Көмүс содула. КЭПСЭЭН.

Ааптар: 
06.05.2017
Бөлөххө киир:

Былыр көмүстээх тайҕаҕа Бодойботтон дьон көмүс сууйан байан-тайан кэлэллэрэ. Көмүс хаһан баҕар ыар-нүһэр тыыннаах, алдьархай ааҥнаах буолара. Дьон көмүскэ харахтара хараҥаран, киһини да өлөрөллөрүн кэрэйбэттэрэ.

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Сорохтор умса-төннө түһэн үлэлээн-хамсаан көмүһү булаллара. Атыттар көмүһү көрдөөн, үлэлээн эрэйдэммэккэ, түҥ тыаҕа тоһуурга манаан сытан халаан ылаллара.

Ол курдук хара тыаны хаххаланан түөрт киһи тоһуурга манаан сыталлар. Бүгүн манаабыттара үһүс күнэ. Биир саҥа байан эрэр атыыһыт Бодойбоҕо ааспыта. Икки сыарҕалаах акка өрөһөлүү таһаҕас тиэнэн ааспытын бу түөкүттэр «сыыска түһэриэхтэрэ» баара дуо, саһан сытан көрбүттэрэ.

— Бүгүн үһүс күнүгэр төннөр ини.

— Ити тугу ыырдан, тиэнэн ааспыта буолуой?

— Биллэн турар, эти, арыыны, күндү түүлээҕи көмүскэ мэнэйдэһэ бардаҕа – кэтээн сытааччылар тэһийбэккэ, тулуйбакка арааһы кэпсэтэллэр.

— Үһүөлэр этэ дии. Антахтан эбиллэн кэлбэттэр ини – сэҥийэтигэр абына-табына ньуолах бытыктаах киһи бэрдээнин имэрийбэхтээн ылар.

— Биир эдэр улахан үскэл киһи баара, мүччү-хаччы тутуннахпытына, бэйэбитин былдьатаайахпыт – хатыҥыр эдэр уол саллыбыттыы көрүтэлиир.

— Куттанар эрээри тоҕо кэлсибиккиний? – бас-көс киһилэрэ хобдьоорор.

— Бар, аартык айаҕар баран олор. Иһиллээ, иһэр сибикилэрин биллэххинэ суордуу саҥараар – уолу соруйан атаарда. Уонна хоонньуттан сүөһү оһоҕоһугар кутуллубут испиириттэн хончоҕорго кутан уулаата. Икки киһи исиһээри чугаһаатылар.

— Хаһаас испиирбит бүтэн эрэр.

— Сотору баар буолуо.

— Дьыала испииргэ буолбатах, көмүс наада биһиэхэ.

— Ити уолу хайыыбытый?

— Онуоха-маныаха диэри сылдьан эрдин.

— Онтон хайыыгытый? Эдэрэ бэрт ээ..

— «Өбүгэлэригэр утаарыахпыт» – Сэксэгэр Бытык ол-бу диэки олоотоон мэлээриҥниир. Сэбилэниилэрэ диэн икки бэрдээн, биир тыатааҕы тайыыта. Ол олордохторуна уоллара суордуу таҥалайын таҥсынна. Үһүөн сытар сирдэригэр кирийдилэр. Сотору ат тыбыырара иһилиннэ. Икки сыарҕалаах аттаах киһи иһэрэ көһүннэ. Барбыттарын курдук үһүөйэхтэр эбит. Арыый чугаһатан баран ытыахтаахтар этэ да, кэлэн иһээччилэр ыттара дьон баар сибикитин билэн, үрэн баргыйдылар. Атыыһыт ону сэрэйэн саатын ылан эрдэҕинэ бэрдээн тыаһа өрө хабылла түстэ. Тыас ой дуораана буолан сатараан эҥсиллэн сис устун тарҕанна. Атыыһыт таба саҕынньаҕыттан түү бурҕас гынна, тиэрэ баран түһээт, тыынын харбаһан кулуннуу мөхсө сытта. Бэрдээннэр тыастара баһырҕаата. Улахан багдайбыт сылгыһыт, атыыһыт саатын хаба тардан ылаат, маска сөрүөһүннэ. Иккис атыыһыт хамначчыта эмиэ туукка саалаах эбит. Икки өттүттэн ытыалаһыы түмүгэр Сэксэгэр Бытык табыллан, хараҕа барбатах балык миининии көрөн хардырҕыы сытта. Дьабадьытыттан хаан сынньылыйан хаарга таммалыыр. Бытыга аҕыйахта сэпсиҥнээт, налыс гынна. Мааҕын аартык айаҕар кэтэбилгэ барбыт уол, саһа сытан дьулаан көстүүнү көрөн, куттанан салыбырыы олордо. Кириэстэнэн сапсыммахтыыр. Ол олорон «Баһылыга» кинини хаһыытаан ыҥырарын иһиттэ. «Ол сааны ыл уонна ытыалас!» – уол кэлбитигэр Баһылык көбүөлээтэ. Уол Сэксэгэр Бытык халлаан диэки хантайан көрө сытарыттан этэ саласта. Сааны ытыстыбыт киһиттэн нэһиилэ арааран ылла.

