһаҕас кырыыһалаах, тэрээһэтэ суох элбэх дьиэлэрдээх бөһүөлэк тас көстүүтүн сирэ санаата. Кыыска бу дойдуга силис тардан үйэҥ тухары олоро кэллиҥ дииллэрэ буоллар, сибилигин сыгынньах атаҕынан да куотар туруктаах Агафья Тимофеевнаны батыһан истэ…

Саҥатык икки этээстээх оскуолаҕа ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук, «перемена» биир кэм оргуйан олордо. Улахан кылаас оҕолоро «сааскалаһан» ханна эрэ кыралары түҥнэритэ көтөн, бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэн адаарыҥнастылар. Икки хамаанданан арахсан киирсээччилэр. «Дьааттаама, эн өллүҥ!» — диэн быһаарсар аймалҕаннара кыараҕас көрүдүөрү ылан кэбистэ.

Наташа оҕолору кытта буойса-буойса, дириэктэрискэй диэки баран истэҕинэ биир обургу уол түҥнэри көтө сыһан, суумкатын туора хабырыйан ааста. Кыыс тутааҕын эрэ тутан хаалла. Аны эбиитин биир кыра уол суумкаттан иҥнэн умса баран түстэ. Наташа суумкатын оҕолор быыстарыттан нэһиилэ булан, үрдүнэн-аннынан тэбээбитэ буолаат, кыбынан кэбистэ. Ыгылыйбыта, долгуйбута ааһан биэрбэтэ, дириэктэргэ киириэхчэ киирбэккэ төттөрү-таары хаамыталаата…

-Киириэххэ син дуо, Иван Петрович, дорооболоруҥ? — диэтэ Наташа кубу-дьиби туттан ааны аһан иһэн.

-Аа, киириҥ-киириҥ, Наталья… ыы, аа…- диэн сааһыра барбыт дьахтардыы маҥан, эт ласха орто уҥуохтаах дириэктэр киһи мунааран ылла.

-Михайловна, — Наташа эбэн эттэ. Дириэктэр бэҕэһээ киэһэ хомуһуоллаах ньаачайан турарыттан чыҥха атын киһи буолан көрүстэ.

-Хайа, Наталья Михайловна, төһө үчүгэйдик сынньанныҥ?

Дириэктэр бастаан буоларын курдук кыыһы тургутан көрө-көрө дойдутун, үөрэҕин туһунан туоһулаһан баран, оскуолатын, дэриэбинэтин олоҕун кэпсээтэ.

— Чэ, Наталья Михайловна, эн эдэр киһи бэйэҥ билсэн-көрсөн иһиэҕиҥ, син дэриэбинэ дэриэбинэ курдук, киһи үлэлиир, олорор сирэ дии саныыбын. Манна кийиит буолан хаалбыт билигин саастаах учууталлар дойду оҥостон бэртээхэйдик олороллор. Эдэр исписэлиистэргэ куруук кыахпыт баарынан көмө, сүбэ буолар үчүгэй үгэстээхпит, — Иван Петрович уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн эрдэҕинэ, Агафья Тимофеевна киирэн кэллэ.

Наташаҕа расписаниены билиһиннэрдэ, үөрэтэр уруоктарын, кылаастарын быһаарда. Онтон кэпсии-кэпсии, оскуоланы кэритэн көрдөрдө. Перемена кэмигэр учительскайга учууталлары мунньан дириэктэр саҥа үлэһити билиһиннэрдэ. Наташа долгуйан уопуттаах учууталлар тургута көрөллөрүттэн кыбыстан ыллар да, бэйэ бодотун тардынан сэргэхтик тутта сатаата. Николай Иванович кыыһы уруккуттан билэр киһилии эйэҕэс мичээрдээх көрүстэ. Сарсыҥҥы уруоктаргар бэлэмнэн диэн Наташаҕа бүгүн уруок туруорбатылар. Библиотекаттан үөрэх кинигэлэрин уларсан, син аҕыйах учууталы кытта билсэн уоскуйа быһыытыйда. Наталья Михайловна үлэлиэхтээх оскуолатын кытта билсиһиитэ, бэйэтэ да өйдүүр түгэнэ суох судургутук итинник саҕаланна.

