Көлүөнэ ситимин туоһута

30.03.2020
Бөлөххө киир:

Киһи бу орто дойдуга олорон  ааспыт олоҕун туоһутунан оҕолоро, оттон кини олоҕун суолун туоһутунан кини үтүө аата буолаллар.

edersaas.ru

Хатас нэһилиэгэр бу эппит этиилэрбин кэрэһилиир үтүөкэн тэрээһин буолан ааста. 1955 сыллаахха олунньу  24 күнүгэр элбэх оҕолоох Клавдия уонна Иван Пермяковтарга кыргыттар кэннилэриттэн игирэ уолаттар күн сирин көрбүттэрэ.  Ийэлээх-аҕа сүбэлэһэн баран,  оҕолорун  Петр, Иван диэн ааттаабыттара.  Хайа да аҕаҕа кини ууһун ааттатар уол оҕо күн сирин  көрөрө күндү түгэн. Аны онуоха эбиитин игирэ уолаттар кэлбиттэригэр аҕалара үөрүүтүттэн саламаат буһаран, уолаттарын олоҕо арыы-сыа курдук сымнаҕас, сылаас, сырдык сыдьаайдаах буоларыгар баҕа санаатын сатыырынан алҕаан тиэрдибитэ. Оннук да курдук буолбута.
Уолаттар үлэни-хамнаһы кыайа тутар, сэргэх, эйэҕэс-сайаҕас буола улааппыттара. Иккиэ буоланнар куолаан да оҥороллор элбэҕэ.  «Хатас» сопхуос сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэриигэ кинилэр эмиэ үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрин нэһилиэк дьоно бары билинэллэр, ытыктыыллар, убаастыыллар. Ордук тиэхиньикэҕэ чугас буоланнар, дэгиттэр механизатордар этэ.
Айылҕаҕа чугас буолан, булт кэмин, бириэмэтин хаһан да мүлчү туппакка, үлэни-хамнаһы үмүрүтэн, оҥоро-тута охсон, этэргэ дылы, сирэйдиин-харахтыын уларыйан, сэргэхсийэн балыктыы, кустуу бараллара. Уолаттарын эр киһи сатыырыгар барытыгар тэҥҥэ сырытыннаран сыһыарбыттара. Уолаттар да талбыт курдук эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, сатабыллаах, тыа киһитин олоҕун толору өйдүүр буола улааппыттара. Дьылҕа Хаан кытаанах ыйааҕынан, кинилэр билигин суохтар.
Салгын саатынан ытыыга күрэх
Ол эрэн, кинилэр ааттарын үйэтитэр туһугар күн сирин көрдөрбүт оҕолоро: уолаттара, кыргыттара, кэргэттэрэ кинилэр ааттарын чиэстээн, салгын саатынан ытыыга күрэх ыыттылар.
Тэрийээччилэр  үөрүөхтэрин иһин, күрэххэ кыттыан баҕалаах элбэх буолан биэрдэ. Ол курдук, 39 эр киһи, 17 дьахтар суруйтардылар. Күрэх саҕаланыытыгар  СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата,  ыччаты кытары үлэҕэ, физи­ческэй култуураҕа уонна успуорка кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбу­йааччы Юрий Баишев,  Петр, Иван Пермяковтар кэргэттэрэ Альбина Александровна, Дарья Гаврильевна, бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ Анна Ивановна, уолаттара Евгений Петрович, Гаврил Иванович Пермяковтар тыл эттилэр.
Сиэри-туому тутуһан, Алексей Божедонов-Сырдык алгыһын ылан, кылаабынай судьуйа (Баишев А.М) быһаарыытын истэн баран, күрэх саҕаланна.
Батсаапка бөлөхтөөхпүт
Мин бу кэмҥэ хас да кыт­тааччыны кытта кэпсэттим.
Виктория ШАМАЕВА, ХИФУ-га үлэлиир:
Салгын саанан ытыыны интэриэһиргээччилэр батсаапка бөлөхтөөхпүт. Онно биллэрии кэлбитэ. Анал бөлөхтөөх буолан,  бу көрүҥҥэ туох сонунбаарын билэ-көрө олоробут, бэйэ бэйэбитин да син билсэбит.
Бу тэрээһинтэн туох санаа үөскээтэ?
Олус бэрт. Бу чэгиэн турук, бэйэни тургутуу, атыттары  көрүү, чөл олоҕу тутуһуу эрэ буолбакка, кэлэр көлүөнэ ыччаты ­иитиигэ, түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолууга дьоһун хардыы диэн сыаналыыбын. Кыттааччылар бары да бөдөҥ-садаҥ, көстүүлээх дьон эбиттэр. Уонна бу олорон: ‘’Оттон мин маннык күрэҕи дойдубар Үгүлээккэ ыыттахпына хайдаҕый?’’ –  диэн санаа киирдэ.
—  Наһаа үчүгэй санаа  киирбит, ону олоххо киллэрдэххинэ, дьонуҥ-сэргэҥ махталын ылыаҥ турдаҕа. Виктория, бу көрүҥүнэн дьарыктанар ки­­һиэхэ саамай сыаналанар хаачыстыба ханныгый?
Болҕомтолоох, холку, атыҥҥа аралдьыйбат буолуу.
Сопхуос саҕана тир баара
Алексей Михайлов оскуолаҕа үлэлиир эдэркээн киһи. Васса Решетникова оҕо уһуйааныгар үлэлиир, өр сылларга тыа хаһаа­йыстыбатын араас салаатыгар бэтэринээринэн үлэлээбитэ.
Васса Васильевна, маннык тэрээһиннэр киһиэхэ тугу биэрэллэрий?
Дьэ бэртээхэй, олус наадалаах тэрээһин буола турар. Урут сопхуос саҕана анаан тир баар этэ. Онно бу маннык сааларынан  да, бэстилиэтинэн да ытар этибит. Маннык тэрээһиннэр киһини бэрээдэктииллэр, дьарыктаах буолууну эрэйэллэр. Мэлдьи эрчиллэр, дьарыктанар эрэ буоллахха, эт-хаан, өй-санаа биир таһымҥа, биир тыыҥҥа киирэр.
Тэрээһин туһунан эбэн этэр буоллахха, бөлөхпүтүн ыспакка, бу курдук тарҕаспакка сырыттахпытына, биһиги да манныкка көх- нэм буолан, ҥин мэтээли ылыыга дуу, анал бириистэргэ дуу бырахсан да туран, көмө-имэ буолуохпут этэ.

