СИА иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр чох хостуур «Колмар» хампаанньа уонна СӨ нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ улуустары кэрийэ сылдьан, олохтоох дьону үлэҕэ ыларга кэпсэтии тэрийиэхтэрэ.
edersaas.ru
Ол туһунан Нерюнгри куоракка кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин уонна хампаанньа салалтата кулун тутар 12 күнүгэр сүбэ мунньах ыыттылар. Дьону үлэҕэ ылалларыгар, бастатан туран, тыа сирин олохтоохторугар болҕомто ууруллуохтааҕын, хандьыдааттары сүүмэрдииргэ куттал суох буолуу сулууспата ыытар бэрэбиэркэтин, тэрилтэ иһигэр сүбэлэһии, тургутуу ыыталларын арыый да тэтимирдэн биэрэргэ баҕа санаа этилиннэ.
«Колмар» дириэктэрэ Артем Левин, быйыл хампаанньа 3086 киһини үлэҕэ ыларга бэлэмин туһунан биллэрдэ. 2018 сыл түмүгүнэн, «Олохтоох дьону – бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн 1301 киһи үлэнэн хааччыллыбыта.
Ил Дархан Айсен Николаев туруорбут соругунан, 2019 сылга өрөспүүбүлүкэ 7500 олохтооҕор үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээх, ол иһигэр тустаах идэҕэ үөрэммит 1500-тэн итэҕэһэ суох эдэр ыччакка уонна 1000-тан кырата суох тыа дьонугар. 3500 үлэтэ суох дьоҥҥо саҥа идэҕэ эбии үөрэтии ыытыллыахтаах.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru