Көмүс киэргэли хайдах ыраастыыбыт? (сүбэ)

Ааптар: 
19.12.2018
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл чугаһаата. Бырааһынньыкка ханнык баҕарар кэрэ аҥаар кимтэн да ордук маанытык көстүөн баҕарар, саҥа таҥас атыылаһар уонна таҥаһыгар ханыылыы кэтээри ыһыах кэнниттэн хостооботох туох баар көмүс оҥоһуктарын хоппоттон оруур.  Көмүс төһө да кэтиллибэтэҕин иһин, сыыйа болоорор. Ордук үрүҥ көмүс. Дьэ маны хайдах ыраастыыбыт?

edersaas.ru

“Инники идэҕэ хардыылар” өрөспүүбүлүкэтээҕи форум чэрчитинэн Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин 1 кууруһун устудьуоннара преподавателлэрин Лариана Иванованы кытта көмүс киэргэллэри ыраастыыр ньымалары көрдөрдүлэр. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru саайт ааҕааччыларыгар анаан кыһыл, үрүҥ көмүс киэргэллэри саҥатыгар түһэрэр, харайар туһунан бэртээхэй сүбэлэрин үллэстэллэр.

Бастакы ньыма

“Ультразвуковой ванна” диэн анал аппараакка ыраастатыахха сөп. “Ювелирнай оҥоһуктары оҥорор тэрилтэлэр үксүгэр полировка кэнниттэн тутталлар. Биһиги  ыраастааһын биир көрүҥүн быһыытынан маастар-кылааска аҕаллыбыт. Сылга хаста даҕаны маастар-кылаастарга кыттабыт. Дьон онно таба тутан ыраастатыан сөп”, — диэн  кэпсииллэр. Ону таһынан, көмүс оҥоһуктары атыылыыр бөдөҥ тэрилтэлэр удамыр сыанаҕа ыраастаан биэрэр өҥөлөрүн туһаныахха сөп.

 

Иккис ньыма

Иккис ньыма бэрт судургу. Ханнык баҕарар хаһаайкаҕа алюминевай фольга, суода баара чахчы. “Таас иһиккэ аһылык фольгатын тэлгиибит, чаай хамыйаҕын аҥаарынан эбэтэр төбөтүгэр суода баһан кутабыт уонна кыратык фейри таммалатабыт, үрдүгэр ыстакаан кэриҥэ субу оргуйан тахсыбыт ууну саба кутабыт. Уонна 1-2 мүн. туруора түһэбит. Онтон ыраас ууга сайҕаан ылан баран өрбөҕүнэн сотобут”, — диэн устудьуон уолаттар кэпсииллэр. Бу ньыма ордук үрүҥ көмүс оҥоһукка туһалаах диэн этэллэр.

Маннык ньыманы хаһан баҕарар туттуохха сөп эбит. Арай, жемчуг, янтарь киллэһиктээх киэргэллэри ыраастыыртан туттунуҥ диэн этэллэр. Оттон синтетическэй таастаах оҥоһуктары төһө баҕарар ыраастыахха сөп үһү.

Үһүс ньыма

Үһүс ньыма өссө судургу эбит. Ол курдук, таҥас сууйар бороһуогу кыратык илиигитигэр кутан сиигирдэн баран көмүс киэргэлгитин сууйуҥ дииллэр. Олус киртийбит дии санаатаххытына тиис суунар суокканан бороһуоктаан баран аала түһүҥ уонна ыраас уунан сайҕаан кэбиһиҥ диэн сүбэлииллэр. Бороһуок арыыны-сыаны олус үчүгэйдик аһардар дэһэллэр.

Сахалар үрүҥ көмүс киэргэли сөбүлээн иилинэбит. Хомойуох иһин, сыыйа-баайа хараарар аналлаах. Маныаха бэрт судургу кистэлэҥи арыйдылар. “Маҕаһыынтан атыылаһаат, көмүс оҥоһугу уган биэрбит салаппаан бакыаты быраҕарга тиэтэйимэҥ. Киэргэл араас састааптаах буолар. Барытын бииргэ харайар буоллахха, нууччалыы эттэххэ, “реакция” баран хараарар, болоорор. Көмүһү оннук бакыаттарга тус-туспа уган харайдахха уһуннук хараарбат”, — диэн Лариана Степановна сүбэлиир. Итиэннэ эмп иһэр дьон киэргэлэ түргэнник хараарар диэн этэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0