— Бар. Эргийэ сүүр. Ойоҕосторуттан киирэн ытыалаа! – Баһылык уолу сибигинэйэ былаан бардьыгынаата.

Уол эргийэ барда. Баһылык, атыыһыт биир хамначчытын бааһырта. Биир уордаах ыттара кинилэри үрэрэ бэрдин сөбүлээминэ ыты хаптаччы ытан кэбистэ. Иккис ыт кутуругун купчуппутунан иччилэрин кэннигэр түстэ. Айанньыттар ытыалаһа сытан ботуруоннара бүттэ. Атыыһыт хамначчыта ботуруон ылаары сыарҕаҕа үөмэр. Ат саа тыаһыттан тэһииркээн, суолтан туора ойон тахсыбыт. Муоһата сыарҕа анныгар киирэн, ханньаччы анньан тохтоппут. Хамначчыт сыарҕаттан ботуруон ылаары хасыһан эрдэҕинэ, мэник буулдьа иҥсэлээхтик иһиирэр тыаһын кытта, чабырҕайын хайа суруйан ааста, бэргэһэтэ ыраах эһилиннэ. Бэйэтэ сыарҕаҕа умса баран түстэ. Бу кэмҥэ атыыһыт сылгыһыта ботуруона бүтэн, мастарынан хаххаланан түөкүттэргэ чугаһаан истэ. Хамначчыты ытыалаан баран өссө ииттэр кэмнэригэр сылгыһыт өстөөхтөрүгэр сүүрдэ. Сүүнэ улахан киһи кинилэр диэки сүүрэн баадыйалаан иһэрин бандьыыттар салла көрдүлэр. Сотубуордарын мүччү-хаччы тутан ииттиэхтэригэр диэри сылгыһыт сүүрэн кэллэ. Бандьыыты саатын туора хаһыйаат, сыҥаахха сырбатта. Киһи атаҕа адаарыс гынна. Онтон иккис киһитигэр эргиллэн эрдэҕинэ баһылык тайыынан ойоҕоско ньим гыннарда. Тайыы мас уга чоройбутунан тобуктуу түстэ. Баһылык этэ да тардан көрбөккө тыынын салҕаан кэбистэ. Онтон дөйөн баран өйдөнөн баһын буккуйа олорор кыттыгаһын эмиэ тайыынан өтөрү түһүөн санаан баран тохтоото. Көмөлөһө түспүтүн кэннэ кэлин «сайылыам» дии санаата. Иккиэн били уолларын ыҥыра сатаатылар.

— Били уол тоҕо эрэ сүттэ.

— Күрээтэҕэ дии. Тыллаан биэрэрэ буолуо.

— Чэ, хомуна охсон барыах. Ол уолу ир суолун ирдээн «дьууктуохха наада» – бандьыыт баһылыга «идэһэбин астыам» диэбиттии кэбэҕэстик тыллаһар. Ат сыарҕатын хасыһан бэрэмэдэйгэ ыга симиллибит көмүһү булан, харахтара сырдыы түстэ. Илиилэрэ салҕалас буолбут.

