Күлүүстээх хаайыыга утаарыллыбакка, көҥүлгэ хаалбыт буруйдаахтар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ холуонньаларыгар буруйдарын боруостаан олорор 3500-тэн тахса киһини таһынан, көҥүлэ быһыллыбакка, араас миэрэнэн сууттаммыт дьон эмиэ баар. Ол – көннөрүнэр, булгуччулаах, күһэлэҥ үлэҕэ, күһэлэҥ эмтээһиҥҥэ ууруллубуттар, тургутар болдьохтоох усулуобунай миэрэнэн накаастаммыттар. Дьэ, бу дьон туох эбээһинэстээх, төһө көҥүллүк сананар эбитий?

edersaas.ru 


Кимиэхэ маннык миэрэлэр туттуллалларый?

Дойдуга холуобунай сокуону киһититии (“гуманизация”, “декриминализация”) бэлиитикэтэ ыытыллыбыта инньэ сэттэ-аҕыс сыл буолла. Ити, биллэн турар, буруйдаахха туттуллар накаастабыл миэрэҕэ, ыстатыйатыттан көрөн, дьайыылаах.

Маннык “сымнаҕас” миэрэлэр туттуллаллар: бастатан туран, өскөтүн киһи оҥорбут буруйа чэпчэки уонна орто ыар буоллаҕына. Ыар уонна ураты ыар буруйдары оҥоруу иһин туттуллубат эрээри, биирдиилээн түбэлтэҕэ дьыала ис хоһоонуттан көрөн туттуллуон сөп.

Иккиһинэн, бу киһи буруйу аан бастакытын оҥорбут уонна алҕас оҥорбут буоллаҕына. Үсүһүнэн, киһи дьыалаҕа сүрүн оруолу ылбатах, улаханнык кыттыбатах буоллаҕына. Маны сэргэ, буруйдаах киһи үлэһит быһыытынан үчүгэй эрэ өттүнэн сыаналанан кэлбит, буруйу оҥорбутун ис сүрэҕиттэн кэмсинэр-кэмиринэр буоллаҕына, оҥорбут хоромньутун төлүүргэ бэлэм буоллаҕына.

Быһата, суут усулуобунай миэрэни аныырыгар, оҥоһуллубут буруй дьоҥҥо-сэргэҕэ (уопсастыбаҕа) төһө кутталлааҕын, ол иһигэр сымнатар уонна ыаратар өрүттэри учуоттуур. Бу киһи көҥүлэ быһыллыбакка, уопсастыбаттан тэйитиллибэккэ эрэ көннөрүнүөн сөп диэн ол киһиэхэ кыах биэрэр. Ол иһин маннык миэрэлэринэн сууттаммыт киһи ити эрэли толорон, бэрээдэгинэн көннөрүнүүтүн дакаастыырыгар тургутар болдьох (“испытательный срок”) диэн бэриллэр.

2017 сыл тохсунньу ыйын 1 күнүттэн накаастабыл саҥа көрүҥэ — күһэлэҥ үлэҕэ ууруу — дойду үрдүнэн олоххо киирбитэ. Маннык миэрэ кыра уонна орто буруйу итиэннэ ыар буруйу аан бастакытын оҥорбут дьоҥҥо туттуллар.

Хонтуруоллааччы кимий?

РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын холуобунай-исполнительнай иниспиэксийэтэ уонна полиция участковай боломуочунайдара.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн иниспиэксийэ учуотугар көҥүлэ быһыллыбакка эрэ сууттаммыт 10 тыһыынчаттан тахса киһи сылын аайы туран ааһар.

Бу сыл 10 ыйыгар 8870 кэриҥэ киһи учуокка турбута. Итинтэн 154 — сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо, 90-ча киһи – силиэстийэ бара турар кэмигэр дьиэтээҕи хаайыыга ууруллубут буруйданааччылар биитэр уорбаланааччылар.

Оттон сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, иниспиэксийэҕэ 5490 киһи учуокка турбутуттан  (былырыын ити кэмҥэ 4357 киһи), 66-та – сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо.

Уопсастыбаттан тэйитиллибэккэ эрэ сууттаммыт дьонтон баһыйар үксэ Дьокуускай куоракка (2270 кэриҥэ киһи),  Нерюнгрига (470-ча), Мирнэйгэ (270-ча), Ленскэйгэ (220-чэ), Алдаҥҥа (200-чэ), Бүлүүгэ (180-ча), Мэҥэ Хаҥаласка (186 кэриҥэ) бааллар.

