Күлүмнүүр аатын Национальнай библиотекаҕа

16.12.2016
Бөлөххө киир:

“Национальнай библиотекаҕа Күлүмнүүр аатын иҥэриэххэ” – диэн эттэ Альбина Никифорова хос эһэтин, общественнай уонна политическай деятель, кыраайы үөрэтээччи, учуонай, саха норуотун кэрэҕэ, сырдыкка уһуйбут духуобунай лидер Василий Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтиир дьоро тэрээһин кэмигэр.

Күлүмнүүр аата урукку сылларга умнууга хаалан ааттаммат буола сылдьыбыта. Кэлин уларыта тутуу кэмигэр үтүө аата тиллэн, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ кини төрөөбүт күнүн аан бастаан 1996 с. ыам ыйын 23 күнүгэр бэлиэтээбитэ. “Бастакы президеммит Михаил Николаев ол дьоро киэһэҕэ Күлүмнүүр аата өрөспүүбүлүкэ киэн туттуута буолуохтааҕын бэлиэтээбитэ. Манна даҕатан, Литературнай музейга махталбын биллэриэхпин баҕарабын. Научнай үлэһит Раиса Аммосова тэрийиитинэн, Күлүмнүүр төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээбиппит. Бу көрсүһүү – Күлүмнүүргэ анаммыт бастакы тэрээһин этэ. Ону сэргэ Саха театрын артыыстарыгар “Манчаары” испэктээкили туруорбуттарын иһин махтанабын. Бу искэктээкили киэҥ араҥаҕа таһаарыыга уонна Күлүмнүүр аатын үйэтитиигэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков өҥөтө улахан”, — диэн бэлиэтиир Альбина Никифорова.

Санатан эттэххэ, Василий Никифоров үтүө аатын тилиннэриигэ учуонай, чинчийээччи Ираида Клиорина өҥөтө, туох да саарбаҕа суох, олус улахан. Ону сэргэ Иван Федосеев – Доосо, Николай Копырин, Георгий Кардашевскай, Михаил Федоров, о.д.а. Күлүмнүүр аатын үрдүктүк тутан кэлэр кэнчээри ыччакка история чахчытын тилиннэрдилэр. 1996 с. кэнниттэн 2006 с. Вячеслав Штыров ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ Күлүмнүүр төрөөбүтэ 140 сылын киэҥник бэлиэтээбитэ.

Ил Дархан Егор Борисов ыйааҕынан, өрөспүүбүлүкэҕэ анал хамыыһыйа тэриллэн, быйыл Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын көрсө сыл устата араас тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, ХИФУ научнай-практическай конференция, музейдарга кини олоҕун, айар үлэтин кэпсиир быыстапкалар, араас тиэмэҕэ “төгүрүк остуоллар”, о.д.а. бэлиэ дьаһаллар буоллулар. Ону сэргэ төрөөбүт Уус Алданын улууһугар быйыл Күлүмнүүр сылынан биллэрэн тураллар. Судаарыстыбаннаспыт күнүн көрсө Ил Түмэн иннигэр Күлүмнүүр пааматынньыга турда, Бороҕоҥҥо кини аатын сүгүөхтээх Култуура киинин бастакы сыбаайата түспүтэ. Быйыл тохсунньуга алмааһы хостуур «Юбилейнай» туруупкаттан булуллубут 121,96 караттаах улахан алмааска кини аатын биэрдилэр. Василий Никифоров мэтириэттээх почта анал маарката оҥоһуллан тахсыбыта. Күлүмнүүр үбүлүөйэ өрөспүүбүлүкэ эрэ иһигэр буолбакка Санкт-Петербург куоракка тиийэ бэлиэтэннэ. Ол курдук, бу соторутааҕыта сэтинньигэ спикер Александр Жирков “Бродячая собака” диэн арт-кулуупка Күлүмнүүр мэтириэтин бэлэхтээн кэллэ.

Василий Никифоров үбүлүөйүн бэлиэтээһин Саха театрыгар дьоро киэһэнэн түмүктэннэ. Бу күн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин, Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, Суруйааччылар сойуустарын ассоциациятын салайааччыта Олег Сидоров тыл эттилэр. Сүрүн дакылааты парламент спикерэ Александр Жирков иһитиннэрдэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0