Көмүс чороон

Ааптар:  Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан
09.10.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere
Сайын. Ойуур саҕата. Эргэ суол. Балай Оппойдуун матасыыкыллара батыллыбытын хостуу тураллар. Анньан таһаараллар. Кэннигэр турар Оппой сирэйигэр туох эрэ күүскэ кэлэн түһэр: “Айаа!”

Балай киһитин хайыһан көрөр. Оппой сирэйин ытыһынан туттан турар. Онто бадараан буолбут эргэ манньыат эбит. Одуулуур. Таҥаһыгар сото түһэн баран, ыстаан көрөр. Үөрэн сирэйэ-хараҕа уларыйа түһэр.
Киһитигэр:

— Доо, көр бу.

— Тугуй?

— Көмүс манньыат.
Иккиэн аймана-аймана батыллыбыт бадарааннарыгар сүүрэн тиийээт, ыһылла сытар манньыаттары көрөллөр. Хомуйаллар. Онтон көмүс чороон булан ылаллар. Онно эмиэ толору көмүс.

— Хайа ноо, байдыбыт буолбаат! Баллайар баһаам үп, хаһыытыыр харчы — диир Балай.

— Тыый доҕоор, дьэ бэрт. Дьокуускайга квартира ылыллыа уонна Ландкрузер массыына —
Оппой үөрэр.

— Мин Москваҕа квартира ылыам уонна оҋохпунаан курортка эҥин барыллыа.

— Доҕоор, «босспут» биллэҕинэ былдьаан ылыа. Кэлтэгэй кэппиэйкэни да биэриэ суоҕа.

— Кырдьык даҕаны, кистээн кэбиһиэххэ.

— Үллэстиэххэ уонна кимиэхэ да кэпсээмиэххэ.

— Үллэстиэхпит, чэ эн манна хаалан кэтээ, баҕар, ким эмит кэлэн хаалыа. Мин ити күөлгэ киирэн сууйан тахсыам – Балай көмүстээх чороону туппутунан барар. Оппой хаалар. Арай, көрдөҕүнэ туох эрэ кэлэн иһэр курдук көстөр. Эмиэ да сүтэн хаалар. Уол хараҕын хаста-хаста көрө сатыыр.

Ити кэмҥэ Балай күөл кытыытыгар чороонтон манньыаттары сүөкээн сууйар. Арай чороону ытыран көрбүтэ, кыһыл көмүс. Уол хараҕа төгүрүйэр. Оппойугар үөгүлүүр.

— Оппоой, чорооммут эмиэ кыһыл көмүс эбиээт! – киһитэ истибэт.
Уол айаҕын саба тутунна уонна иһиллэр-иһиллибэттик: «Таах даҕаны ити аҥалаҕа тоҕо эмиэ бэһирдэхпиний? Кистээн баран кэлин бэйэм ылыллыа» — уол манньыаттары баайыы бэргэһэтигэр симэр. Чороону кистиир.

— Доо тугу гынаҕыный? Кэлэ оҕус! – Оппой чугаһаан иһэр.

— Дьэ кылбаччы сууйдум.

— Хайа доо, бу тоҕо бэргэһэҕэр хаалаатыҥ? Чорооно ханнаный?

— Эмэҕирэн хаалбыт, бырахтым.

— Чэ буоллун, ханна баран үллэстэбит?

— Хайа эмит диэки барыах. Ким да ааспата ини?

— Былыргы киһи курдук бэрийэн иһэр курдуга. Эмискэ сүтэн хаалла – Оппой дьаархаммыттыы этэр.

— Бу да киһи, «бырахтараары» гынныҥ ини. Мээнэ арыгыны иһиэҥ суоҕа этэ – Балай сүөлүргүүр.
Эмискэ ханнык эрэ былыргы таҥастаах боотур көстөн кэлэр. Балай матасыыкыл диэки сүүрэр. Боотур куотан эрэр уолаттарга туһаайан:

— Тохтооҥ! Көмүһү төннөрүҥ. Сэттээх-сэмэлээх буолуо. Сэрэппэтэҕэ диэйэҕит. Көмүс үтүөҕэ көстүбээт! – Боотур үөгүлүү хаалар.
Уолаттар ломбардка көмүс туттара кэлэллэр.