— Дьэ хайдах үллэстэбит? – диэн ыйытыыттан баһылык кыттыгаһа баарын саҥа билбиттии көрөн, сирэйэ дьэбин уоһуйда.

— Бар, өлбүт дьону хаарынан саба тарый. Кэлин быһаарыахпыт – диэн көбүөлээтэ. Кыттыгаһа ону сэрэйбэттээх бэйэлээх буолуо дуо?.. Көмүс үллэстии хаһан баҕарар хаан тохтуулаах буоларын этинэн-хаанынан билбитэ. Ол иһин хааһахтаах көмүһү хасыһа олорор баһылыгы тайыынан сүнньүн буккуйуон баҕарбыта да, тохтоото. Баһылыга соруйбутугар иккис бандьыыт хаарынан саба тарыйаат, харыйа лабаатынан чөмөхтүү быраҕаттаата. Сэксэгэр Бытыгы суордар хараҕын бэлиэр оҥпуттар. Сыарҕаттан дьон өйүөлэрин хостоон сиэтилэр. Билигин аҕай дьону сэймэктээн баран аҕынньалара да төллөн көрбөккө аһыыллар. Хаарга тохтубут хааны хабыалыыр суордартан туох да уратылара суохтар. Аһаан бүтэн, били күрүөйэх уолларын суолун хайан көрдүлэр.

— Ол иһин даҕаны, сэрэйбит сэрэх, дьоҥҥо тыллыы барбыт.

— Эрдэ дьаһайан кэбиспэккэ сыыспыппыт – икки бандьыыт төннөн кэлэн сыарҕалаах аттарын суолга киллэрэн айаннаатылар. Баҕар, уол манан ааһыа диэбит сирдэринэн быһалыы бардылар.

Ол кэмҥэ күрүөйэх уол куотан испитэ. Уол кинилэргэ биир баайга хамначчыттыы сылдьан күрээбитэ. Уолу аһара атаҕастыыллара бэрдин иһин атах балай барбыта. Кини эмиэ хаһан эрэ истиҥ ийэлээх, амарах аҕалаах этэ. Күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕолорун харахтарын харатыныы харыстаан-бүөбэйдээн ииппиттэрэ. Уол төрөппүттэрэ кырдьаҕас буолан, ыалдьан өлбүттэрэ. Ол кэнниттэн кинини нэһилиэк кинээһэ биир баай ыалга олохтообута. Икки ынахтарын, биир борооскуларын сиэтэн уолу көһөрөн ылбыттара.

Баһыккаҕа дьэ ыарахан олох саҕаламмыта. Аанньа да аһаабакка хотоҥҥо хоммотун эрэ айыыта этэ. Эбиитин баай оҕолоро күлүү-элэк оҥостоллоро. Улахан уоллара итирэн баран тэбэрэ, охсоро көҥүл этэ. Биир оннук мучумаан кэнниттэн Баһыкка тыаҕа түспүтэ. Атах балай сылдьан бу куоппут дьонун кытта булсубута.

Баһыкка бу дьону кытта көмүстээх тайҕаҕа барсан үлэлээн, бэйэтин олоҕун оҥостор санаалааҕа. Дьонтон өлөрөн-өһөрөн туран көмүстэрин былдьыылларын билбитэ буоллар, кинилэргэ кыттыһан да бэрт. Мааҕын кини Сэксэгэр Бытык өлөн хараҕын быччаччы көрөн сытарыттан кута көтө сыспыта. Буолумуна, уол хаһан итинниги көрбүтэ баарай. Кини саанан куттаан баран былдьаан ылыахтара дии санаабыта. Баҕар, ол кини кэнэниттэн, итэҕэйимтиэтиттэн буолуо. Уол тохтоон чөҥөчөккө сынньана олордо. Төрөппүттэрин санаан хараҕын уута ыгыллан таҕыста. Ама да аас-туор олох ааҥнаан, быстар дьадаҥытык олорбуттарын иһин үчүгэй да кэмнэр этэ. Төһөтүн да иһин самныбыт балаҕаннарыгар бур-бур буруо таһааран олордохторо дии.

