Бүгүн, олунньу 3 күнүгэр, Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар саха саарына Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин-хамнаһын сырдатар икки кинигэ – “Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр” итиэннэ “Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр. Жизнь и деятельность: сборник документов и материалов” — сүрэхтэниитэ буолла.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Көрсүһүүнү Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи университет филологияҕа факультетын суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров иилээн-саҕалаан ыытта.
“Бичик” кинигэ кыһатыгар “Саха интеллигенцията уонна Саха сирин норуоттарын судаарыстыбаннастарын үөскээһинэ” сериянан тахсыбыт “Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр” диэн кинигэни Георгий Башарин аатынан ГЧИ түмэлин сэбиэдиссэйэ Пантелеймон Петров, оттон “Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр. Жизнь и деятельность: сборник документов и материалов”диэн кинигэни СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Степанова билиһиннэрдилэр.
Пантелеймон Пантелеймонович былырыын өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа саха чулуу уола, Арассыыйа уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй деятелэ, Саха сирин уобаластааҕы земскэй управатын салайааччы Василий Васильевич Никифоров төрөөбүтэ 150 сылын киэҥник бэлиэтээбитин ахтан туран, ол тэрээһиннэр чэрчилэринэн сүдү киһи олоҕун, төрөөбүт сирин сайдыытыгар үлэтин-хамнаһын киэҥник сырдатар кинигэни таһаарар туһунан быһаарыы ылыныллыбытын санатта. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков сорудаҕынан кинигэни оҥорууга Гуманитарнай чинчийии институтуттан, университеттан, национальнай архыыптан, киин бибилэтиэкэттэн, Ем. Ярославскай аатынан мусуойтан, Уус Алдантан бастыҥ историктар, кыраайы үөрэтээччилэр талыллан үлэлэспиттэрин эттэ. “Саха интеллигенцията уонна Саха сирин норуоттарын судаарыстыбаннастарын үөскээһинэ” сериянан тахсыбыт бастакы кинигэни оҥорууга алта наука дуоктара, 14 наука хандьыдаата кыттыбытын ыйан туран, бу үлэ көннөрү уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй таһаарыы киэбиттэн таһыччытын, сүҥкэн научнай суолталааҕын чорботон бэлиэтээтэ. Кинигэҕэ Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин-хамнаһын өр сылларга үөрэппит, чинчийбит Ираида Клиорина, Наталья Дьяконова, Николай Попов, Иван Березкин суруйан хаалларбыт ыстатыйалара, соторутааҕыта олохтон туораабыт фотограф Артур Винокуров хаартыскалара киллэриллибиттэрин эттэ.
Пантелеймон Пантелеймонович кинигэҕэ түмүллүбүт суруйуулартан меценат, үөрэхтээһини, национальнай тыйаатыры, демократическай, национальнай бэчээти, саха уус-уран литературатын төрүттэспит, босхо бибилэтиэкэни, ааҕар саалалары олохтоспут, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ, уобаластааҕы земскэй управа бэрэссэдээтэлэ, дэгиттэр сайдыылаах, чаҕылхай, саха ньургун киһитин мөссүөнэ толору арылларын ыйда.
Сэбиэскэй былаас сылларыгар, Василий Васильевич бүрүкэрээттэр хатыһыйыыларыттан, хаарчахтааһыннарыттан, бобууларыттан иҥнибэккэ-толлубакка, бэл тутуллан хаайыыга быраҕылларын, көскө утаарылларын кэрэйбэккэ, бары кыаҕын-күүһүн норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ, өрө көтөҕүүгэ, кооперацияны сайыннарыыга, өрөспүүбүлүкэ оҥоруулаах күүһүн үөрэтиигэ уурбутун аҕынна.