(Биир киһи кинилэри батыһан көрөр, сойуолуур.)

Уолаттар байбыттара көстөр. Үчүгэй квартира, омук массыыната, кырасаабысса кыргыттар көстөллөр. Баҕар, эмиэ Боотур сойуолуо диэн бэстилиэт ылыналлар.

Иккиэн рестораҥҥа кэпсэтэ олороллор.

— Дьэ, Таҥара биһиэхэ үтүө хараҕынан имнэннэ аа. «һэ-һэ”.

— Этимэ даҕаны, хаһааҥҥа дылы предпринимателлэр сүөһүлэрин бэрийэ сылдьыахпытый.

— Аҕыйах кэппиэйкэ аайы диэ…

— Оннук, былыргылыы син биир хамначчыт курдук буоллахпыт дии.

— Билигин бэйэбит хамначчыттаныахпыт.

— Билиҥҥи үйэҕэ барытын харчы быһаарар.

— Оннук, харчылаах буоллуҥ да тугу баҕар атыылаһан ылыахха сөп. Оннооҕор хартыынаҕа көстөр курдук кэрэ кыыһы биир чааска атыылаһан ылыахха сөп.

— Миэхэ биир идея киирдэ – Оппой этэр.

— Дьэ эрэ, туох тематай? – Балай сэргиир.

— Мин тулаайах оҕолорго харчы биэрээри гынабын.

— Һэс, бу да киһи кэнэниҥ тоҕо бэрдэй. Мин өссө туох эмэ туһалааҕы толкуйдаабыт дии санаатым. Холобура, Кытайтан таһаҕас эҥин аҕалан атыылаан харчыгын халыҥатан биэриэҥ этэ.

Мин манна гостиница арыныам. Онтон устунан бу куоракка биллэр-көстөр баай киһи буолуом. Тойоттор да убаастыахтара.

Ити биһиги ыйга биэс тыһыынчаҕа үлэлээбит тойотторбут миэхэ атахпар үҥүөхтэрэ – Балай тугу эрэ ырааҕы көрөн эрэрдии кэпсиир.

— Мин бэйэм тулаайах үөскээбит буоламмын, тулаайах оҕолору аһынабын. Кинилэргэ дьиэ туттарыам – диэн Оппой кэпсээн эрдэҕинэ Балай быһа түһэр:

— Эн ити аһыныгас санааҕынан билиҥҥи олоххо ырааппаккын. Эйигин ким да аһыныа суоҕа. Хата, бэйэҕин бүдүрүтүөхтэрэ. Харабыллыыр дьонно булун.

— Арба Балай, тахса сылдьыах эрэ массыынаҕа. Тугу эрэ этиэхтээх этим. Манна дьон истиэ.
(Ити кэмҥэ биир киһи остуолга аһаабыта буола-буола хаһыат нөҥүө уоран көрөр. Уолаттар тахсаллар. Кини эмиэ сыбдыйан тахсар.)

— Балай, эн били чороону ханна бырахпыккыный? – массыынаҕа киириилэригэр Оппой ыйытар.

— Ууга бырахпытым. Онно туох баарый?

— Бырахпыккар тимирбитэ дуу, дагдайан устубута дуу?

— Тимирбитэ. Бүт эрэ, ону-маны ыйытан. Эргэ хампархай чороону баран.

— Ол көмүс чороон. Эн биһикки үллэстибит көмүс манньыаппытынааҕар хас да төгүл ордук сыаналаах.

— Ону эн хантан билэҕин, ким эттэ? – Балай дьиэс-куос туттар, атаһын сирэйин таба көрбөт буолан ылар.

