80-с сыллар бүтүүлэригэр улахан массыынаҕа суоппар идэтин баһылаан, хотунан-соҕуруунан элбэхтэ айанныырым. Үлэм сүрүн сыала –улуустарга, нэһилиэктэргэ ас-таҥас, араас таһаҕаһы тиэрдии. Тимир көлөм диэн эргэ “Урал” массыына. Төһө даҕаны эргэтин иһин, ыраах айанныырга табыгастааҕа. Күһүн, саас бадараан тоҥ эрдэҕинэ түүн биитэр сарсыарда эрдэ айаҥҥа турунарбыт. Айанныырбытыгар солбуйар суоппар, эбэтэр аргыс массыына хайаан даҕаны баар буолааччы.
Биир күһүн Дьокуускай куораттан Кэбээйи улууһугар идэбинэн таһаҕас тиэнэн айаҥҥа туруннум. Түүн этэ. Таһаҕаһым диэн кууллаах бурдук. Бүгүн соҕотоҕун айаннаатым. Барсарга эрдэттэн үлэһэ сылдьыбыт уолум бу күн оруобуна массыына саахалыгар түбэһэн, улаханнык эчэйэн, балыыһаҕа киирбитэ. Киэһэ кими да булбакка соҕотоҕун айаннаабытым.
Түүҥҥү суолу паара уотунан сырдатан магнитолабыттан тахсар сахалыы бытаан муусукаҕа уйдаран, ону-маны саныыбын. Маннык, түүннэри айаннаан иһэн, паара уотугар суолга тахсыбыт куобаҕы, туртаһы үгүстэ көрөөччүбүн. Чуҥкук, сылаалаах айаны кинилэр эрэ сэргэхситэр курдуктар. Бу айаным кэнниттэн дойдубар, Аммаҕа тахсар былааннаахпын. Уоппуска ылбатаҕым, додйубар тахсыбатаҕым үһүс сыла. Ийэлээх аҕам төһө эрэ кэтэһэ олороллор. Кинилэргэ тахсан кыстыкка бэлэмнэнэллэригэр көмөлөһүөм. Ол кэнниттэн, табылыннаҕына, соҕуруу барыам. Билигин сулумах сылдьар эрдэхпинэ сири-дойдуну көрөн хаалыахха наада…
Ити курдук ону-маны саныы истэхпинэ, бастакы дэриэбинэҕэ киирэрим үс-түөрт биэрэстэ хаалбытын кэнниттэн массыынам бэрт куһаҕаннык тыаһаат, умуллан хаалла. Массыынабыттан ыстанан түһэн, капотун арыйан, панаарбынан сырдатан онон-манан өҥөйтөлөөбүтэ буоллум да, алдьаныы биричиинэтин быһаарбатым. Аны, банаарым батарыайата олордо. Халлаан халлан, бу түүн күүскэ тымныйбыт. Муҥ саатар айаҥҥа кэтэр халыҥ соммун дьиэбэр хаалларан кэбиспиппин. Хайыахпыный, сарсын сырдыкка кэлэн оҥостуом диэн, массыынабын хатаан баран дэриэбинэ диэки сатыы бардым. Күһүҥҥү ыйдаҥа уотугар суол оллура-боллура чуолкайдык көстөр. Сир тоҥ буолан, хаамарга үчүгэй. Түөрт биэрэстэни өр гыныам дуо, дэриэбинэҕэ киирдим. Биир даҕаны ыал уота көстүбэт. Буолумуна, түүн икки чаас саҕана утуйбакка тугу манаан олоруохтарай. Арай онон-манан, ыт үрэрэ, улуйара иһиллэр. Уулусса устун баран иһэн, биир дьиэ уоттааҕын көрөн, тоҥсуйарга быһаарынным. Тэлгэһэлэригэр чугаһаан иһэн, ыт баар буолаарай диэн, тохтоон иһиллээн тура түстүм. Ыт баар сибикитэ суоҕун билэн оргууй кэлииккэ аанын арыйан, тулабын көрүнэ-көрүнэ дьиэҕэ тиийдим. Ааны оргууй тоҥсуйдум. Сотору буолаат аан нөҥүө киһи хаамар тыаһа иһилиннэ. Онтон: “Кимий” – диэн дьахтар синньигэс куолаһа иһилиннэ. Таһаҕас тиэйэн иһэн аара алдьанан, дэриэбинэҕэ хонор сир көрдүү сылдьарбын эттим. Кыратык тохтуу түһээт, арыйда. Аан аһыллыбытыгар дьиэттэн сылаас салгын уонна минньигэс ас сыта кэллэ. Тоҥмуппун уонна аччыктаабыппын онно өйдөөтүм. Лаампа уотугар хараҕым саатан, симириктээн ыллым. Арыый үөрэнэн хаһаайка диэки көрбүтүм, үс сыллааҕыта устудьуоннуу сылдьан билсибит кыыһым турар эбит. Кини да миигин көрөөт билбит. Үөрэн көбүс көнө тиистэрэ кэчигирэспиттэр. Катялыын сылы кыайбат кэмҥэ да буоллар, чугастык доҕордоһо сылдьыбыппыт. Ол кэнниттэн кини Кэбээйигэ учууталлыы барбыта. Бу көрсүһүүттэн иккиэн даҕаны соһуйдубут.
Катя сонно чэй оргутан, ас тардан миигин аһаппытынан барда. Уруккуну-хойуккуну кэпсэттибит. Онтон эрдэ турар дьон быһыытынан утуйардыы оҥостон бардыбыт. Устудьуоннуу сылдьан кинини сөбүлүү көрөрүм. Ол эрээри, чугаһаабатаҕым.
Түгэх хоско тиийбитим Катя миэхэ орон оҥоро сылдьар эбит. Кэнниттэн тиийэммин оргууй кууһан ыллым. Соһуйан мин диэки хайыспытыгар, уоһуттан уураан ыллым. Маҥнай өсөһүөх курдук гынан иһэн, илиибэр налыйан хаалла. Ороҥҥо тиэрэ баттаан халаатын уһуллум. Бөлтөгөр түөстэрин илиибинэн бобута тутабын. Кыыһым иһин түгэҕиттэн өрүтэ тыыммахтыыр. Ол аайы өссө тиллэн иһэр курдукпун. Араастаан имэрийсэн, имэҥ иэйиитигэр ылларан, ийэттэн төрүү сыгынньахтанан суорҕан иһигэр өрө мөхсөн бардыбыт… Сүбэлэспит курдук иккиэн тэҥинэн налыйан хааллыбыт. Хаһааҥҥыта эрэ сөбүлүү сылдьыбыт кыыспынаан таптаһар саҕа дьол миэхэ суох. Сынньанан сыппахтыы түһэн баран иккистээн тиллэн, эмиэ имэҥ иэйиитигэр ылларан, уохтаах таптал уотугар умайдыбыт…
Хараҥаччы.