Күөх халлааҥҥа тардыһар Сандаарыйа

22.08.2020
Бөлөххө киир:

Саха литературатыгар, поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр ортолоругар бэйиэт, публицист, тылбаасчыт Александра Григорьева-Сандаарыйа аатын билбэт, кини айымньыларын билсибэтэх   киһи суоҕа буолуо.

edersaas.ru

Күн сардаҥатын курдук мэлдьи сандаарыйа сылдьар аналлаах Сандаарыйа –  саха поэзиятын  араас кыраасканан киэргэтэ, сылааһынан илгийэ, баай фантазиятынан олохпутун түстүү сылдьар  поэтесса. Билигин Мииринэй оройуонугар айар үлэ үлүскэнигэр сылдьар Александра Григорьеваны кытары поэзия аналын, хоһоон суруллуутун, эдэр кэскиллээх дьон туһунан кэпсэттибит  уонна саҥа хоһооннорун билистибит.

Александра Михайловна,  эйигин филология наукатын дуоктара, профессор Варвара Окорокова  “Күөх түүллээх ырыаһыт” диэн ааттаабыттаах. Ону “Күөх түүл” диэн хоһооҥҥунан эрэ буолбатаҕа буолуо дии саныыбын. Ити быһаарыыга  поэтесса быһыытынан ханнык уобараһыҥ тахсан кэлэрий?

Күөх Ньурба талааннаах поэтессата Клара Васильева “Сандаарыйа эҥин этэр хоһуйуулара мэлдьитин дьикти кэрэ тылынан, дьэҥкир иэйиинэн иэтэллэр. Кини бары поэтессалартан уратыта – бу! Тус санаабар, киниэхэ курдук “күн сардаҥатын утаҕынан” ойууламмыт хартыыналар, хаар сыламынан сандаарыспыт санаалар, эбэтэр дьэдьэн сытынан дыргыһар тыллар кимиэхэ да суохтар! Быһата, бу өҥнөөх дьахтар!” —  диэн өрө көтөҕүллүүлээхтик сыаналаабыта элбэҕи этэр (“Сунтаар сонуннара”хаһыат, 24.07.2008 с.).

Күөх өҥ – күннээх халлаан өҥө, киэҥ, сырдык, үрдүк, дэлэй уонна дириҥ. Быһата – олох дьоллоох өҥө. Халлаан —  ардыгар хахсаат, ардыгар тыйыс, ардыгар хараҥа.  Ол эрэн, күндэлэс күөхтээх халлаан өҥүгэр тардыһар буоллаххына эрэ, олоҕуҥ үүнүүгэ, сайдыыга, кэрэҕэ, кэскилгэ, сырдыкка, ырааска, дьиҥнээххэ салаллар.

Эн хоһоонноргун омук тылларыгар, ол иһигэр Аангылыйа тылыгар, тылбаастыыллар.  Саха тылын минньигэһэ, сүмэтэ тылбааска  сүтэн-симэлийэн хаалбат дуо?

Тылбаас, мин санаабар, саха тылын эйгэтин кэҥэтэр, күүһүрдэр, атын омук кутун уһугуннарар.

Күн сардаҥатыныын бииргэлэһэр иэйиилэр

Былатыан Ойуунускай “Тыл муҥа – соргу муҥа дии саныыбын” диэбиттээх. Оттон эн санааҕар?

—  Улуу Ойуунускай уот харахха эппит. Мин да санаабар:

«Муҥутуур дьол

Мутукчатын күөҕэ

Муҥурданар эбит.

Талымас таптал

Талба таһаата

Татымсыйар эбит.

Эриэ-дэхси олох

Эриэккэс эргийиитэ

Эриэннэнэр эбит.

Нуһараҥ киэһэ

Нуурал сырдыга

Ньулуунсуйар эбит.

Үрүлүйэр үөрүү

Үрүмэрэр үрүтэ

Үрэллэр эбит.

Хомуһуннаах тыл

Холоругар сөрөнөр,

Иччилээх тыл

Имэҥигэр иилистэр,

Тырыбынас тыл

Тыытыгар хатаастар

Эйгэттэн тэйдэхпинэ,

Илэ бэйэбэр эргийдэхпинэ.

Иэйиинэн иэппэтэхпинэ,

Эҥини эппэтэхпинэ!”

Аатырбыт скрипач Паганини: “Үс күн оонньооботорбун Паганини буолуом суох этэ”, – диирэ. Оттон Сандаарыйа хайдах  суруйарый?

Мин күн аайы суруйабын. Сарсыарда күн сардаҥалара маҥнайгы тырымнас сардаҥаларын кытта иэйиибиниин бииргэлэһэн, ырабынаан ыксалаһан, ырыабынан кынаттанан дьол кустуктаах халлааныгар көтөбүн.

