Күүлэт түбэтэ сапыраапканы кэтэһэр

Ааптар: 
13.06.2022
Бөлөххө киир:

Күүлэт нэһилиэктэрэ Бүлүү улууһун кииниттэн саамай ыраах, хоту сыталлар. Уустук суоллаах-иистээх дойдулар. Эдьигээн, Өлөөн улуустарын кытта кыраныыссалаһар буоланнар,  саас, сайын хойутаан кэлэр сирдэрэ. Ол да буоллар, манна сүрдээх хоһуун үлэһит, отчут-масчыт, булчут дьон түөлбэлээн олороллор.

Түөрт нэһилиэк уруккута “Күүлэт” сопхуос диэнинэн биллэрэ-көстөрө.  Ол сопхуос ыһыллан, билигин тус-туһунан дьаһанан-дьапсынан олороллор. Оннук наһаа түҥкэтэх сир буолбатах. Үс нэһилиэк (Үгүлээт, Тылгыны, I Күүлэт) гаас ситимигэр холбонон,  ньир-бааччы сылаас дьиэҕэ-уокка олороллор. Гаас ситимигэр холбонорго урукку сопхуос дириэктэрэ Руф Егоров, улуус  баһылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Николай Афанасьев, обком I сэкирэтээрэ Юрий Прокопьев улахан үтүөлээхтэр. Биллэн турар, СӨ Бэрэсидьиэнэ В.А.Штыровка дьон-сэргэ махтала муҥура суох. Күүлэт түөлбэтигэр Орто Түҥнээҕи муҥура суох элбэх гаастаах сир баар. Геологтар сабаҕалыылларынан, өссө ньиэп баар буолуохтаах. Онон Күүлэт түөлбэтэ кэскиллээх дойду.

Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбыт кэннэ Бүлүү куоратын кытта сибээс биир үксүн сиринэн эрэ баар. Урут аччыгый авиация дьону таһар эбит буоллаҕына, билигин олохтоохтор таксыыны наймылаһаллар эбэтэр бэйэлэрин көлөлөрүнэн айанныыллар. Суолбут-ииспит кыһынын да, сайынын да олус эрэйдээх. Кыһын  киэҥ-куоҥ толооннору тибии тибэр, тарыҥ уута үллэн тахсан, айан суолун быһар. Сайын толооннор уунан ыы-быччара туоланнар, киэҥ тукулааннар кумахтаах буолан, Күүлэт диэки кыахтаах, үчүгэй массыыналар, вездеходтар эрэ “хаамар” кыахтаахтар.

Бу түөрт нэһилиэккэ 2 тыһ. тахса киһи олорор. Билиҥҥи сүрүн кыһалҕанан анал сапыраапка суох.  Оннооҕор киһи ыарыйдаҕына, балыыһаҕа бэнсиин көстүбэккэ, кыһалҕалаахтар биэдэрэ тутан баран, ыаллары кэрийэр түбэлтэрэ баар буолааччы. Маны таһынан, улуус киинигэр киирэргэ эмиэ маннык хартыына хатыланара сонун буолбатах. Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии ыал тэлгэһэтигэр УАЗ-тан саҕалаан омук массыыналар, тыраахтырдар аҕыйаҕа суохтар. Оттуу, отоннуу, бултуу барарга уматык суоҕа улахан мэһэйи үөскэтэр.

1996 сыллаахха   I Күүлэт нэһилиэгэ 500 туонна оту атыылаабыта. Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн кэлэн от атыылаһар этилэр. Уматык боппуруоһа этэҥҥэ быһаараллара буоллар, дьон эбии оту оттуо этэ дии саныыбын. Амурскай, Магаданскай уобаластартан таһардааҕар өрөспүүбүлүкэ иһиттэн тиэйэр-таһар кэм арыый да ороскуота кыра буолуо. Саас сылга биирдэ “Туймаада-ньиэп” хампаанньа уматыгы атыылыыр. Онно хас биирдии ыал буочуканан бэнсиин, сэлээркэ иһин уу харчынан ууран биэрэр кыаҕа суох.

Билигин дьон-сэргэ тыа сиригэр тардыһыыта сыл аайы күүһүрэн иһэр. Бу уустук соҕус балаһыанньа кэнниттэн хайдах-туох олох кэлиэ өссө биллибэт.  Саха киһитэ тыа сириттэн аһаан-таҥнан олорорго кистэл буолбатах. Оччоҕо киин сиргэ олорор дьон хото дойдуларыгар, дьонноругар оттоһон-мастаһан, бултаһан, сынньанан толору дуоһуйан баралларыгар улахан тугунан да кэмнэммэт үтүө дьыала буолуо этэ.

Улуус баһылыга Сергей Винокуров Дьыыпппа, Дьабыдах үрэхтэригэр муоста туттаран, суолу оҥотторон эрэрэ улахан хайҕаллаах. Онон сапыраапка тутуллара олох тирээн турар ирдэбилэ. Онон бу боппуруоһу улуус салалтата, бырабыыталыстыба үөрэтэн, сөптөөх быһарыныы ылыныаҕа диэн Күүлэт түбэ олохтоохторо эрэллэрэ улахан.

Николай Захаров, үлэ бэтэрээнэ,  I Күүлэт нэһилиэгин бастакы баһылыга.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0