Адьаһын эдэр эрдэҕиттэн бииргэ суксуруһан, булт араас кистэлэҥнэригэр уһуйуллубут Аппанаас Сэмиэнэп-Ойуур уола Хорула кырдьаҕаһа Иванов Алексей Николаевич-Көөһө Өлөксөй туһунан маннык кэпсиир буолара.
Бастакы булка тахсыыларыгар, алтынньы 18 күнүгэр, балтараа көстөөх сир былаһын тухары үргүлдьү дохсун ардахха баттатан, таҥастара-саптара курдаттыы ньылбы сытыйан, быһата, ууга түһэн тахсыбыт дьоннуу сирдээҕи балаҕаннарыгар тиийбиттэр. «Баччаҕа хайдах буолбут халлааный? Хаардыырын оннугар самыырдыыр эҥин», — диэн Аппанаас
халлааны мөҕүттүбүт. Онуоха кырдьаҕаһа: «Саҥарыма, дьоллоох дьон самыырга, өксүөҥҥэ түбэһэллэр, сытыйбытыҥ аайы туох да буолуоҥ суоҕа», — диэн саба саҥаран кэбиспит.
Тииҥ күнүттэн көрөн, хайдах сылдьан аһыырын кэпсиир. Тыал, хаар күн — ыркый былаастаах бэрдьигэскэ, тыал үрбэт өттүгэр, ыраас чэмэлкэй күн — үрэх сирэйигэр, күн көрөр күнүгэр, улахан тыалга — ойуур ортотугар аһыырын билиһиннэрэр. Икки ыттааҕа хайа да булка бараллара. Онтулара тайах үрэн биэрбиттэригэр түбэһэ кэлэн, Эҥээрдэктэн төрүттээх Киргиэлэй диэн киһи тайахтары, ыттары үһүөннэрин ытыалаталаан кэбиспит. «Туох ааттаах куһаҕан быһыылаах киһитэй? «Баран аахсыахха», — диэн Аппанаас тыл көтөхпүтүн оҕонньоро: «Дьэ, тукаам, сиргэ бултуу-алтыы сылдьан дьону кытта иирсибэт куолу. Сир-дойду, Байанай ону сөбүлээбэт, булдуҥ ханарыйар. Дойду сиргэ киирэн баран, ону быһаарсыахпыт», — диэн аа-дьуо киһитигэр өйдөппүт.
Бу икки улахан булчут ыттарын өлөртөрүү төһөлөөх хомолтолоох, хоргутуулаах буолуой? Ону барытын уйан, суруллубатах тайҕа сокуонугар бас бэринэн, эдэр кыттыгаһын үөрэтэн, киэҥ, дэлэй көҕүстээх, дириҥ өйдөөх-санаалаах кырдьаҕас буоларын өйдөппүт.
Биирдэ саҥа кэлэн, мас мастыы турдаҕына, атыттан түһэн үс төгүл суордуу хаһыытаабыт, ыҥыран ылбыт. Тиийбитэ, эһэ оҕотун тіргүүтүгэр баайан аҕалбыт эбит. Эһэтин оҕотун ыта үрбүтүн туоһапканан бултаабыт.
— Чэ, тукаам, Байанайгын аһата оҕус, — диэбит. Бэйэтэ тыаҕа тахсалларыгар, сирин-дойдутун иччилэрин барыларын ааттаталаан туран, Баай Байанайы аһатар эбит.
Аҕыйах хонон баран, Өлөксөй аарыма лөкөйү өлөрөн киирбит, кэлин өссө биир кыыл табаны эбиммиттэр. Били тахсалларыгар ардахха-самыырга баттаппыттара булт сүрүн курдук буолбут. Кини бэйэтэ дьарамай, кыра уҥуохтаах, бүргэстии көрбүт сытыы уоттаах харахтаах, кіннірү сылдьарыгар бытаан соҕус туттунуулаах, кыһалҕа тирээтэҕинэ сылбырҕа-
та киирэр, бэйэтин лаппа кыанар, кытыгырас, сүгэһэрдьит киһи этэ. Эдэригэр кэргэнинээн Ачыкылаах Мотуруоналыын хайдахтаах да тайаҕы иккитэ эрэ сүгэр буолалларын кэпсиирэ.
Сэриигэ барарыгар оттуур ходуһатыттан, дьиэтигэр, дьонугар сырытыннарбакка эрэ, үргүлдьү Ньурбаҕа киллэрбиттэр. Үөрэҕэ суох, биир да тылы нууччалыы билбэт киһи маҥнай Тула куоракка тиийэн араас сүгэр-көтөҕөр үлэҕэ сылдьыбыт. Биирдэ тыраап устун үөһэ тахсан истэҕинэ, 300 киилэ ыйааһыннаах буочуканы утары ыыппыттар. Ону Өлөксөй буочуканы икки бүүрүгүттэн хабан ылан тохтоппут. Ол кэнниттэн «убайдара» нууччалар Өлөксөйү саннын таптайа сылдьар буолан хаалбыттар.
Кэлин кырдьан, 70-нун ааһа сылдьан Түҥ өрүс баһыгар сатыы бултуу тахсан баран муммут. Үс хонукка аһаабатах кырдьаҕастара, үс биэрэстэ уһуннаах күөллэрин баһыгар киирбиттэрин кэннэ, аргыстарын биэрэстэнэн хааллартаан балааккатыгар урут тиийбит.
1947 сыллаахха сэрииттэн кэлэн, сайын от үлэтин үгэнигэр эһэни сиирэ-халты ытан, бэйэтин саба баттаппыт. Эһэтэ кэтэҕин аһыттан саҕалаан төбөтүн куйахатын хастаан сирэйигэр саба уурбут. Өлөр-тиллэр тутуһуутугар баттана сытан, куруттан кыра чохороон сүгэтин ылан, эһэтин чэчэгэйгэ охсон мукутар (өлөрөр). Туймаарбыт, хаан-билик буолбут киһи отуутун нэһиилэ булар. Аал уотун алгыы-алгыы, аһата-аһата сиикэй арыыны уулларан бааһын оҕунуохтуур. Төбөтүн тириитин саба уурунан, өрбөҕүнэн кытаанахтык хам баанан кэбиспитэ, уһуннук моһуоктаабакка, үтүөрэн хаалбыт.
Сүрдээх түүллээх кырдьаҕас этэ. Бииргэ сылдьар Аппанааһа бултуйуохтааҕын билэн, курумуу этэрбэһин биэрбит. Ол күн Ойуур уола үс киистээх кэлбит. Үйэтигэр элбэх эһэни үксүн соҕотоҕун бултаабыт аарыма булчут Көөһө Өлөксөй 80-нун ааһан баран, бу күн сириттэн туораабыта. Кини тугу эппитэ, үөрэппитэ-такайбыта сиэннэригэр, дьонугар-сэргэтигэр, аймахтарыгар-урууларыгар сылаас өйдөбүл буолан иҥэ сылдьар, кинилэри олоххо-үлэҕэ кынаттыыр.
Николай Семенов-Чөккүк
Үһүйээн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Дьылҕаны талбаттар» диэн кинигэтиттэн ылылынна.
Уруһуй: интэриниэттэн
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1