— Түүлбэр көрбүтүм. Араас былыргы дьон көстөллөр. «Харах уутунан кэлбит көмүстэр. Илдьэн төттөрү ууруҥ. Сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа» – диэн ханна эрэ ыраах саҥараллар, чугаһыыллар. «Ити кыһыл көмүс чороон. Ити туһуттан элбэх киһи суорума суолламмыта, кэрэгэй кэскиллэммитэ. Үтүөнэн төннөрүҥ» — диэн былыргы дьон түүлбүттэн арахпаттар. Арыгы эрэ истэхпинэ нус-бааччы утуйар буллум.

— Эн түһээн түҥкэлийбитиҥ диэн… Арыгыгын эмтэтиэҥ этэ.

— Муҥ саатар, ол чороону булан илдьэн алҕаан баран төттөрү көмүөххэ.

— Па, ол чороону күөл түгэҕиттэн хайдах хостуугун?

— Арыый кытылга бырахпытыҥ буолуо дии. Баран көрдүөх – Оппой этэр.

— Суох, мин барбаппын. Манна дьыалам-куолум элбэх.

— Эйиэхэ, Балай, түүлгэр туох даҕаны көстүбэт дуо? – Оппой ыйыппытыгар киһитэ балачча мух-мах буолла.

— Миэхэ даҕаны көстөр буоллаҕа дии. Ханна барыай? – диэтэ.

— Ол иһин этэбин дии. Уонна бэйэҥ билэҕин, били, былыргы Боотур мээнэҕэ көстүбэтэҕэ чахчы.

— Оннук .

— Түүлгэр хайдах көстүбүтэй, били чороон көмүс этэ дуо?

— Суох, суох ол туһунан биллибэт. Чэ айа мин бардым, үлэм үгүс – Балай ыксаабыта буолар.

— Балай, мин тыаҕа нэһилиэккэ тахса сылдьыам. Били, үнүргү сиргэ бара сылдьыам. Эн күөлгэ төһө тэйиччи бырахпыккыный, чороону? Быһа холуйан этиий?

— Уонча миэтэрэ ини. Куттаммаккын дуо? Үнүр туох эрэ сибиэн көһүннэ диэбитиҥ дии? – Балай ыйыппыта буолар.

— Куттаннар да, баран көрүөм. Буллахпына, били, ылбыт сирбэр харайыам уонна иккиэн алгысчыкка тиийэн ыраастаныахпыт – Оппой кырдьыгын этэр.

— Чэ кытаат, эрийэ сылдьаар.

Иккиэн икки аҥы бараллар. Оппой бөһүөлэккэ айанныыр. Дьонугар сылдьар. Санаата түспүт көрүҥнээх.

— Хантан харчыланан саха тэҥэ суох буола сылдьаҕыный нохоо, бу? – аҕата ыйытар.

— Куоракка үчүгэй үлэ булбутум.

— Ол биир ый иһигэр үлэлээн, кыбартыыра, массыына ылынаҕын дуо?

— Аҕаа, кирэдьиит эҥин диэн баар ээ.

— Дьэ ким билэр доҕоор. Ол-бу араас хампаанньаҕа, үспүкүлээннэргэ эҥин кыттыспыт буолан тахсаайаҕын.

— Суох аҕаа, кыттыһа иликпин. Мин сөтүөлээн кэлиэм.

— Убаай, биһиги барсабыт.

— Массыынаҕынан хатааһылата таарыйа илдьэ барыый, сөтүөлүөхпүт – бырааттара, балтылара үүйэ-хаайа туталлар.

— Оо, оҕолоор, мин ыалга аараан ааһыахтаахпын. Кэлин илдьитэлии барыам – оҕолорго кэһиитин биэртэлээн уоскуталыыр.
Оппой тулаайах буолан, кини бу аҕата ииппитэ.

— Киэҥ сиргэ онно-манна умньаммакка сылдьыаҥ этэ. Мин эн дьиҥнээх аҕаҥ бокуонньукка тылбын биэрбитим, уолгун киһи-хара гыныам диэн.

— Сөп аҕаа, өйдөөтүм. Чэ мин бардым – уол аҕатын кууспаҕалыы түһэн ылар уонна били сиригэр кэлэр. Эргим-ургум көрөр. Күөлгэ киирэн чороону көрдөөн умсаахтыыр. Ньамахтаах бытыылканы эҥин таһаарар. Бу кэмҥэ кинини ким эрэ одуулуур. Туох эрэ хара күлүк көстөр.

