
Алтынньы 21 күнүгэр гороскобунан Ыйааһын бэлиэҕэ күүстээх саҥа ый үүнүөҕэ. Бу күн сыһыаннары дириҥник саҥалыы көрөргө, үлэҕэ-хамнаска улахан ситиһиилэргэ уонна биһигиттэн хас биирдиибитин таарыйар күүтүллүбэтэх өттүттэн уларыйыыларга бэлэм буолуҥ. Эбиитин Ыйааһын бэлиэҕэ саҥа ый тахсыыта – баҕа санааны этинэргэ саамай табыгастаах кэм.
Ыйааһын бэлиэҕэ саҥа ый тахсыыта – тус олоххо сыһыаннары, бэйэни сайыннарыыны, тас көрүҥү уонна ис эйгэ тэҥнэһиитин кытта сибээстээх баҕа санааны этинэргэ саамай табыгастаах кэм. Баҕа санаа туоларын туһугар, ону сөпкө сааһылаан этиэххэ наада:
- Чуолкайдык кыырай куйаарга этиҥ: «Баай буолуохпун баҕарабын» оннугар – «Мин ыйга 500 000 солкуобайы хамнаска аахсабын».
- Билиҥҥи кэминэн саҥарыҥ: «Мин дьоллоох буолуом» оннугар – «Мин дьоллоохпун, үөрүүнэн уонна махталынан туолабын».
- «Суох» диэн тылы туттумаҥ: «Мин ыалдьыбаппын» оннугар – «Мин доруобайбын, эрчимнээхпин уонна күүһүнэн-уоҕунан туолбуппун».
- Иэйиини эбиҥ: «Мин үлэлээхпин» оннугар – «Мин үлэбэр кынаттанан, өрө көтөҕүллэн кэлэбин, онно миигин сыаналыыллар».
- Олоххо баары санааҥ: «Сарсын лотереяҕа сүүйүөм» оннугар – «Мин эрэллээх дохуот киллэрэр дьарыгы оҥоробун».
- Махталгытын биллэриҥ: «Массыынаны баҕарабын» оннугар – «Саҥа BMW X5 массыынам иһин махтанабын!».
- Түмүгү хараххытыгар ойуулаан көрүҥ: Ыра санааҕыт туолбутун кэннэ туох иэйиигэ ылларбыккытын санаан көрүҥ.
- Дьиҥ олоххо хамсаныҥ: Резюме ыытыҥ, харчы мунньунуҥ, саҥа билсиһиилэргэ аһаҕас буолуҥ.
- Баҕа санаа холобура: «Мин олохпор тапталы үөрэ-көтө ылынабын. Мин дьүөрэлэһэр сыһыаны тутар киһибин көрсөбүн. Бу бэлэх иһин Аан Дойдуга махтанабын!»
Алтынньы 21 күнүгэр киэһэ баҕа санааҕытын суруйуҥ уонна туоларыгар итэҕэйиҥ. Саҥа ый тахсар күнүгэр энергияны уларыппат туһугар саҥа бырайыактары саҕалыыр, суолталаах быһаарыныылары ылынар уонна үп-харчы өттүнэн ороскуотурар сүбэлэммэт. Бу кэм уратыта медитацияҕа болҕомтону уурарга сүбэлэнэр, наадата суохтан ыраастаныыга уонна иэйии тэҥнэһиитин бөҕөргөтүүгэ көмөлөһөр.