Уол арааһы саныы олордоҕуна ханна эрэ саа тыаһа өрө хабылла түһээтин, буулдьа ыйылаан кэлэн таҥаһын сиирэ ааста. Уол илиитигэр тута сылдьар бэрдээнин ииттэ охсон, сыгынах кэннигэр ыстанна.

— Баһыкка кэл, үтүөнэн!

— Барыҥ бэйэҕит, мин туспа барыам.

— Үчүгэйинэн кэлбэтэххинэ манна «дьаһайан» баран барыахпыт.

— Миэхэ сүтэрэрим суох, миигин да ытыалаһыа суоҕа диигит дуо? – уол синигэр түстэ: Ааһа туруҥ бэйэҕит! Куттанымаҥ, мин кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа — Баһыкка эппитин кэннэ чочум буолаат, бандьыыт баһылыгын саҥата сөҥөдүйдэ.

— Дьэ Баһыкка, дьоҥҥо тыллыыр күннээх буоллаххына сэрэнээр. Син биир булан, баскын хатарыам.

— Ааһыҥ, барыҥ! Кэпсээтэхпинэ бэйэм баһым барар буоллаҕа – уол хаһыы быластаах этэн баран, кэтэһэн сытта. Кыттыгастара ааһа барар тыастарын иһиттэ.

Икки бандьыыт сыарҕалаах атынан айаннаан иһэллэр. Икки хайдыһар суол кэлбитигэр.

— Чэ, манна тохтоон көмүспүтүн үллэстиэххэ уонна мин туһунан барыам – диэн аргыһа эппитигэр баһылык өс киирбэх тохтоото. Бэрэмэдэйиттэн лис курдук ыарахан кыһыл көмүстэри таһааран иккигэ үллэрдэ. Баһылык туох буолан тэҥҥэ үллэрбитин амырыын аргыһа сөҕө санаата. Өлүү көмүһүн илиитэ салҕалаабытынан төҥкөйөн хомуйан мөһөөччүгэр хаалыы турда. Баһылык көхсүн хараҕар харыс уһуннаах быһаҕы батары оҕуста. Төттөрү сулбу таһыйан ылаат, аны хонноҕун анныгар ньим гыннарда. Киһи айаҕыттан күүгэннээх хаан сынньылыйан бобуллаҥнаата. Түүрүллэ түһээт ньим барда. Баһылык киһитин хаарга саба тарыйаат айанныы турда. Нэһилиэккэ тиийэн билэр атыыһытыгар киирдэ.

— Оо, здорова, Иннокентий, хайа хантан көһүннүҥ? – сааһыра баран эрэр нуучча бааһынайа атыыһыт уруйдуу көрүстэ.

— Тайҕаҕа көмүс сууйа сырыттым.

— Золото, наверно, много добыл. Давай проходи.

— Син, аҕыйаҕы булуннум – Лэгэнтэй сыгынньахтанан киирдэ. Атыыһыттыын арааһы кэпсэтэн арыгы истилэр, аһаатылар. Аҕыйах көмүһү харчыга атастаста. Ол олордохторуна Хаартыһыт Хаанньа киирдэ. Лэгэнтэйи хаартылыахха диэн кучуйда. Бастаан бандьыыт атамаана кэтэмэҕэйдээтэ эрээри, баартаах баара өтөн уонна испит арыгыта төбөтүгэр тахсан, хаартыһыттар балаҕаннарыгар барыста.

Хаартыһыт бөҕө мустубут эбит. Маҥнай бэркэ сүүйдэ. Ол кэмҥэ атыыһыт кыыһа киирдэ. Лэгэнтэй ол дьахтары эрдэттэн да билэр буолан, бэйэтигэр тардан ылан кууспахтаата. Санаата көнньүөрэн аллааҕымсыйан, алтан болуускалары сиэбиттэн ытыһан ылан өһүөҕэ ыста. Манньыаттар ыһыллыбыттарыгар дьон ону хомуйан булумахтастылар. Атыыһыт кыыһа мичээрдээбитинэн Лэгэнтэй түһэҕэр олордо.