Поэзия  аан дойдуну, олоҕу-дьаһаҕы кытта тэҥҥэ уларыйар. Оттон Сандаарыйа?

Хас үйэ, үүнэр кэм бэйэтэ туспа дорҕооннордоох, туспа дьүһүлгэннээх, туспа тэтимнээх. Кэми, айылҕаны утары барбаккын буоллаҕа.

Урукку хоһоонноргуттан билигин “сирэр”, “мыынар” хоһооннордооххун дуо? Эбэтэр сорохтор курдук, эргиллэргин сөбүлээбэккин дуу?

Бэйиэт  Антонина Христофорова-Хагдаанай “Күөх түүл” хоһоон Сандаарыйа инники олоҕор, айар үлэтигэр алгыс буолбут ымыылаах айымньыта” диэн олус сөпкө бэлиэтээбитэ. “Күөх түүл” — маҥнайгы ырыам, киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт хоһоонум. Бастакы айымньыбын олус күндүтүк саныыбын.

Уоскулаҥы билбэт үлэҕэ

–  Александра Михайловна, поэзия алыптаах эйгэтигэр эдэрдэри сирдиигин. Нууччалыы тыллаах поэтессаларга сүбэ-­ама, күүс-көмө буолаҕын. Өссө аата-ахсаана биллибэт элбэх  дьоһуннаах кинигэҕэ эрэдээктэр, ааптар быһыытынан үлэлиигин –  уоскулаҥы билбэккин.

Барыта сүүрбэттэн тахса кинигэни таһаартардым. Ол иһигэр, сэттэ хоһоон хомуурунньуга. Кэлиҥҥи кэмҥэ публицистикаҕа элбэхтик үлэлээтим. Нуучча эрэ ааптардарын үлэлэригэр эрэдээктэрдээбэппин, саха эдэр ааптардарыгар эмиэ элбэхтик көмөлөһөбүн.

Эн санааҕар, билиҥҥи поэзия эһиги саҕалыыргыт саҕанааҕы кэмтэн төһө уларыйда?

Билиҥҥи эдэр бэйиэттэрдиин элбэхтик алтыһар, кинилэргэ анаан “Көмүс иҥэһэ” диэн батсаап-оскуоланы тэрийбит буолан, кинилэр хорсуннарын, санаалара дохсунун олус биһириибин. Эдэр ааптардар айымньыларынан “Үрүҥ көмүс кынаттар” диэн хомуурунньугу эрэдээксийэлээн  таһаартарбытым, Мииринэй оройуонун баһылыга Р.Н. Юзмухаметов үбүнэн өйөөбүтэ.

Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ, Дмитрий Федоров-Оһуохай Уола, Петр Яковлев-Хаҥыл Хара поэзияларын туһунан ыстатыйалары суруйталаабытым. Хаҥыл Хараны Мииринэйгэ ыҥыран, алмаас устуоруйатын мусуойугар анаан-минээн көрсүһүү тэрийбитим, нуучча бэйиэттэригэр подстрочник оҥорон биэрэн, кини хоһооннорун нууччалыы аахпыттара дьоро киэһэ биир соһуччу үөрүүлээх түгэнинэн буолбута.

Хоһоон суруйуох баҕалаах эдэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

Эдэр бэйиэттэри:  “Толбонноох тойуккут туругурдун, албаннаах айаҥҥыт айхалланнын!” — диэн  алгыам эрэ этэ.

Анабыл хоһооннор

КЫРГЫТТАРЫМ – ТЫМТЫКТАРЫМ

“Кыргыттарым  —

Кэлэр кэмҥэ, кэскилгэ

Ууммут тымтыктарым.

Сылаас сыдьаайынан

Сандалас халлаан

Сарыалын санатаҕыт.

Самаан сайыным

Сайаҕас куйааһынан

Саргыны салайаҕыт.

Күлүмнэс үөрүүм

Көччүйэр күнэ

Эһигиттэн эрэ

Күндээрэ тахсар.

Саһарҕа санаам

Сандаарар чүөмчүтүн

Чөмчүүгэ буолаҕыт.

Илгэ илдьиттэрэ,

Чэчик сирдьиттэрэ,

Күүппүт сырдыктарым –

Кыргыттарым!”

УОЛАТТАРЫМ – ОНОҔОСТОРУМ

“Уолаттарым – сур соноҕосторум,

Дьолуо маҥан оноҕосторум.

Араҕас илгэ аартыктаах,

Үрүҥ тунах өрүттээх

Алгыс бастаах аан дойдум

Анаан биэрбит бэлэхтэрэ,

Өндөл халлаан үрдүк саалын

Аарыгырар аар сэргэтин

Ааттаан ыыппыт алгыстара,

Оһуор-мандар орто дойдум

Удьуор хаанын арчыһыта

Тускулаабыт тойуктара.

Уолаттарым – сур соноҕосторум,

Дьолго ыыппыт оноҕосторум!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0