Көмөҕө — эбии көлөлөр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччыта Дмитрий Лепчиков  куйаар ситиминэн быһа сибээс кэмигэр, Горнайга ойуур баһаардарын умуруорууга көмөлөһө эбии көлөлөр баралларын туһунан иһитиннэрдэ. Бу туһунан СИА суруйар.

«Бэлиэтээн эттэхпинэ, биһиэхэ ойуур баһаарын умуруорса барыан баҕалаахтар да, тэрилтэлэр да эрийэллэр. Бүгүн киэһээ Дьокуускайтан ойуур уотун умуруорууга көмөлөһө эбии уу таһар тиэхиньикэлэр айанныахтара. Тиэхиньикэлэр оройуоннааҕы суһал ыстаап салайыытынан Күөрэлээх уонна Маҕарас чугастарыгар ойуур уотун умулларыыга үлэлиэхтэрэ», — диэн Дмитрий Лепчиков эттэ.
«Авиалесоохрана» ФБУ иһитиннэрбитинэн, Горнай улууһугар бүгүн 20 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар, итинтэн 17-тэ улахан баһаар буолара бэлиэтэнэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0