Ол кэмҥэ Балай биир гостиницаҕа олорон арыгылыыр. Ойоҕуттан, оҕотуттан сынньана таарыйа кыратык иһэ түһэр санаалаах. Биир дьахтары сакаастаан ыҥырар. Кырасыабай кыыс киирэр. Иккиэн иһэллэр. Балай холуочуйан барар. Кыыс улахан үрүүмкэҕэ арыгы кутан уолга чугаһаан иһэр. Онтон өйдөөн көрбүтэ кыыс буолбакка, арбайбыт баттахтаах удаҕан, үрүүмкэ оннугар били көмүс чорооҥҥо кымыһы ууммахтыы турар эбит. Балай хараҕын муҥунан быччаччы көрөр. Удаҕан күлэн чачыгырыыр. Балай хаһыытаабытынан уһуктан кэлэр.

— Мужчина вам плохо? – гостиница дьахтара хоһу өҥөйөн көрөр.

— Һуу, һу..аа все нормально – Балай туран уу иһэр.

Балай ойоҕо дьиэҕэ түбүгүрэр, дьүөгэтэ киирэр. Айманан, уураһан көрсөллөр.

— Дьэ куоракка көһөҥҥүт, лаппа көнөн олорор сураҕын истэр этим да, илэ көрөн үөрдүм.

— Син ыал тэҥинэн олоробут. Нэһилиэккэ туох сонун баар? – дьиэлээх хотун ыалдьытын аһатар.

— Туох кэлээхтиэй. Үлэ-хамнас кырыымчык.

— Сүөһүгүт, аскыт хайдаҕый?

— Этэҥҥэ. Үүт туттарабыт. Үүппүт харчытын эппэттэрэ бэрт.

— Субсидия эҥин диэни көрөллөр үһү дии.

— Биир ынахха сылга биирдэ уон тыһыынчаны көрөллөр. Онтуларын да, биэрбэт буолбуттар. Ол оннугар үүккэ аҕыйах солкуобайы эбэллэр үһү.

— Ол даҕаны баһаам дии.

— Элбэх ынахтаах ыалга үчүгэй буолуо.

— Сүөһүгүтүн элбэтэн баран, ИП тэриниэххитин.

— Дьэ ким билэр. Нолуога сыаната бэрт дииллэр.

Эн киһиҥ Балай… ээ, Болуодьа тугу үлэлиир?

— Биир хампаанньаҕа үлэлиибин — диэн ааттыыр. Миэхэ бэһирэн аанньа кэпсээбэт – Балай ойоҕо чэй кута туран хоруйдуур.

— Хата, хайдах эмискэ байдыгыт? Биһиги эмиэ манна көһөн киириэхпитин баҕарабыт.

— Тугу эрэ сүүйдүм, сороҕун кирэдьиит ыллым — диэн үһү-тамах курдук кэпсиир.

— Бэйэтэ ханна барда? Урут бииргэ оонньоон улааппыппыт. Билигин байан, киһи миигинньигин кытта кэпсэтэрэ эбитэ дуу… һэ-һэ.

— Биир күннээх командировкаҕа бардым диэбитэ.

— Уол оҕото сытыы соҕус буолааччы. Кини обургу эргитэн-урбатан буллаҕа-таллаҕа – Дьүөгэтэ эмиэ кэпсээннээх соҕус дьахтар эбит, арааһы кэпсэтэллэр.

Оппой күөлгэ төттөрү-таары умсаахтаан, ньамахтаах маһы эҥин таһаара сырытта.
Тахсан таҥнан, баран иһэн көрдөҕүнэ, били, Боотур атынан бурҕатан иһэр эбит. Оппой охто-охто куотта. Кэннин хайыһа-хайыһа сүүрэр. Аттаах киһи бу ситиэхчэ кэллэ.

