«Көмүс микрофоннаах» Надежда Павлова

Ааптар: 
07.05.2017
Бөлөххө киир:

Быйылгы сыл саҥатыгар Саха араадьыйатын суруналыыһа Надежда ПАВЛОВА СӨ Суруналыыстарын Сойууһун  «Көмүс микрофон» анал бириэмийэтигэр тиксибитэ. edersaas.ru

— «Көмүс микрофон” бириэмийэ лауреата буолар олус эппиэтинэстээх. Бу наһаа суолталаах бочуоттаах аат. Ааттыын да үчүгэйэ бэрт — «Көмүс микрофон».  Киһи үлэлиир, айар-тутар кэмигэр үлэтэ бэлиэтэннэҕинэ уонна сыаналаннаҕына, өссө кынаттанан айыан-тутуон баҕарар, — диэн санаатын үллэстэр Надежда Павлова.

Суруналыыстыка салаатын бүтэрбит кыыс идэтин суолун «Сонуннар» биэрииттэн саҕалаабыта.

«Сонуннар» Саха араадьыйатыгар үлэлээбит бары хайысхаларбыттан таллахпына, мин — «бастакы тапталым». Барытын сонургуу ылынар буолан, манна мин үчүгэй оскуоланы ааспытым. Ол иһин араадьыйаҕа быраактыкаҕа кэлэр устудьуоннарга мин «Сонуннартан» саҕалааҥ диэн сүбэлиибин. Суруналыыс сүрүн үлэтин: интервью ылыытын, репортаж оҥоруутун, тиэкис  суруйуутун, тылбааһы — барытын сатыыр буолаҕын. Урут 10-нуу мүнүүтэлээх биэриилэри бэлэмниир буоллахпытына, кэлин чаас ахсын тахсар кылгас сонуннары ирдиир буолбуттара. Аҕыйах тылынан элбэх иһитиннэриини кэпсиир уустук эбит этэ, — диэн кэпсиир Надежда.

«Мин үлэҥ ханнык түгэннэрин өйдөөн хаалбыккыный?» — диэн ыйытыыбар сэһэргэһээччим:

Биир сайын эбиэт кэннэ эфиргэ тахсаары турдахпына, Ыксаллаах быьыы-майгы сулууспатыттан факс кэллэ. Усуйаана5а вертолет сүппүт диэн. Мин түргэн үлүгэрдик тылбаастан, устуудьуйабар киирэн ааҕан кэбистим. Төбөбөр улаханнык оҕустарбатым даҕаны: туох эрэ техническэй биричиинэнэн диспетчердэргэ көстүбэтэҕэ буолуо диэн. Онтон иэдээн буолбута биллэн, киһи кэпсииригэр олус ыарахан этэ… Сиинэ кыргыттара сүппттэригэр эмиэ… олох ону кэпсиэхпин баҕарбат этим. Куолайбар туох эрэ бүөлүү туран, саҥам нэһиилэ тахсара. Сонун кэллэҕинэ киһи араадьыйатын, тэлэбиисэрин улаатыннарар дии. Ону саныы-саныыбын олус саллар, долгуйар буолбутум. Биллэн турар, сонун араастаах буоллаҕа: ким эрэ кыайыытын-хотуутун, арыйыытын бастакынан кэпсии охсуоххун эмиэ баҕараҕын. Кылаабынайа, бэйэҥ эмиэ онтон кынаттанаҕын, астынаҕын, атыннык долгуйа5ын. Тус бэйэм үтүө эрэ сонуну кэпсиэхпин, тиэрдиэхпин баҕарабын. «Сонуннарга» үчүгэй баҕайы кэлэктииптээх этибит. Улуустарга үлэлиир уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэрбитин кытта билигин да аймахтыы сыһыаннаахпыт, күлэ-үөрэ кэпсэтэбит, билсэ олоробут, — диэн суруналыыс кэллиэгэлэрин туһунан ахтар.   

Надежда Павлова сүрдээх холку, намыын куолаһынан амтаннаах ас буоллун, чөл олох буоллун, доруобуйаҕын көрүнэргэр буоллун, быһата, араас кылгас сүбэлэри биэрэн бардаҕына, субу туһанан барыах курдук буолаҕын. Бу кистэлэҥин туһунан ыйыппыппар сэһэргэһээчим, мичээрдээт:

