Күллэринньик: Эр уонна ойох

Бөлөххө киир:

Киһи күллэҕинэ, үйэтэ уһуур дииллэр. Олоххо баар түгэннэртэн быары тарбаан, күлэн-үөрэн, мичилийэн кэлиэҕиҥ! Эр уонна ойох эридьиэстэрэ элбээх!

***
Эр киһи киэһэ аһаары олорон кыҥкыйдыыр:
— Эмиэ куурусса! Сотору миэхэ бөтүүк курдук тараах үүнэрэ буолуо…
Ойоҕо кыыһырар:
— Оччоҕо муос үүнэрин курдук, ынах этин буһарабын дуо?

***
— Киэсэ, дорообо!
— Эс… Мин Маайыспын ээ.
— Дуо?! Оччоҕо тоҕо мин эрим төлөпүөнүгэр Киэсэ диэн сурулла сылдьаҕыный? Аа???
— …

***
Утуйаары сытан, эр киһи үөһэ тыынар:
—Чыычааҕыам, алта сыллааҕыта биһиги наһаа да дьоллоох этибит!..
—Алта сыллааҕыта даа? Ол саҕана билсэ илик этибит дии…
— Оттон ол иһин дьоллоох этибит…

***
СМС суруйсуу.
Сыбаайба иннигэр: “Ахтабын, таптыыбын, сыллыыбын…”
Сыбаайба кэнниттэн: “Килиэптэ, үүттэ, туалетнай кумааҕыта…”

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0