— Хайа нохоо! Оппой эбиккин дуу? Мин Сиидэрбин дии, тохтоо – Оппой өйдөөн көрбүтэ, Сылгыһыт Сиидэр эбит.

— Һуу, хата киһини соһуттуҥ. Сиидэр эбиккин дуу.

— Туох бэйэлээхтэн куотарый диибин ээ. Манна хаһан кэллиҥ?

— Сарсыарда кэлбитим. Сөтүөлүү киирдим.

— Ньамахха сөтүөлүүгүн дуо… өрүс хомотугар киириэххин. Табаҕыҥ баар дуо? Ыл олорон табахтыы түһүөх – Сиидэр түһэн атын баайар.

— Манна массыынанан дойдум алааһын көрө таарыйа кэлбитим – Сиидэргэ табах биэрэр.

— Ээ ол турар эбит батта массыынаҥ. Ити хаска ыллыҥ?

— Үс мөлүйүөҥҥэ.

— Тыый. Дьэ килэйэн-халайан сыанатын эппиэттиир сэп быһыылаах. Балайдыын куоракка көһөөт лаппа көммүт сурахтааххыт. Дьэ маладьыастар уолаттар. Мин бу сылгыбыттан ырааппаппын. Атым баар буолла да сөп. Хайа доҕоор, тоҕо арбы-сарбы буоллуҥ. Саҥаҕыттан маттыҥ? Кэпсээ дьэ, куорат сиргэ киһи аҕыйах кэм иһигэр көнөр, тупсар эбит ээ?

— Ото… син. Ону-маны эргитэн, сороҕун кирэдьиит эҥин ылан.

— Баттата, өлөттөрө сылдьаҕын дуу быраат

— Ээ… төбөм ыалдьар.

— Син биир иһэр эбиккин дии. Киэҥ сиргэ баҕас туттуна түһүөххүн. Ойох ыла иликкин дуо?

— Билиҥҥитэ суох.

— Син көстүөх курдук дуу?

— Биир баар. Сиидэркэ ол туох өтөхтөрөй? Былыр манна кимнээх олорбуттарай? – Оппой кэпсэтиини атыҥҥа иэҕэн ыйытта.

— Былыр манна биир улахан баай киһи түөлбэлэнэн олоро сылдьыбыт.

— Кэпсээ эрэ хата, туоҕунан оннук байбыта буолла?

— Көмүһүнэн эргинэн. Кэлин ол көмүс содулугар элбэх киһи суорума суолламмыт. Кэлин, кырдьарын саҕана баайын аҥарын эһэн туран биир ууска кыһыл көмүһүнэн чороон куттаран оҥотторбут. Онтукайын биир ааттаах ойууҥҥа этиттэрбит. Ким да ол чорооҥҥо чугаһаабат гына. Ол баай өлбүтүн кэннэ, көмүс чороону иинигэр бииргэ көмпүттэр. Биир эдэр уолу тэһиинньитинэн ол баайы кытта тыыннаахтыы көмпүттэр. Оҕонньору кытта кини атын уонна уолу аттары баҕастары көмпүттэр. Олортон баай оҕонньор эрэ өлөн көмүллүбүт.

— Аата сүрүн, кырдьык дуо? – Оппой сөҕөн чыпчырынар.

— Итинник үһүйээн баар, көрөн турбут суох.

— Сөп, онтон?

— Онтон харайбыттарын кэннэ кимнээх эрэ ол көмүс чороону хаһан ылбыттар. Ону атын дьон көрөн, былдьаһан өлөрсүбүттэр.

— Ойуунунан этиттэриллибит чороон буолан, оннук буолуо дуо? – Оппой куттаммыттыы көрөр.

— Оннук ини. Кырдьаҕаһыҥ оҕуруктаах өйдөөх буолан, биллэҕэ.

— Онтон ол көмүс чороону кимнээх булбуттарый?Ханна барбытый?

— Ол чороон туһуттан элбэх киһи өлөрсүбүт. Булбут киһи хайаан даҕаны туохха эрэ түбэһэр эбит. Кэлин ол чороон ханна барбытын ким да билбэт.

