Дорооболоруҥ! Эдита диэммин, 22 саастаах кыыспын. “Эдэр саас” бу нүөмэриттэн саҕалаан олохпор буолбут түбэлтэлэри кэпсиэҕим. Сороҕо киһиттэн-таһынан да буоллар, барыта бэйэм олохпор буолбуттара. Эдэр киһи буоларым быһыытынан “олоҕу хатыламматтык” диэн этиинэн олоробун. Бастакы кэпсээммин саҕалыым.
Быйыл үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрдим. Үөрэхпэр оннук чаҕылхай үчүгэйбин да дэммэппин. Кыра куурустарга эрэ кыһаллан үөрэммит буоламмыт, кэнники сессияларбар “зачеткам улахан оруолу оонньоон”, барытын таах “ааһан иһэн автоматынан” туттартаан, университеты түмүктүүр сааһым үүммүтэ. Устудьуоннаан бүтэрим аҕыйах кэм хаалла диэн санааттан, хаалбыт күннэри умнуллубаттык, хатыламматтык атаарарга былааннаммытым. Онтон дипломнай үлэм? Ээ, дьон барыта суруйан кэллэ ини, мин да суруйуом дии саныырым. Бэйэм хоту улуустан сылдьабын, дьонум ыйга биирдэ 10 тыһ. солкуобайы ыыталлар уонна стипендиялаахпын. Ыам ыйа бүтүөр диэри ыбылы күүлэйдээбитим, түүҥҥү кулууптартан тахсыбат этим. Биэс сылы быһа уопсайтан уопсайга көһө сылдьан олорбут буоламмын, элбэх доҕордоммутум-атастаммытым. Хас хардыым ахсын билэр дьонноохпун, билсиилээхпин-көрсүүлээхпин. Бииртэн биир доҕор күүлэйдииргэ көстөн испитэ. Ким киинэлэтэр, рестораннатар, шашлыктатар, пааркалатар, кулууптатар, массынатынан хатааһылатар… Омук араас киинэлэрин көрө-көрө, “тоҕо мин эмиэ бэйэм баҕарбыппынан олорбоппунуй, тоҕо кимтэн да тутулуга суох буолбаппыный” диэн толкуйдуурум. Санаалыын чэпчээри, дууһалыын уоскуйаары маннык сылдьыбытым диэххэ. Биирдэ түүннэри күүлэйдээн баран, уопсайбар утуйа сытан уум быыһынан хоһум кыргыттара (бииргэ үөрэнэбит) “диплом защитата аны биэс күнүнэн буолар” диэн кэпсэтиилэрин истээт, ороммор олоро биэрдим. Кыргыттарым үлэлэрин суруйан бүтэрбиттэрэ ырааппыт, мин эрэ тугум да суох. Тугу да суруйбатахпын ааһан, дипломнай үлэм салайааччытынаан айах атан кэпсэтэ да иликпин. Толкуй бөҕөҕө түстүм, ыксал буолла! Утуйа сытыам дуо, туран, суунан-тараанан үлэбин суруйан саҕалаатым. Аны аччыктаабытым диэн сүрдээх! Дьонум ыыппыт харчыларын ол күн ый-күн ыһыаҕа оҥорон бүтэрбитим, аныгыскы ыытааһыннарыгар диэри ый улахан аҥара баар. Ол иннинэ көрдүөхпүн суобаһым оонньуур. Хайыахпыный, сиэппин хаспытым, бытархайынан 20 солкуобайдаах хаалбыппын (иччэ хаалбытыгар махтал!) Син туох эмэ харчылаах курдук сананан, маҕаһыыҥҥа таҕыстым. Мин 20 солкуобайбар туох кэлиэй, арай биир түргэнник буһар лапса кэлэр. “Ону ыллахпына ый аҥара аччыктыыбын” диэн толкуйдуу туран көрбүтүм, оруобуна 20 солкуобайга эбиэс куруппата баар эбит! Сыалай биир киилэ! Ону ыллым уонна уопсайбар тиийэн буһарынным. Ол курдук, биир хостон тахсыбакка, телефонунан салайааччыбын кытта сүбэлэһэн, эбиэс хааһытын сиэммин, дипломнай үлэбин биэс күнүнэн суруйан, бу аҕыйах хонуктааҕыта үрдүк үөрэхтээх киһи аатын сүктүм. Хаһан эрэ оҕо сырыттахпына эбэм аах эбиэс хааһытын буһарбыттарын, “куурусса сиир сиэмэтин буһарбыттар” диэн сирэн сиэбэтэҕим. “Тоойуом, кыраны да сыаналыы улаат, үөрэн, кимнээххэ эрэ бу хааһы баҕалаах ас буолуо”, – эбэм барахсан эппитин өйдүү биэрдим. Билигин санаатахха, ол хааһыны сирбитим бэйэбэр эргиллэн кэлбит эбит.
Манан эһигини эдэр эрдэххитинэ күүлэйдээҥ, мин курдук биэс күнүнэн диломҥутун суруйун диэбэппин. Мин биэс сылы быһа дьонум харчытыгар үөрэнэн баран, күүлэйдээммин үөрэхпиттэн мата сыстым. Устудьуоннааһын мүччүргэннээх сырыылардаах, элбэх умнуллубат түгэннэрдээх буолуохтааҕын утарбаппын. Ол эрээри, бу сыллар киһи олоҕун оҥосторугар олук уурар эппиэтинэстээх, талбыт идэҕэ бэлэмниир кэмнэрэ буолаллар. Онон кыах баарынан үөрэниҥ, сайдыҥ! Мин саҥа кэлэн маны өйдөөбүппүттэн кыбыстабын.
Эдита SALGUN.