Көҥүлэ суох таксистар (ЫРЫТЫЫ)

13.12.2017
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 8 күнүгэр Аллараа Бэстээхтэн 16 км тэйиччи сиргэ хас да киһи өлүүлээх алдьархайдаах суол быһылаана таҕыста. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары айманнылар. «Халыма» федеральнай суолга икки массыына харсыһан, тоҕус киһи, ол иһигэр икки саастаах оҕо тыына быстыбыта… Ил Дархан ахсынньы 11 күнүн Кутурҕан күнүнэн биллэрбитэ.

edersaas.ru

Урукку быһылааннар

Төһө да иэдээн кэннэ сиһилии ырытар соччото суох курдугун иһин, инникитин хатыламматын туһугар бу түгэни кэпсэтэр наада. Хомойуох иһин, маннык түбэлтэлэр сыл ахсын тахса тураллар. 2016 сыллаахха «Бүлүү» федеральнай суол 430-с килэмиэтиригэр УАЗ массыына КамАЗ-ы кытары харсыһан, үс киһи суорума суолламмыта. Оттон 2006 сыллаахха муус устарга эмиэ бу трасса ­545-с килэмиэтиригэр УАЗ микрооптуобус уонна КамАЗ харсыһаннар, 5 киһи уонна маршрутнай такси суоппара миэстэтигэр өлбүттэрэ. Икки киһи улаханнык эчэйэн балыыһаламмыттара. Үгүс өттүгэр суол быһылаана таксистар өттүлэриттэн тахсара мэлдьэх буолбатах. Уруккуну-хойуккуну эрдибэккэ, биир чугастааҕы түбэлтэни холобурга аҕалыам. 2017 сыл саҕаланыытыгар олунньуга Сунтаар улууһугар «Бүлүү» федеральнай суол ­945-с килэмиэтиригэр саахал тахсан, түөрт киһи араас эчэйиини ылбыта. Ол курдук, «Ниссан Сафари» уонна «Тойота Премио» массыыналар аара суолга тохтоон турдахтарына, Сунтаар бөһүөлэгин өттүт­тэн «Тойота Хайс» микрооптуобус олус түргэнник сүүрдэн кэлэн, бу массыыналарга кэлэн түспүт. Баҕар, ыксаабатаҕа буоллар, маннык быһылаан тахсыа суох этэ. Аны «Хайстаах» суоппар саһа сылдьан таксилыырын таһынан, биир сыл иһигэр суол быраабылатын 25 кэспитэ биллибитэ. Онон, ГИБДД иниспиэктэрдэрэ аҥаардас ыстараабынан эрэ муҥурдаммакка, арыый даҕаны кытаанах миэрэни ылаллара буоллар, балаһыанньа көнүө эбитэ дуу?..

Араас суоппардар

Билигин үгүс таксистар ханна да регистрацияламмакка, лицензия ылбакка, ИП тэриммэккэ эрэ, саһа сылдьан дьону таһаллар. Диспетчерскэй сулууспалар үлэлэһэр суоппардарыттан туох да докумуону ирдээбэттэр. Кылаабынайа, төһө киһи булбуттарыттан, бырыһыаннарын аахсаллар.

Суруналыыс буоларым быһыытынан, улуустарга командировкаҕа бараары үгүстүк такси өҥөтүнэн туһанабын. Биирдэ, Бүлүү эҥээр айаннаарыбын, үс суоппардаах таксига түбэспитим(!!!). Хата, суоппардар солбуһа сылдьан айаннаан, бэрт түргэнник тиийиэм дии санаабытым. Хомойуох иһин, онтум санаа эрэ быһыытынан хаалаахтаабыта. Дьокуускайтан тахсааппытын кытта, массыынабыт аанын сомуога алдьанан, аһылын да аһылын буолан, Маҕараска диэри пассажирдар солбуһа сылдьан ааны тутан олорон айаннаабыппыт. Суоппардарбытыттан иккитэ иннинээҕи миэстэҕэ көтөхсөн олорон, суолбут аҥаарыгар, 4500 солк. төлөөн кэннигэр олорбут пассажир уолу иннинээҕи миэстэҕэ үүрбүттэрэ. Дьэ, онон таксист өҥөтүнэн туһанааччылар эҥин араас суоппардарга, массыынаҕа түбэһэн айанныырга тиийэбит. «Харах тэстэринэн» айанныыр суоппардар эмиэ бааллар. Бу дьон суолга ордук кутталы үөскэтэллэр. Дьону олордон иһэллэрин умнан кэбиспиттии, маһы тиэйэн иһэр курдук айаннаан лиһигирэтэллэр. Ыһыллан-тоҕуллан айаннаан син куораты булаҕын эрээри, суолга араас тахсыан сөп. Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр дииллэринии, таксистар арыый да сэрэхтээхтик айанныа эбиттэр. Массыынаҕа олордубут даҕаны, хас биирдии пассажир олоҕо суоппартан тутулуктанар.

Харахтарыгар «харчы кыбыллыбыт» таксистар утуйар ууларын умнан, нэдиэлэҕэ хастыы да рейс оҥороллор. Мантан сылтаан тиэхиньикэ түргэнник алдьанарын-кээһэнэрин таһынан, суоппардар сылайан-элэйэн утуйбакка айаннааннар, уруулга утуйан саахал тахсыыта элбиир.