— Мда…

— Тугуй быраат, туохтан эрэ куттаммыт көрүҥнээххин дии.

— Ээ суох, бэйэм. Иэс-күүс, кирэдьиит айдаана.

— Оннук буолуо, иэс киирэр дьэ эрэй. Мин ойоҕум оннооҕор кирэдьиит миэбэл ылан баран хаҋдах төлүүрбүтүн санаарҕаан иэдэйдэ. Субуоннаан ыксата тураллар.

— Сиидэркэ, эн ол көмүс чороону булбутуҥ буоллар хайыаҥ этэй?

— Һэ,һэ, бу да быраат ыйыттаҕа олуонатын. Холобура, буллахпына ол баай оҕонньор уҥуоҕун буламмын онно ууруом этэ.

— Сиидэркэ, оттон кирэдьиккин төлөөбөккүн дуо?

— Кирэдьит төлүөм этэ диэн, хата, ону ылбаппын. Ол кэриэтин ханна эрэ холтуура көрдөһүөм. Мин кэргэним эмиэ оннук иитиилээх, чиэһинэй.

Ону тоҕо эн токкоолостуҥ?

— Бэйэм көннөрү, төһө чиэһинэй эбит диэн билээри һэ,һэ – Оппой күлбүтэ буолар.

— Төһө чиэһинэй эбит диэн билээри буолумунаҕын. Тугуй үлэҕэ ылаары гынныҥ дуо?

— Суох, ханнааҕы үлэм кэлиэй.

— Оппой байаҥҥын, үрдүктүк сананаҥҥын үтэн-анньан көрөҕүн дуу, тугуй? Саха киһитэ өбүгэ саҕаттан чиэһинэй этибит. Билигин үйэ уларыйан, араас үспүкүлээн, албын дьон баар буолан эрэр – Сиидэр кыйаханыах курдук буолла.

— Кхһм, һҕм… чэ Сиидэр, мин барыам этэ.

Мэ бу аҕам доҕоругар биэрэбин — Оппой биэс тыһыынчалааҕы уунар.

— Суох ини… ылбат инибин – Сиидэр ылымаары гынар.

— Ыл, ыл, чэ кэтэмэҕэйдээмэ.

— Туох иһин?

— Мин туспар аал уотум иччитин аһатаар. Мин этэҥҥэ сылдьарым туһугар. Эн этэриҥ оруннаах буолуоҕа.

— Чэ буоллун, туох эрэ иһин буоллаҕына – Сиидэр харчыны ылар. Биирэ атынан, иккиһэ массыынанан айанныы тураллар.
Балай арыгылаан иэдэйдэ. Урут үп-харчы тиийбэт түгэнигэр мээнэ испэт этэ. Кырыымчык олох кыһалҕата арыгыны да иһэри хааччахтыыра. Сыаналаах арыгыга да «хармаана хапсыгыр» буолан эппиэттэспэтэ. Онон дураһыйан көрбөт этэ.
Билигин барыта бары баар. Этэргэ дылы, «иһэ тотон» иһэрэ-аһыыра элбээтэ. Рестораннарынан, бардарынан сылдьара үксээтэ. Харчы баар буолла да, илиитэ бара турар. Маҕаһыыҥҥа киирдэҕинэ араас бытыылкалара үөннээхтик имнэнэр курдуктар.

Кэргэнин кытта сыһыана арда атыах курдук буолла. Биирдэ аһыы олорон:

— Тоҕо миэхэ чорооҥҥо куттуҥ пиибэбин? Кымыс буолбатах ээ эйиэхэ! – диэн ойоҕун соһутта.

— Хайдах буоллуҥ? Чааскыга бэйэҥ кутуннуҥ дии!Бу киһи «гэрээскэлээри» гыммыт быһыылаах – ойоҕо хараҕын муҥунан көрөр.

— Эйиэхэ ким эрэ кэлэр быһыылаах – диэн эбии «уокка арыыны кутан» биэрдэ.

— Туох даа? Киим?

— Түүн ким эрэ үөмэр курдук. Мэлдьи биһигини кэтиир, маныыр.