— Мэ, бар, арыгыта ылан кэл! Мин бүгүн күндүлүүбүн – Лэгэнтэй дьахтарга киһиргээн биир киһини арыгы ыллара ыытта. Кэлин лаппа холуочуйан, харчы бөҕөтүн сүүйтэрдэ. Хата онтон кыһаммат. Билигин кини баай киһи. Атыыһыкка тыҥырах эрэ саҕа көмүһү атыылаабыта. Аара бэрэмэдэй муҥунан көмүһү кистээбитэ.

Атыыһыт кырасыабай кыыһын, Лэгэнтэй төһө элбэх көмүстээҕин биллэрээри соруйан хаартыһыттарга ыыппыта. Лэгэнтэй лаппа хотторон барда. Атыыһыт кыыһын ханна эмит илдьэ барыан баҕарда.

— Чэ, ханна барабытый Дашенька? – сүүлэ киирбиттии оботтоохтук көрөн дьахтар самыытын туппахтыыр.

— Биһиэхэ барыахха, кыра дьиэбитигэр ким да суох – дьахтар маны эрэ күүппүттүү атаахтаабыттыы туттан, уураан чоп гыннарда. Лэгэнтэй биирдэ өйдөммүтэ атыыһыт кыра дьиэтигэр баар эбит.

— Кеша төһө элбэх көмүстээххиний?

— Элбэх бөҕө буоллаҕа ди… чэ кэл манна.

— Тохтоо. Подожди, үчүгэйдик кистээбитиҥ дуо? — ороспуойдар булан ылыахтара.

— Булбаттар.

— Ханна кистээбиккиний?

— Тыаҕа.

— Тыаҕа ханна?

— Киһи уҥуоҕар… чэ кэлиий… – Лэгэнтэй итирэн чалбаччы көрбөхтүүр. Онтон атыыһыт кыыһа:

— Чэ ол туһугар иһиэххэ.

— Туох туһугар?

— Эн биһикки туспутугар.

Лэгэнтэй иһэн баран итирэн сүтэн барда. Хараҕар өлөртөөбүт дьоно сиилээбиттии көрөллөр. Күлэн күһүгүрэһэллэр. Лэгэнтэй сарсыарданан уһуктан кэллэ. Тамаҕа кууран, тыла чороччу хаппыт. Харбыалаһан туран уу иһэн киллиргэттэ. Атыыһыттаахха тахсыбыта, атыыһыт суох. Кыбыыттан атын тутан көлүннэ. Тиэтэйэ-саарайа көмүс кистээбит сиригэр ойутта. Биэрэстэ курдук барбахтаат, кистээбит сиригэр тиийдэ. Ханнык эрэ аттаах дьоннор түөрэ хаһан булан илдьэ барбыттар. Соторутааҕыта барбыттарын туоһута — аттарын сааҕа буруолуу сытар. Бэрдээнин бэлэм туппутунан суолларын хайан эккирэттэ. Хайа хапчааннаах сиригэр дылы сырыста. Хапчааҥҥа кэлбитэ икки ыҥыырдаах ат бааллан тураллар. Саатын бэлэм тутан суолларын көрдө. Тааска ыттыбыт суоллара баар. Үөһэ диэки олоотоон хантаарыҥныы турдаҕына бүтэй тыас «пас» гынна. Буулдьа бандьыыт атамаана Лэгэнтэй сүүһүгэр түһэн, кэтэҕэ кэдэс гынна. Бэргэһэтэ эһилиннэ. Тиэрэ баран түстэ. Сүүһүн дьөлөҕөһүттэн хаан өрө тыгыалаата. Атыыһыт ыппыт эр бэрдин хайгыыр саҥата таас быыһыттан иһилиннэ.