Көҥүл ыларга тиэтэйбэттэр

Былырыыҥҥа диэри СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ таксистарга анал көҥүлү биэрэр боломуочуйалаах этэ. 2016 сыл балаҕан ыйыттан СӨ Бэйэтэ хаамар массыыналар уонна тиэхиньикэ атын көрүҥнэрин тиэхиньиичэскэй туруктарын кэтээн көрөр управлениетыгар (Управление по надзору за техническим состоянием самоходных машин и других видов техники) сүктэриллибитэ. Управление исписэлииһэ Анна Осипова кэпсииринэн, дьону таһыынан дьарыктаныан баҕалаахтар хайаан да индивидуальнай предприниматель биитэр юридическэй сирэй буолуохтаахтар. ОКВЭД-гар «деятельность: такси» диэн суруллуохтаах эбит. Көҥүл биэс сылга болдьохтоон бэриллэр. «2012 сылтан ааҕар буоллахха, 2608 урбаанньыт уонна 26 юридическэй сирэй көҥүл ылбыта. Уопсайа, 2012 сылтан 6432 лицензия бэриллибитэ. Үгүстэрэ куоракка регистрациялаахтар. Интэриэһиргиир дьон биһиги сайтпытыгар киирэн көҥүллээх дьон испииһэктэрин көрүөхтэрин сөп», – диэн Анна Олеговна эбэн эттэ.

Өҥө – босхо

Көҥүл биир ый устата оҥоһуллар. Оттон хат оҥоруу (дубликат) уонча хонук иһинэн бэлэм буолар. Судаарыстыбаннай өҥө босхо оҥоһуллар. Бу докумуону суоппар бэйэтин кытта илдьэ сылдьыахтаах. Пассажирдар бу докумуоннары ылан көрөр бырааптаахтар. Таксилыырга хас биирдии массыынаҕа көҥүл 5 сыл болдьохтоон бэриллэр. Бу көҥүлү билигин Дьокуускайга «Элбэх функциялаах кииҥҥэ» уонна e-yakutia.ru судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларыгар киирэн эмиэ оҥорторуллар.

Аны көҥүллээх таксистар суол быраабылатын кэстэхтэринэ кинилэргэ ыстараап кээмэйэ улаханыттан сылтаан, суоппардар саһа сылдьан үлэлииллэригэр тиийэллэр. Ыстарааптан чаҕыйан эбитэ дуу, көҥүл ыларга тиэтэйбэттэр.

Аҥаардастыы таксистары буруйдуур сөп дуо?

Өскөтүн авиабилиэт сыаната арыый да удамыр эбитэ буоллар, балаһыанньа атын буолуо этэ. Холобур, Сунтаартан Дьокуускайга диэри 13 – 15 тыһ. солк. Оттон такси төлөбүрэ 4500 солк. Үс төгүл чэпчэки. Кыра хамнастаах тыа киһитэ таксинан сылдьарыгар эрэ тиийэр. Дьиҥэр, элбэх сырыылаах, барыылаах-кэлиилээх хайысхаларынан арыый да удамыр сыаналаах маршрутнай оптуобустар сылдьаллара буоллар, чааһынай таксистар син бэрээдэктэниэ, монополия буолан бүтүө этилэр.

«Таатта» такси быһылааныгар төнүннэххэ…

СӨ бэйэтэ хаамар массыыналар уонна тиэхиньикэ атын көрүҥнэрин тиэхиньиичэскэй туруктарын кэтээн көрөр управление чахчыларынан, Таатта – Дьокуускай хайысханан пассажирдары таһар 24 саастаах суоппар көҥүлэ суох, нууччалыы эттэххэ, «нелегал» эбит. Аллараа Бэстээхтэн айаннаан иһэн утары суолга тахсан, КамАЗ массыынаҕа сааллыбыт. Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 264-с ыст. 5-с чааһынан, ол эбэтэр, суол быраабылатын кэһии түмүгэр иккиттэн элбэх киһини өлүүгэ тиэрдии, итиэннэ РФ Холуобунай кодексатын 238-с ыстатыйатын 3-с чааһынан, ол эбэтэр, дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар куттал суох буолуутун хааччыйыы ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт өҥөнү оҥорон, иккиттэн элбэх киһини сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии бэлиэлэрэ баарынан икки холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Билигин бу саахал туһунан социальнай ситимнэргэ араас кэпсэтии тахсар. Сурах хоту иһиттэххэ, КамАЗ фааралара үлэлээбэт буолан, олох даҕаны банаарынан сырдатан айаннаан испит. Ону силиэстийэ чуолкайдыа.

Эксперт санаата:

Егор Егоров, СӨ бэйэтэ хаамар массыыналар уонна тиэхиньикэ атын көрүҥнэрин тиэхиньиичэскэй туруктарын кэтээн көрөр управление салайааччытын солбуйааччы:

Таксистарга көҥүл биэрии боломуочуйата биһиги управлениебытыгар былырыын саҥа бэриллибитэ. Көҥүл биэрбит урбаанньыттарбытыгар ый аайы рейдэ оҥоробут. ГИБДД иниспиэктэрдэрин кытары. «Нелегаллары» кытары эмиэ үлэлиибит. Биир сыл иһигэр 10 саахал буолбутуттан, сэттэтэ – дьону таһарга көҥүллээх таксистар. Манна биири бэлиэтээн этиэм этэ, рейдэ кэмигэр нелегаллары быһаарар олус уустук. Массыынаҕа айаннаан иһэр пассажирдар суоппары аймахпыт, биитэр аара суолга тохтотон олорсубуппут дииллэр. Бу күһүн «Такси» диэн эпэрээссийэ ыытан, Хаҥаласка, Намҥа, Дьокуускайга таксистары кытары көрсөн кэпсэппиппит. Мэҥэ Хаҥаласка тахсыбыт быһылаан туһунан этэр буоллахха, ити таксист биһиэхэ регистрацияламматах, көҥүл ылбатах киһи.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0