Көмө болдьоҕо 1 сылга уһаата

Бөлөххө киир:

Элбэх оҕолоох ыаллар ипотека кирэдьиитин сабалларыгар туһанар, судаарыстыбаттан ылар 450 тыһыынча солкуобайдаах көмө болдьоҕо өссө биир сыл уһаан биэрдэ.

Бу көмө миэрэтэ 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр этэ. Билигин 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаата.

Бу сууманан кирэдьиити биэрэр тэрилтэ өҥөтүн эмиэ төлүөххэ сөп.

2022 сыл бэс ыйын 22 күнүттэн Ийэ хапытаалын харчытын туһаныы быраабылаларыгар уларыйыылар киирдилэр. Ийэ хапытаалын туһанан ипотека кирэдьиитин бырыһыанын кыччатыы (рефинансирование) дьайыыта судургутуйда.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0