Көҥүл бааһынай Балыарый Скурихин: «Сир үлэһит, сүрэхтээх киһини сөбүлүүр»

26.01.2019
Бөлөххө киир:

Олохпут укулаата төһө даҕаны алаадьы курдук түҥнэри уурулуннар, үөрэнэн ылбыт, үлэлээн баһылаабыт идэлэригэр бэриниилээх дьон саха тыатын сиригэр бааллар. Куорунай Бэрдьигэстээҕин олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Валерий Скурихин оннук дьон кэккэтигэр бигэтик киирэрэ чахчы. Бүгүн, тохсунньу 26 күнүгэр, Валерий Геннадьевич 65 сааһын туолар.

Статистика көрдөрөрүнэн, саха киһитигэр балачча элбэх сааһынан ааҕыллар эрээри, кини спорду, чэбдик олоҕу тутуспута таайан, бэлиэ кэрдиис кэмин сүһүөҕүн үрдүгэр сүүрэ сылдьан көрсөр. “Сыл – хонук” дииллэринии, СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэн, зооинженер идэлээх дойдутугар кэлбитэ соторутааҕыга дылы этэ гынан баран, 40 сыл элэстэнэн ааһа охсубута эчи түргэнин эриэхсит.

“Куорунай” сопхуос Бэрдьигэстээхтээҕи отделениетын управляющайа, ити сопхуоска кылаабынай зоотехник-дириэктэри солбуйааччы, Күөрэлээх отделениетын управляющайа, “Маалтааны” сопхуос дириэктэрэ. Ала-чуо ол 1980-1990 сыллардааҕы сүһүөх кэмҥэ куорунайдар тыа хаһаайыстыбатын салааларыгар – ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ, ынахтан өлгөм үүтү ыаһыҥҥа, килиэккэлээх кыылы иитиигэ чыпчаал көрдөрүүлэри ситиспиттэригэр В.Скурихин үтүөтэ-өҥөтө эмиэ баар. Баартыйа бастыҥ каадырдарын хаалыылаах хаһаайыстыбалары өрө тартара ыытар үгэстээҕэ. Валерий Геннадьевич итэҕэли биирдэ даҕаны түһэн биэрбэтэҕэ, тустуу көбүөрүгэр курдук, мэлдьи кыайыылаах-хотуулаах тахсара.

Биир кэмҥэ үлэлээбит үөлээннээҕэ, “Атамай” сопхуоска дириэктэрдээбит Олег Петрович Марков: “Валерий Скурихин – биһиги көлүөнэбит биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ. Кини курдук тыа хаһаайыстыбатыгар өйдүүн-санаалыын, эттиин-хаанныын бэриниилээх дьон баар буоланнар, тыабыт сирэ тутуллан турар”, — диэн уот харахха этэр.

В.Г.Скурихин үөһэттэн модьуйуунан сопхуостар үрэллибиттэрин кэнниттэн улууһугар тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар сүрүн исписэлииһинэн, начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Онтон 2012 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсаат, кэргэнэ Анастасия Григорьевналыын бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, кэтэх сылгыларын тэнитэргэ туруммуттара. Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтиттэн 2,5 көстөөх сиргэ база тэринэн-оҥостон, сыл аайы кыралыын-улаханныын 40-ча сылгыны кыстаталлар.

“Сир хаһаайыннаах буолуохтаах” диэн санааны саллайар сааһым тухары тутуһан кэллим. Оттон сир сүрэхтээх, үлэһит киһини сөбүлүүр. Кэмиттэн кэмигэр оҥоруох-тупсарыах, оттуох-мастыах тустааххын”, — диир бааһынай Балыарый уонна тыа сиригэр дьон хара үлэттэн тэйэ быһыытыйбыттарыттан хом саныырын биллэрэр. Кини бааһынайдыаҕыттан бэйэтин күүһүнэн 20 гектардаах сири оҥостубут, 7 км усталаах күрүө туттубут. Ол сиригэр элбэх сыллаах оту ыһар. Ону таһынан Алексей Алексеевич Гуляев салайааччылаах мелиорация управлениетын кытта кэпсэтэн, 40 гектарга эмиэ сир оҥорторон ылбыт. Быйыл онон 10 гектарга элбэх сыллаах оту эбии ыһар былааннаах. Сөптөөх тэрилинэн-тиэхиньикэнэн хааччыммыт буолан бөҕөх. Кэлиҥҥи уонча сылга куорунайдар наар кураанныыллар, умайаллар. Онон Валерий Скурихинтан көрдөһөөччү, отунан салҕатааччы элбэх.

Сылгыһыт бааһынай сылгылаах эдэр ыалларга маннык сүбэлиир: “Сылгыны бөһүөлэккэ эрдэ киллэрбэккэ, сиргэ хастаран аһатыахха. Хаспат, далга бэлэм окко турар сылгы ынах сүөһү курдук буолар. Мин эбии аһылыкка кулун тутарга биирдэ киллэрэбин. Убаһалары эмньик ыытан баран, үксүгэр тохсунньуга араарабын. Ону дьылыттан көрөбүн. Инньэ гыннахха, убаһа үчүгэй туруктаах буолар. Хаһыылаах сиргэ эмньик биэ быһа түспэт. Миэннэрэ Дьааҥы атыырдарыттан удьуордаахтар. Дьааҥы сылгыта 7 сааһыттан төрүөҕүн үчүгэйдик биэрэр. Сопхуос саҕаттан хаан уларытааччыбыт. Кэлин атыырдары эмиэ атыылаһан аҕалтаабытым. Маннык элита сылгыны тарҕатарга соруктанабын. Үгэс курдук, дьон атыыр убаһаларын идэһэҕэ туттан кэбиһэллэр…”

Бэҕэһээҥи салайааччы, бүгүҥҥү бааһынай ити курдук төрөөбүт-үөскээбит түбэтигэр Дьааҥы хааннаах сыспай сиэллээҕи тэнитэ-тарҕата сылдьара кэрэхсэбиллээҕин ааһан, тыыннаах холобур. Валерий Скурихин улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайар кэмигэр иитиигэ 500-600 убаһаны хааллараллара, кулун төрүөҕүн ылыыны 87 бырыһыаҥҥа тириэрдэ сылдьыбыттара. Эдэр бааһынайдар, сылгыһыттар кини үөрүйэҕин уонна холобурун батыһан, сиргэ-уокка дьиҥнээх хаһаайынныы сыһыаннастахтарына, үлэҕэ-хамнаска  олохтоохтук туруннахтарына эрэ бэйэ иҥэмтэлээх, чэгиэн аһа-үөлэ дэлэйиэҕэ.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0