Көлүөнэлэри ситимнээччигэ анаммыт ахтыы киэһээтэ

05.03.2019
Бөлөххө киир:

Кыраайы үөрэтээччи, учуутал, суруналыыс, улуус мусуойун төрүттээччи Николай Саввич Пестряков төрөөбүтэ 90 сылынан  дойдутугар, Уус Алдан улууһугар, Курбуһахха, ахтыы киэһээтэ ыытылынна. Биһиэхэ  бу туһунан сиһилии Уус Күөл модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Марфа Пестрякова кэпсээтэ.


—Тэрээһиҥҥэ  Николай Саввич аймахтара, үлэлээбит тэрилтэлэриттэн ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо  кыттыыны ыллылар. Ытык киһи убайа, нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, 93 саастаах Петр Васильевич  быраатын туһунан истиҥник ахтан-санаан ааста.  Уус Күөлүн бибилэтиэкэтэ уонна улуустааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой Н.С.Пестряков олоҕун, үлэтин сырдатар быыстапканы туруорбуттара дьон-сэргэ болҕомтотун улаханнык татта.

Бу күн Николай Саввич улуус мусуойун төрүттээччи, суруйааччы, кыраайы үөрэтээччи буоларын эдэрдэргэ туһаайан өссө дириҥэтэн , кэҥэтэн кэпсээбиттэрэ олус интэриэһинэй буолла.

Дьоро киэһээҕэ мустубут бар дьоҥҥо анаан Н.С.Пестряков айбыт «Баараҕай батыйа» ырыатын Василий Охлопков толоруута, «Өрөгөй» эр дьон ансаамбыла, Прокопий Нафанаилов ылбаҕай ырыалара дохсун ытыс тыаһынан арыалланнылар.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0