Үөрэх – бараммат баай! Дьэ, киһи үөрэнэн хайдах байарый? Киһи-хара буолан, үлэлэнэн-хамнастанан, дьиэ-уот тэринэн олорор. Ити үөрэҕи ылыы – сорох дьоҥҥо үгүс ыараханы туорааһын.
Орто таһымнаах сэниэ ыал оҕото Никита – 6 кылаас үөрэнээччитэ. Үөрэҕэр туйгун, куруук “5” сыананы ылан, ийэтин, аҕатын үөрдэрэ. Кыһаллара-мүһэллэрэ биллэр этэ. Дьиэтигэр кэлээт, сылайан-элэйэн, нэһиилэ аһаан баран уруогун ааҕаат, утуйар аакка барара. Дьоно “уолбут үөрэҕэр туйгун, оскуолатын сөбүлүүр, ол иһин сарсыарда аайы үөрэ-көтө барар” дии саныыллара. Оҕолоро хас сарсыарда аайы туох санаалаах дьиэтиттэн тахсарын, дьиҥэр, ким да билбэт этэ. Арай учуутала этэрэ: “Атаах майгыҥ дьиэҕэр хаалыахтаах”, – диэн. Бу толору дьоллоох курдук тахсыбыт оҕо уулусса устун суос-соҕотох бүк түһэн, оргууй аҕай хааман иһэр. Ол иһэн билэр дьонугар үөрэн мичик гынара. Үөрэх киниэхэ күн ахсын сэрии толоонугар үктэнии кэриэтэ этэ. Оскуола уолаттара бука-бары сиилии-сэмэлии сылдьаллара. Кини үтүө-сэмэй, эйэҕэс майгылааҕын туһанан, куруук тугу эрэ булан, атаҕастыы сатыыллара. “Кутуйах” диэн хос аат иҥэрэн, саҥа аллайа сылдьалларын таһынан, охсон, тэбэн ааһаллара. Суос-соҕотох эрэнэр доҕоро Коля оскуолаҕа киниттэн тэйэ туттара. Хата, ордук кутуйахха барсар кини баара. Оскуола кэннэ, туох да буолбатаҕын курдук, тиэргэн иһигэр бииргэ оонньоһоро. Никита ону туох да диир кыаҕа суох. Доҕор аата доҕор. Соҕотох атаһын тэйиттэҕинэ, кими кытта иллэҥ кэмин атаарыай? Иккиэн да учуутал сөбүлүүр оҕолоро. Үөрэх өттүгэр куруук инники күөҥҥэ сылдьаллар. Учуутала тугу эмэ сэрэйэн ыйыттаҕына, Никита туора көрөн, мэлдьэһэн кэбиһэрэ.
Итинник эрэйинэн икки сыл үөрэнэн, 8 кылааска таҕыста. Ийэтэ улаханнык ыалдьан, орон киһитэ буолла. Аҕата куруук күн арҕаалыар диэри үлэлиир. Оскуола кэннэ ийэтин бүөбэйдиирэ. Аҕата кэлэригэр остуол тардан, толору аһылыктаах көрсөр этэ. “Баҕар, ийэм ыалдьан оҕолор сыһыаннара уларыйыа” дии саныыра да, атаҕастыыллара өссө улаатан, көбөн иһэрэ. Аҕатыгар “дьиэҕэ, ийэм аттыгар олорон үөрэниэм этэ” диэн, улаханнык мөҕүллэн турардаах. Хас да ый устата суорҕан-тэллэх киһитэ буола сытан баран, ийэтэ күн сириттэн бараахтаабыта. Аҕата санааҕа баттатан, иһэр-аһыыр дьаллыктаммыта. Уол оҕо барахсан олоҕо киһи өстөөҕөр да баҕарбат накааһыгар кубулуйбута. Баар-суох доҕоруттан – Коляттан тэйэн, дьулайбыт, хараҥарбыт дьиэтигэр олорон сырдыгы түннүгүнэн эрэ одуулуур буолбута. Аҕата сүгүн олордуо баара дуо. Кырыктаах хараҕынан көрөрө, мөҕөрө, ардыгар кырбаары хаайара. Учуутала иккитэ кэлэ сылдьан, оскуолаҕа ыҥыра сатаабыта да, сатамматаҕа.