Баһыкка амырыын атастарыттан атырдьах салаатыныы арахсан, атах балай айаннаан истэ. Дэлби тоҥон, аччыктаан, айаннаабыта иккис күнэ. Ханна тиийэн туох дьылҕаланара биллибэт. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан, уол санаата түстэ. Бэрдээнинэн эрдэҕэс улары ытан үссэннэ.

Үһүс күнүгэр сырата-сылбата быстан, нэһиилэ хааман биир кыра алааска кыстык угун саҕа балаҕаны көрдө. Киириэн дуу, кииримиэн дуу саараан турда. Сэргэҕэ биир ат бааллан турар. Өр чуҥнаан баран киирдэ. Оҕонньордоох эмээхсин билбэт саалаах киһилэрэ киирбитигэр тэһииркээбиттии көрдүлэр.

— Дьиэлээхтэр кэпсээҥҥит.

— Суох эйиэнэ…

— Суох.

— Киирэн олор. Кэпсээ хайа дойду оҕото эбитиҥ буолла? – оҕонньор талах олоппос ылан биэрдэ. Уол ыйытыыга хоруйдаабакка, таҥаһын уһулла.

— Хайа диэки айаннаатыҥ? Кэл олорон чэйдэ ис – эмээхсин лэппиэскэ, үөлүллүбүт собо уурда. Уол аччыктаан аһыырын быыһыгар кини диэки атыҥыраабыттыы көрөллөрүн сэрэйдэ. Буолумуна, билигин көмүс умсулҕаныгар араас ороспуой бары сылдьыан сөп. Уол ыйыппыттыы көрөр харахтарга туох диэн хоруйдуон токкуйдуур.

— Эһиги миигиттэн куттанымаҥ. Мин бандьыыт эҥин буолбатахпын. Хаһан эрэ мин эмиэ дьон курдук ийэлээх аҕалаах этим. Кинилэр күн сириттэн күрэнээттэрин кытта, баайга хамначчыттаабытым. Сүөһүбүтүн, сылгыбытын бэйэлэригэр көһөрөн ылбыттара. Быһалыы эттэххэ, мин кинилэри кытта тапсыбакка, атах-балай барбытым – уол кырдьыгынан этэригэр тиийдэ. Кырдьаҕастар уол сымыйалаабатын сирэйиттэн-хараҕыттан көрөн сэрэйдилэр. Уолу аһыммыттыы көрөллөр.

— Ол баай киһи ирдээн кэлбэт ини – эмээхсин ыйытар.

— Араллааммыт, этиһиибит түмүгэр «уонна хаһан да кэлиэм суоҕа» диэн тахсан барбытым.

— Билигин хайа диэки барар санаалааххын? — эмээхсин көхсүн этитэр. Уол саҥарбакка олорбохтоото.

— Чэ, бүгүн манна хонор ини. Сарсын быһаарыа буоллаҕа. Ханна эмит уруулаах буолаайаҕын? – оҕонньор хата уол мух-мах буолан олордоҕуна саҥарда.

— Турар бэйэм бу. Биир аҕабынан эдьиийим баара ханна эрэ кийиит буолан сүктэн барбыт үһү.

— Оо дьэ, тулаайах сордоох эбиккин дии. Онуоха-маныаха диэри биһиэхэ олорон эрдэххинэ…

— Эһиги иккиэйэххит дуо? – уол аҕыйах да кэмҥэ олорор сирдэммититтэн үөрдэ.

— Биһиги икки оҕолоохпутуттан, уолбут ыал буолан туспа көспүтэ. Кыыспыт быйыл уон аҕыһын туолла. Кыыс убайын ааҕар барбыта. Нэһилиэк мантан чугас. Манна тэһийбэт буолан бара турар. Таарыйа саҥаһыгар оҕо көрсөр. Сарсын кэлиэҕэ – эмээхсин уол туох диир эбит диэбиттии көрөн ылла.