— Күтүр өстөөх, иһиҥ аһыйа-аһыйа… Пахай даҕаны. Бырахтарбыккын! Сарсын баран эмтэтиэм эбээт – ойоҕо өссө элбэҕи этэн-тыынан умайыктанна.

Сарсыныгар Балай Оппойу ыҥыран ылла.

— Дьэ доҕор, олох сатанымаары гынным – Балай быа быһа киирэн кытарбыт моонньун туттан көрөр.

— Туох буоллуҥ? Эмиэ били киһи баарын биллэрдэ дуо?

— Күн аайы кэриэтэ биллэрэр. Түүн ким эрэ миигин кэтиир. Бөөлүүн шарфикпынан муомахтаан өлөрө сыста.

— Хайдах ол? – Оппой саллыбыттыы көрөр.

— Түүн кэргэним көрдөҕүнэ, арай, харахпын үрүҥүнэн, харанан көрөн баран муостаҕа кулуннуу мөхсө сытабын үһү. Моонньубар шарфик ыбылы бааллыбыт. Тыыммын былдьаһабын үһү. Кэргэним «түүннэри эмиэ ханна күрээри гынныҥ» — диэннээх ээ. Чахчы, били киһи муомахтаабыт. Түүл-бит курдук өйдүүрбүнэн, хара күлүк киирбитэ. Өрө баһан таһааран өһүөҕэ төбөбүнэн лигийэр быһыылааҕа – Балай киһи эрэ буоллар кута-сүрэ тостубут көрүҥнээх. Оппой көрөн итэҕэйдэ. Моонньо күөх баламах, кыһыл чуоҕурдардаах.

— Оппой эйиэхэ туох даҕаны биллибэт дуо? – Балай эрдэ кыһаллан ыйыппат бэйэтэ, дьэ сирэйэ-хараҕа турбут.

— Миэхэ да баарын биллэрэр. Ол иһин эппитим дии, чороону булан илдьэн төттөрү ууруохха – диэммин.

— Кырдьык илдьэн ууруохха наада эбит.

Чэ кэпсээ туох эйиэхэ көстөрүй?

— Мин эмиэ арыгы эрэ истэхпинэ киһилии утуйар курдук буоллум – Оппой кэпсиир. Иллэрээ күн түүн барбыт этим. Ким эрэ миигин ол көмүс булбут сирбэр аҕалбыт. Ону көрдүү сылдьар эбиппин. Үлтү ыттыы титирээн, тоҥон, туос сатыы дьиэбэр нэһиилэ кэлбитим. Онон бүгүн булан илдьэ охсуохха. Эн ханна эрэ кистээбит буолуохтааххын. «Көмүс хаан олбохтоох. Киһини үтүөҕэ тиэрдибэт» – диэн өбүгэлэрбит сөпкө эппиттэр.

— Оппой мин билинэбин. Чороону кистээбитим. Бүгүн илдьэн, көрдөһөн, алҕаан баран ууруохпут.

— Хата ити киһи тыла. Аанньа да аһаабатах, утуйбатах ыраатта – Оппой атаһа билиммититтэн үөрдэ.

Уолаттар көмүс чороону булбут сирдэригэр тиийдилэр. Чороону чопчу буллулар. Сиидэркэ ыйбыт сиригэр тиийэн, көрдөөн, биир былыргы киһи уҥуоҕун буллулар. Тааска суругун аахпыттарынан сабаҕалаан, былыргы баай киһитин быһаардылар.

Эмискэ үрдүлэригэр суор таҥалайын таҥсынна. Бэйэлэрэ куттана сылдьар уолаттар, куттара көтө сыста. Ойуун илэ бэйэтинэн сылдьарын курдук санаатылар. Киһи уҥуоҕун буорун кыратык түөрээт, көмүс чороону уган көмтүлэр. Бэйэлэрин тылларынан алҕаабыта буоллулар. Арыылаах алаадьы уурдулар уонна ким эмит көрүө диэбиттии тулаларын кэтээтилэр. Онтон дьэ, эргиллибэттии туттан-хаптан бара турдулар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1