Биир күн Коля кэлэн, сонньуйбут уол санаатын кыратык да буоллар үөрдэн ылла. Ахтыспыттыы, атах тэпсэн олорон, кэпсэтэн күн аҥаара олордулар. Никита олох атын киһи буолбут. Тыла-өһө сыппаан, үөрэн мичик гынара ханан да көстүбэт. Сарсыныгар Никита доҕордоох эбиппин диэн эрэх-турах санаалаах оскуолаҕа бараары оҥоһунна. Икки доҕордуулар оскуолаҕа тэҥҥэ киирдилэр. Бу иннинэ Коля куруук туох эмэ сылтахтанан, хаала түһэрэ. Тоҕо эрэ урукку курдук буолбатах. Оҕолор да аҕыйахтар, ким да үөҕэр хаһыыта иһиллибэт. Кылгас кэмҥэ Никита ис-иһиттэн үөрэ санаата. Доҕоро илиититтэн харбаан ылан, спорт саалатыгар соһон киллэрдэ. Киирбиттэрэ, учуутала, дириэктэрэ, бииргэ үөрэнэр оҕолоро, быһата, оскуола оҕото барыта турар эбит. Саала ортотугар паарталары холбоон, ол үрдүгэр эргэ таҥастары, кинигэлэри, тэтэрээттэри дьаарыстаабыттар. Учуутала “Никита, бу эйиэхэ анаан хомуйдубут” диэбитигэр уол хараҕа уунан туолан, ытамньыйыах курдук буолла. Соччо үөрбэтэ. Икки хардыыны оҥорон, чугаһаан истэҕинэ саала түгэҕиттэн “Кутуйах кэм буолуо, дьон тобоҕор тиксэҕин” диэн оҕолор быыстарыттан ким эрэ саҥа аллайда. Никита ону истээт хас да сыл тухары мустубут хара санаата киирэн, кыһыыта-абата бэргээн, Коляны киэр үтээт, ыстана турда. Аанын тыастаахтык хайа быраҕан таҕыста да, атах тыаһа ньиргийэн иһилиннэ.
Үс күн ааста. Аҕата дьэ дьүһүнүн-бодотун оҥостон, оскуолаҕа кэлэн уолун ирдии сырытта. Дьэ, итинтэн ыла аймалҕан таҕыста. Учаскыабайы ыҥыран, ыаллары кэрийэ сылдьан Никитаны көрдөөһүн буолла. Коля дьиэтигэр үстэ төхтүрүйэн сырыттылар. Никита дьиэтигэр хаһыс да төгүлүн таарыйдылар. Аҕата уолун хоһугар хаһан даҕаны үктэммэтэҕэ биллиннэ. Учуутала тэлэччи аһыллан турар ааны саба баттаабыта “дьиэ кутуйаҕа хонуу кутуйаҕар кубулуйда” диэн суругу ааҕаат, хараҕын уута халыйда. Ити кэннэ Никита диэн оҕо аата өйгө-санааҕа эрэ хаалбыта. Ханна барбытын ким да билбэт. Арай, оскуолаттан үүрэри үүрэн, сууттаан-накаастаан, дьэ миэрэни ылбыттар. Аҕата “уолум кэлиэ” диэн үлэтигэр тахсыбыта. Дьиэтигэр кэлээт, хастыы эмэ чаас кини хоһугар олорон, хаалларбыт суругун имитэрэ.
Хас эмэ сыл буолан, кини бииргэ үөрэммит оҕолоро улаатан, ким ханна барарынан барыталаабыттара. Биир уол булчут буолан, олох ыраах бара сылдьан соһуйбут. “Үөдэн түгэҕэ ыраах, ким да суох, кыыл-сүөл да саҥата аҕыйах сиригэр эргэ өтөххө ким эрэ олохсуйбут” диэн кэпсээннээх кэлбит. “Бүк түспүт оҕонньор сылдьара, кимиэхэ эрэ майгыннаттым даҕаны, сатаан таайбатым, ааһа турдум” диэбит.
«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.