Уол ийэтинии арыы саһыл хааннаах, маҥан субалаах, аҕатыныы кэтит сарыннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах. Санаарҕаабыттыы унаарыччы көрбүт ыраас харахтаах. Эрдэ манна сылдьан киэптээн ааһар дьоннордооҕор чыҥха атын. Киэһэ уол кэтэҕэриин ороҥҥо, сылаас дьиэҕэ тэбэн көрбөккө утуйда. Сарсыарда турбута кырдьаҕастар бэлиэр турбуттар. Бүгүн уол санаатыттан оҕонньорго көмөлөстө. Атынан от тиэйэн аҕаллылар. Куруҥ мас охторон эрбээтилэр. Оттуур сирдэрэ манна баар эбит. Ол иһин манна балаҕан туттубуттар. Хотонноругар түөрт ынахтаахтар. Икки борооску көстөр уонна икки соторутааҕыта төрөөбүт ньирэй баар. Киэһэлик уол тэһийбэккэ көмүлүөк оһох иннигэр мас кыччайа олордо.

— Ийээ, мин кэлэн иһэммин… – кыыс саҥата чаҕааран иһэн, эмискэ уол баарын көрөн симиттэн тохтоото. Иккиэн көрсө түстүлэр. Кыыс уһун суһуоҕун икки гына өрүммүт. Уолу сөхпүттүү көрөн, хараҕын симириҥнэтэр, кыламанын сапсынар.

— Кэллиҥ дуо тукаам. Ити биһиги ыалдьыттаах олоробут – эмээхсин кыыһа соһуйбутун көрөн эттэ – убайыҥ аах хайдах олороллор?

— Этэҥҥэ… кыра уоллара хааман тоотойо сылдьар – кыыс Баһыкка диэки кылап гына көрөн ылар.

— Оо, оокобун даа… Сарсыҥҥа дылы бара сылдьыллыа – эмээхсин остуол тардар.

Баһыкка аҕыйах күн бу ыалга олордо. Оҕонньор көмөлөһөөччүлэнэн эһиилги маһын тиийэ эрбээн саһааннаата. Бүгүн сааскы халлаан ириэрэн баран тоҥорбут буолан, кыылга сойуолуу бардылар. Ол аата хаар үрдэ мууһурбут буолан кулааһай атаҕын тыһын аалларан дьуххарытар. Ол кэмҥэ ыт хаарга уйдаран, көҥүл ситэн ылар. Баһыкка оҕонньордуун биир буур кулааһайы эккирэттилэр. Баһыкка ыт күөйэр кэмигэр ыраахтан бэрдээнинэн ытан кыылы охтордо. Иккиэн сүлэн, астаан дьиэлэригэр өттүк харалаах кэллилэр. Саас эт быстарыытыгар хара сиэри эмээхсин кыыһынаан үөрэ көрүстүлэр. Туйаара уолу истиҥник көрөн ылар. Баһыкка ис киирбэх кыыһы эмиэ уора-көстө кыҥастаһар. Баһыкка бу ыалга икки нэдиэлэ курдук олордо.

— Бүгүн баран көрөрүм дуу…

— Хайа диэки бараҕын Баһыкка? – оҕонньор уол эппитигэр ыйытта. Туйаара уолу эмиэ ыйытардыы көрдө. Уолу кытта син кыратык кэпсэтэн билсибиттэрэ. Баһыкканы кыыс ыытыан баҕарбата өтө көстөрө.

— Хайа эмит диэки баран үлэ көрдөммүт киһи – Баһыкка аат эрэ харата саҥарда.

— Букатын тугу даҕаны булбатаххына биһиэхэ кэлиэҥ буоллаҕа, тугу эмэ тобулуохпут – оҕонньор эппитигэр кыыһа «туох диир эбит» диэбиттии кылап гына көрөн ылар.

— Сөп, аймахпын булбатахпына кэлиэм – диэтэ.

Уолга өйүө бэлэмнээтилэр.

— Туйаара ити уолу тахсыһан атаар — ийэтэ кыыһын уолу сөбүлээбитин сэрэйбэттээх бэйэлээх буолуо дуо. Ол иһин атаартарда.

— Билигин хайа диэки бараҕын? – Туйаара дьиэттэн тэйэн турбахтыы түһэр кэмнэригэр ыйытта.