Иркутскай куорат түрмэтин балыыһатыгар өлөр охтуутугар сытан өйө-санаата бүтүннүүтэ саханы үөрэхтээх оҥорууга туһаайыллыбытын, тус бибилэтиэкэтин кинигэлэрин төрөөбүт норуотугар аныырын туһунан кэриэһин эппитин кэпсээтэ.
Түмүгэр кинигэни түмэн оҥорбуттар ааттарыттан — Николай Черосов уонна бэйэтин аатыттан — бары ыстатыйалар ааптардарыгар, “Бичик” кинигэ кыһатын үлэһиттэригэр махталын эттэ.
Наталья Степанова “Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр. Жизнь и деятельность: сборник документов и материалов” кинигэ Саха сирин уһулуччулаах дьонун олохторун, үлэлэрин-хамнастарын сырдатыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи архыып тэрийэн ыытар улахан бырайыактарыттан биирдэстэринэн буоларын ыйда. Манна үлэ 2015 сыллаахтан тиһиктээхтик ыытыллыбытын, регионнардааҕы, федеральнай архыыптартан Күлүмнүүр олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сыһыаннаах 200-чэкэ саҥа докумуон булуллубутун эттэ. Хомуурунньукка барыта 167 докумуон наарданан киллэриллибититтэн, 151-рэ бэчээккэ аан бастаан тахсыбытын, олортон 33-һэ Василий Васильевич бэйэтэ суруйбут суруктара буолалларын ойуччу тутан бэлиэтээтэ.
Наталья Степановна кинигэ биир уратытынан урут ханна да бэчээттэнэ илик докумуоннар ааҕааччы болҕомтотугар таһаарыллыбыттара буоларын ыйда.
Хомуурунньукка Арассыыйа Наукатын Академиятын архыыбын Санкт-Петербурдааҕы салаатыттан, Забайкалье судаарыстыбаннай архыыбыттан,
РФ судаарыстыбаннай архыыбыттан (Москва куорат), Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Куттал суох буолуутугар федеральнай сулууспа архыыбыттан
көстүбүт докумуоннары кытта билсиэххэ сөп.
Тэрээһиҥҥэ тыл эппит Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев, “Уус Алдан улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыга Алексей Федотов, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров, СӨ Духуобунаска академиятыттан профессор Карл Башарин, Георгий Башарин аатынан гуманитарнай чинчийиигэ уонна аҕыйах ахсааннах хотугу норуоттар кыһалҕаларыгар институт Саха сирин историятыгар секторын сэбиэдиссэйэ Егор Антонов, Уус Алдан улууһунааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат кэрэспэдьиэнэ, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин бастакы лауреата Иннокентий Сыроватскай, Ил Түмэн дьокутаата Александр Уаров, В.В. Никифоров – Күлүмнүүр хос сиэнэ Альбина Никифорова бу икки саҥа кинигэ сахалар дьон тэҥинэн киһилии олохтоноллорун, норуот быһыытынан бэйэ баһын бас билинэн сайдалларын туһугар олоҕун анаабыт сүдү биир дойдулаахпыт Күлүмнүүргэ махталбыт, сүгүрүйүүбүт бэлиэтэ буоларын, В.В. Никифоровы билиҥҥи салайааччылар холобур оҥостуохтаахтарын, инникитин даҕаны саха саарыннарын олохторун, үлэлэрин-хамнастарын үөрэтиигэ үлэ салҕанан барыаҕын, кинигэлэри бэлэмнээһиҥҥэ, оҥорууга үлэлэспит кэлэктииптэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо, чуолаан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка истиҥ махталларын эттилэр, айымньылаах үлэлэригэр ситиһиилэри баҕардылар.
Көрсүһүүнү Былатыан Ойуунускай аатынан тыйаатыр артыыстара, Саха сирин норуодунай артыыһа Владимир Заболоцкай үйэ саҥатынааҕы хоһооннорунан, ырыаларынан киэргэттилэр, тэрээһин силигин ситэрэн биэрдилэр.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
СИА хаартыскалара.