Дьиҥэр бу бастаан арыгыны, наркоманияны, табахтааһыны утары үлэҕэ  туһаайыллыбыт биэрии этэ. Бары даҕаны «чөл олох» диэҥҥэ итинник өйдөбүллээхпит. Кэлин дьон бэйэтин доруобуйатын уонна ис-тас туругун олус көрүнэр буолла. Ол иһин мин эмиэ бу биэриини анал рубрика оҥорон, кылгас сүбэлэри биэрэбин. Матырыйаалы бастаан утаа суруналыыс Иннокентий Неустроев «Доруобуйа — дьол» диэн кинигэтиттэн ыларым. Биллэн турар, биэриигэр бу сүбэни хантан ылбыккын ыйаҕын.  Ону истээччилэр өрүү: «Ити кинигэни хантан булуохха сөбүй?» — диэн ыйытааччылар. Билигин ити кинигэттэн матырыйааллары бассаабынан араас бөлөхтөргө тарҕанарын көрөөччүбүн. Матырыйаалы сүрүннээн интернет ситимиттэн ылан тылбаастыыбын эбэтэр идэлээх дьоҥҥо тиэмэбин этэн баран, эмиэ хоруй, сүбэ ылабын. Биллэр дьоммут бэйэлэрин хайдах көрүнэллэрин, дьарыктаналларын туһунан эмиэ сырдатабын, — диэн Надежда Павлова араадьыйаҕа үлэлиир эйгэтэ кэҥээтэр кэҥээн иһэрин туһунан сырдатта.

Үйэ аҥара кэриҥэ үгүс ыччакка биһирэппит баай историялаах «Хотугу ыччакка» үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Онтон социальнай биэриилэр эрэдээксийэлэригэр көһөн да баран, ыччат тиэмэтин салҕыахпын, үөлээннээхтэрим, араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлиир  ыччат туһунан сырдатыахпын баҕарарым. Ол биэриим «Саҥа сахалар» диэн ааттанан тахсыбыта. Режиссер Анна Пудовалыын олус тапсан үлэлээбиппит. Биэрии форматын ураты ис хоһооннообуппут. Уларыта тутуу кэмин оҕолоро  туох эрэ атыннаахпыт дии саныырым. Сэбиэскэй кэмҥэ «Ильич сиэннэрэ» дэтэ сылдьан, эмискэ пионерскай хаалтыспытын устубуппут. Демократия көҥүл тыынын оҕотук сылдьан билбиппит. Ол эрээри сахалыы тыын уһуктар кэмэ кэлбитэ. Үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ киирэрбитигэр  кыргыттар үксүбүт уһун мельхиор ытарҕалааҕа, дьабака бэргэһэлээҕэ, сахалыы быһыылаах соннооҕо. Ити аата биһиги, саха кыргыттара, омукпутунан киэн туттуубут этэ.  Ол оннук санаалаах ыччат дьон мин «Саҥа сахалар» биэриим ис хоһоонун олус байыппыттара, тупсарбыттара, — диэн кэпсиир Саха араадьыйатын суруналыыһа.

Билигин Надежда Павлова улахан кылаас оҕолоругар аналлаах «Сахаnext” биэриини ыытар. Эфиргэ тахсыбыта сылтан эрэ ордубут биэриини оҕолор бэйэлэрэ ыытар буолан,  истээччилэр да олус сөбүлээтилэр.  Ыытааччылар — өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей, Айыы кыһата оскуола, Саха гимназиятын үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэрэ. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ салайар эргимтэтигэр сылдьар, ааттаах-суоллаах бизнесмен буолбут, эстрада сулустарынан биллэр, о.д.а. бэйэлэрин кыахтарынан тахсыбыт дьону кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэрэ, олоххо суолу тобулалларыгар олус туһалыыра чахчы. Надежда Павлова бэлиэтииринэн, бу биэриигэ кимиэхэ да «маннык саҥар, итини ыйытыма, бу ордук буолуо» диэн бэйэтин көрүүтүн соҥнообот, тугунан да хааччахтабат. Онон бу биэрииттэн оҕолор олус арыллан, астынан тахсаллар.

Биһиги убаастыыр уопуттаах  кэллиэгэлэрбитин «Улахан суруналыыс» диэн ытыктаан ааттыыбыт. Биир оннук Улахан суруналыыс Валентина  Атласова «Алаһа» биэриитин салгыы ыытар, эфиргэ таҥан таһаарар чиэһи миэхэ сүктэрдэ. Саха араадьыйатын «визиткатынан» буолбут истээччилэр сөбүлүүр биэриилэрин, Валентина Николаевна бэйэтэ иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт «оҕотун» миэхэ итэҕэйбитин олус махтана ылынным, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр Надежда Павлова.

Кэскиллээх айар куттаах киһини кытта кэпсэтэ олорон, суруналыыстар сойуустарын суолталаах бириэмийэтин ылыан ылбыт диэн санааҕа кэлэҕин. Бу ыыра киэҥин, эйгэтэ сылааһын. Ситиһииҥ эбиллэ турдун, Саха араадьыйатын «Көмүс микрофонун» хаһаайката Надежда Павлова!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0