— Илин эҥэр диэки барыам – уол ханна барарын бэйэтэ да билбэтэр хоруйдаата. Саҥата суох турбахтыы түстүлэр.

— Туйаара, эн миигин күүтүөҥ дуо?

— Күүтүөм.

Эдэрдэр истиҥник көрсөөт, икки аҥы бардылар. Баһыкка барбахтыы түһээт, эргиллэн далбаатаата. Кыыс уол көстүбэт буолуор диэри көрөн турда. Баһыкка баран иһэн икки аттаах киһи утары иһэллэрин көрдө. Хахыйах кэннигэр түстэ. Аттаах дьон чугаһаан кэллилэр. Саҥаларыттан иһиттэххэ, холуочуктар быһыылаах.

— Били оҕонньордооххо таарыйан ааһыахпыт.

— Арба, кэрэ бэйэлээх кыыстаахтар этэ дии.

— Оҕонньордоох эмээхсини итирдэн кэбиһиэххэ наада – уол дьон кэпсэтэн ааһарын иһиттэ. Барбыттарын кэннэ таҕыста. «Тугу кэпсэппиттэрэ буолла… Туйаара туһунан эппиттэрэ буолуо дуо?» – уол саараан турда. Олорбохтуу түһээт, төттөрү хаамта. Кэлбитэ мааҕыҥҥы дьон аттара Туйааралаах олбуордарын таһыгар бааллан тураллар. Уол туох диэн төттөрү киириэн саллан, алаас саҕатыгар күүтэ сырытта. Сотору дьиэттэн Туйаара таҕыста. Кэнниттэн биир киһи батыһан таҕыста. Кыыһы кууһа сатыыр. Дьиэҕэ киирээри гыннаҕына күөйэ сылдьар. Онтон аны кыыһы ампаар диэки состо.

— Ийээ… – кыыс хаһыытаабытыгар Баһыкка тулуйбата, кинилэргэ дьулуруйда.

— Тохтоо эрэ доҕор! Кыыһы тоҕо тардыалыыгын? – Баһыкка саҥарбытыгар иккиэн эргиллэн көрдүлэр. Туйаара уолу үөрбүттүү көрдө.

— Эн кимҥиний? – холуочук киһи ыйытта.

— Барыҥ мантан. Аны манна аараамаҥ! – кыыс Баһыкка аттыгар кэллэ.

— Бу кимий диибин ди?! – холуочук киһи иккиһин күргүйдээн ыйытта. Баһыккаҕа ынан кэлэн хантайан көрдө. Уол тонолуппакка көрбүтүттэн хараҕын куоттарда.

— Ити биһиги күтүөппүт – диэн саҥа хоту көрбүттэрэ оҕонньордоох эмээхсин тахсан тураллар. Кыыс соһуйан мүчүк гынаат, түҥнэри хайыста. Холуочук итэҕэйдэ быһыылаах, балаҕан аанын тиийэн арыйа тардаат

— Мэхээс, кэл барыах! – өссө эн манна арыгынан айах тутаттыы олороору гынаҕын дуо? – киһитигэр ордоотоото. Атаһа чалбаччы көрөн таҥнан таҕыста.

— Барыҥ уонна манна сылдьымаҥ – Туйаара баран эрдэхтэринэ саҥаран хаалла.

Инньэ гынан «куһаҕан үчүгэйдээх» диэбиккэ дылы, Баһыкка бу ыалга биир тылынан күтүөт буолан хаалла. Туйаара киҥинэйэн ырыа аргыстаах сылдьар буолла. Баһыкканы оҕонньор биир сэниэ ыалга үлэҕэ кэпсэттэ. Уол аны олорор дьиэлээх, таптыыр кыыстаах. Ким эрэ миигин күүтэр, суохтуур дии санаатаҕына уол манньыйа үөрэр. Үлэлээн бүтэн, түргэнник киэһэ буолан дьиэтигэр тиийэ охсуон саныыр. Таптыыр уонна таптатар диэн дьол баар эбит, киһиэхэ.

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Уруһуй интэриэниэттэн туһанылынна.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0