Сарсыҥҥытыгар Наташаны Лариса Степановна диэн былырыын үлэлии кэлбит математика учуутала кыыстыын олохтоотулар. Онон Агафья Тимофеевнатыттан малын сыыһын ылан Ларисаҕа көһөн кэллэ. Кыыс хайдах эрэ Наташаҕа майгынныыр орто уҥуохтаах, сөбүгэр эттээх, уратыта диэн харатыҥы ис киирбэх дьүһүннээх. Кэрэтин өссө ситэрэн биэрэр иэдэһигэр кыракый мэҥнээх. Күллэҕинэ иэдэһигэр оҥхой ньимийэн, ол мэҥэ кыыһы өссө тупсаран биэрэр. Кыргыттар уопсайга олоро үөрүйэхтэринэн биир тылы була охсон, бодоруһан бардылар. Лариса саҥалаах-иҥэлээх сэргэх буолан Наташаҕа тута сөбүлэттэ. Учууталлар уопсайдара диэн аатырар эргэ дьиэҕэ аҕыйах ыал олорор эбит. Дьиэлэрэ оскуола олбуорун иһигэр эргэ интэринээти уонна мастарыскыайы кытта кэккэлэһэ кэриэтэ тураллар. Наталья Михайловнаны төрдүс кылаастарга кылаас салайааччытынан анаатылар, нэдиэлэҕэ сүүрбэ чаас ноҕуруускаланна. Дьүөгэтинээн көҕүһэ-көҕүһэ үлэ үөһүгэр умса түһэн түбүгүрбүтүнэн бардылар.

Көмүс күһүн барахсан алтан дуйун ыскайдыыр, иирбэ-таарба киһи иилэн ылбат нэс күннэрэ турдулар. Үөрэх кэнниттэн эбиэттэн киэһэ оскуола үөрэнээччилэрин күүһүнэн, сүөһү эбии аһылыгар диэн лабыкта хомуйуута саҕаланна. Айылҕа барахсан кэхтэн, курус көстүү санньыарынан иһийбитин оҕо аймах аймалҕана сэргэхсиппиккэ дылы буолла. Бэл салгынныын сылыйан, үлэ күөстүү оргуйда. Орто, улахан кылаастар оҕолоругар диэн түһээн түһэрэн, күрэхтэһии күргүөмнээхтик саҕаланна. Биир куул лабыктаҕа сүүрбэлии харчы төлөнөр буолан, оҕолор сүүрэ сылдьан үлэлээтилэр. Онус кылаас уолаттара бырысыапка тиэйэн дэриэбинэҕэ таһан иһэллэр. Кинилэргэ туспа сыана быһыллар. Куул тиийбэккэ, онно-манна былдьаһар аймалҕаннар буолуталаан ылаллар. Элбэх чөмөх оҥоһуллан, араас бэлиэлэр чоростулар. Сорохтор «бугулларын» бутуйаннар, ый-хай оройуттан тутуллан баран, нэһиилэ уоскуйаллар. Дьээбэлээх уолаттар куул түгэҕэр амынньыар, лабаа уган, үрдүгэр лабыктаны ыга симэн туспа аахсыыны күөдьүтэн ылаллар. Быһата мэник-тэник оҕо саас көрө-күлүүтэ, дьээбэтэ-хообото манна буолла. Аны лабыкта саккыраабат буолуор диэри ыга симиллибит буолуохтаах диэн быраабыла ирдэнэр. Суотчут учуутал биирдиилээн оҕо хас куулу толорбутун хонтуруоллаан бэлиэтэнэн иһэр, онтон кылааһынан түмэр. Бу көхтөөх үлэҕэ Наташа кылааһын оҕолорун кытта син балайда билистэ. Ким үлэҕэ сыһыамаҕа, майгыта, бэрээдэгэ бу тэрээһиҥҥэ ырылыччы көһүннэ….

Иннокентий Лукачевскай

                                                                      ***

Бу бэрт умсугутуулаах сэһэн салҕыытын «Бичиккэ» тасыбыт «Күөмчүлэммит таптал» кинигэҕэ булан ааҕыҥ.

Айымньыга биир дэриэбинэҕэ ү6рэхтэрин бүтэрэн үлэлии кэлбит эдэр кыргыттар, аармыйаттан ытык иэстэрин төлөөн, хаайыыттан буруйдарын боруостаан төннүбүт олохтоох уолаттар истиҥ доҕордоһуулара, бэйэ-бэйэлэринэн умсугуйуулара көрдөрүллэр. Дьиҥнээх таптал, сиэр-майгы,олоххо тардыһыы итэҕэтиилээхтик ойууланар. Дьылҕа хаан бу эдэр дьон төлкөлөрүгэр түөрэх быраҕан эрийэр-мускуйар. Арыгы дьалхааныттан, содур быһыыттан оһол, суорума суолланыы, хомойуох иһин тумнуллубат. Сэһэн олох киһи баҕатын хоту салаллыбатын, үөйбэтэх өттүттэн араас түбэлтэлэр буолуохтарын сөп эбит диэн ааҕааччыны сэрэтэр.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
3
+1
0
+1
5