Үөһэ этиллибитин курдук, усулуобунай миэрэнэн сууттаммыт киһи бэрээдэгин полиция участковай боломуочунайа эмиэ кэтиир-маныыр. Олорор сиригэр, үлэтигэр, уопсастыбаннай сирдэргэ бу киһи хайдах-туох сылдьарын. Уонна ону кыбаартал аайы бу холуобунай-исполнительнай иниспиэксийэҕэ отчуоттуур.

Маннык миэрэнэн сууттаммыттар хаттаан буруйу оҥорботторугар туһуламмыт сэрэтэр үлэ көдьүүстээх буоларыгар, иниспиэксийэ быраабы араҥаччылыыр уорганнар тустаах сулууспаларын кытта ыкса сибээстэһэн үлэлиир. Ол курдук, “Условник”, “Условник-несовершеннолетний”, “Рецидив”, “Рецидив-несовершеннолетний” диэн эпэрээссийэлэри бииргэ ыыталлар.

Ону тэҥэ, муниципальнай былаас уорганнарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэри, кэккэ министиэристибэлэри кытта эмиэ Сөбүлэһии түһэрсэн үлэлииллэр.

Маны таһынан, усулуобунай миэрэнэн сууттаммыттары кытта үлэҕэ наркологтар, оҕо быраастара, психиатрдар, социальнай үлэһиттэр, анонимнай кабинеттар быраастара кытталлар.

Эбээһинэһин толорботох киһини туох күүтэрий?

Уопсастыбаттан тэйитиллибэккэ эрэ сууттаммыт киһиэхэ тургутар, кэтээн көрөр болдьох ананар. Ол болдьох иһигэр суут ыйбыт эбээһинэстэрин булгуччу толоруохтаах уонна тутуһуохтаах. Ол аата оҥорбут буруйун боруостуохтаах.

Маныаха, бастатан туран, олорор сиригэр холуобунай-исполнительнай иниспиэксийэҕэ учуокка туран баран, кэмиттэн кэмигэр кэлэн бэлиэтэниэхтээх (күнүн-дьылын, бириэмэтин киниэхэ эрдэттэн этэллэр). Иниспиэксийэҕэ эппэккэ эрэ, олорор сирин уларытыа суохтаах. Үлэлиэхтээх, үөрэнэ сылдьыбыт буоллаҕына, үөрэҕин салгыахтаах. Бобуу суох буоллаҕына, үлэлээбит сиригэр салгыы үлэлиирэ көҥүллэнэр. Дьиэ кэргэнин үп-ас өттүнэн өйүөхтээх. Арыгылааһынтан, наркоманияттан, быһата, дьоҥҥо кутталлаах, содуллаах диэбит дьаллыктартан эмтэниэхтээх. Уопсастыбаннай сиргэ бэрээдэги кэһиэ, дьиэтигэр-уотугар содуомнуо-айдаарыа суохтаах.

Өскөтүн суут көннөрүнэр эбэтэр булгуччулаах үлэни анаабыт буоллаҕына, ону толоруохтаах. Маннык сууттаммыт киһи ханна үлэлиэн сөптөөҕүн муниципальнай тэриллиилэр испииһэк таһааран быһаараллар. Сүрүн үлэлээх буоллаҕына, ол үлэтин кэнниттэн уопсастыбаннай ноҕурууска быһыытынан.

Итини барытын аанньа ахтан толорбот киһиэхэ бастаан сэрэтии оҥороллор. “Усулуобунай миэрэҥ уларыйыан сөп” диэн. Онон, маннык “сүгэһэрдээх” киһи ол-бу сыыһа-халты туттубат туһугар арыгы да иһиэ суохтаах.

Онтон бастакы сэрэтии кэнниттэн өйдөммөккө, иккиһин тугу эмит оҥордоҕуна, ирдэбили толорботоҕуна, иниспиэксийэ суукка сурук ыытар. Бу киһи тургутар болдьоҕун өссө уһатан биэриҥ диэн. Оттон суут уурбут эбээһинэстэрин букатын толорбот, бэрээдэги мэлдьи кэһэр, иниспиэксийэ хонтуруолуттан куотар-саһар киһи көҥүлэ дьиҥнээхтик быһыллан, күлүүстээх хаайыыга утаарыллар.

Холобурга, соторутааҕыта Аллайыаха улууһугар халааһыҥҥа түбэһэн, 3 сылга усулуобунай миэрэҕэ сууттаммыт киһи итинник быһыыланан, көс-холуонньаҕа 2 сылга уураахтаммыта. Итинник түбэлтэ аҕыйаҕа суох.

Онон, уопсастыбаттан тэйитиллибэккэ, күлүүстээх хаайыыга утаарыллыбакка, көҥүлгэ хаалбытын буруйдаах сөпкө сыаналыыра, сыаналаабата бэйэтиттэн тутулуктаах.  

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын холуобунай-исполнительнай иниспиэксийэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0