Үчүгэй үчүгэйи үөскэтэр дииллэрэ бу буоллаҕа дии. Кэпсэппит дьонум ити курдук, бары сэргэхтэр, этэрдээхтэр. Кырдьыга да, норуот күүһэ – көмүөл күүһэ.
Бүгүҥҥү күрэххэ аймах-билэ дьон бары мустаннар, кэпсэтии-сэһэргэһии, сэргэхсийии таҕыста. Аны кыттааччыларбыт эмиэ дьиэ кэргэн, бииргэ төрөөбүттэр, бииргэ үөрэммиттэр буолан, хайдах эрэ истиҥ иэйии, сылаас сыһыан, сырдык санаа баара биллэр этэ.
Кэргэнниилэр Люба уонна Николай Тимофеевтар, Надежда уонна Егор Пермяковтар, Нина уонна Александр Софроновтар, Анна уонна Николай Матвеевтар, Анастасия Никифорова бииргэ төрөөбүт балта Зиналыын, Иннокентий Саввинов уола Алексейдыын, Семён Михайлов уола Алёшалыын уо.д.а.
Кыттааччылар бары бүгүҥҥү тэрээһини тэрийбиттэргэ, көҕүлээбиттэргэ улаханнык махтаналлар.
Анна Семёнова күрэххэ ­ытааччылар бөлөхтөрүттэн буолбакка, батсаапка атын бөлөххө көрөн кэлбит. «Куоракка үлэлиир буолан, нэһилиэгим дьонун билсэрбэр-көрсөрбөр да бэрт», – диэн санаатын үллэһиннэ. Алёша Михайлов эмиэ оруобуна итинник санаалаах уонна күрэхтэһии буоларын иһиттим да, кэлиэм диир.
Судьуйаларбыт, тэрийээччилэрбит үгүс элбэх араас таһым­наах күрэхтэри ыыта  үөрүйэх  буоланнар, этэргэ  дылы, барыта орун оннугар, туох да мөккүөр, өйдөммөт быһыы-майгы  суох. Инньэ гынан, бэрт  сотору түмүгү таһаарыы буолла.
Дьэ, бириистэрбит да ботуччу буолан биэрдилэр — балаакка, эрэһиинэ тыы, утуйар мөһөөччүк, эгэлгэ иһит-хомуос, тиэрмэс уо.д.а. Сүрүн бириистэри И.И. уонна П.И.Пермяковтар дьиэ кэргэттэрэ туруорбуттар, оттон анал би­­риистэр икки өттүттэн аймахта уонна Чурапчы Чыаппаратыттан көмөлөспүттэр.
Күрэхтэһиини өйдөөбүт уонна өйөөбүт Евгений Гоголевка, кылаабынай судьуйа Анатолий Баишевка, Наталия Руфоваҕа уонна мусу­каалынай оскуола кэлэктиибигэр (дириэктэр Христина Винокурова) махтал тылларын этэбит.
Кыайыылаахтар
Эр дьоҥҥо:
1миэстэ – Андриан Афанасьев, 56 очукуолаах.
2 миэстэ — Григорий Евсеев, 48 очукуолаах.
3 миэстэ – Александр Чиряев, 48 очукуолаах.
Дьахталларга:
1 миэстэ — Нина Софронова, 49 очукуолаах.
2 миэстэ — Виктория Шамаева, 48 очукуолаах.
3 миэстэ — Васса Решетникова, 39 очукуолаах.
Анал бириистэр хаһаайыннара
Аҕам саастаахтаргаРаиса Ивановна Корякина, Инно­кентий Алексеевич Саввинов.
ЭдэрдэргэЗинаида Слепцова, Алексей Михайлов.
Олунньуга төрөөбүт биэс киһи: Иван  Антипин, Андриан Афанасьев, Семён Михай­лов, Афанасий Вино­куров, Надежда Пермякова.
Саамай тулуурдаах, хаппырыыһа суох оҕоРоман Софронов.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Наталья РУФОВА
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0