Көмөлөһөөрү, түөкүннэргэ киирэн биэрбит

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Билиҥҥи кэмҥэ киһи үксэ социальнай ситимнэргэ бэйэтэ туспа аккауннаах, страницалаах. Түөкүттэр ону таба туһаналлар.

edersaas.ru

Дьокуускай куорат полициятыгар 34 саастаах киһи эрийэн, түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, харчытын сүтэрбитин эппит.

Полицейскайдарга быһаарбытынан, биир социальнай ситиминэн билэр түөтэтиттэн иһитиннэрии кэлбит — 8 тыһ. солк. харчыта иэс биэр диэн.

Бу киһи ол түөтэҕэ эрийэн, бэйэтиттэн чуолкайдыы барбакка, харчыны баанын каартатыгар ыытан кэбиспит.

Сотору буолан баран билбитэ — ити түөтэтин страницатын «алдьаппыттар», дьахтар киниэхэ суруйбатах, харчы иэс көрдөөбөтөх буолан тахсыбыт.

Бу чахчынан бэрэбиэркэ барарын туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0