«Йолка» бэйэ бородууксуйатыттан астыырга ылыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха уолаттара бэйэ бородууксуйатыттан ас астаан тарҕатар «Йолка» кафе-маҕаһыыннара аһыллыбыта икки ый буолла.

edersaas.ru

Бу кылгас кэм иһигэр «йолкалар» номнуо бэйэлэрин килийиэннэрин буллулар. Былырыын сынньалаҥ пааркатыгар аһыллыбыт «Йолка» сайыҥҥы кэмҥэ дьону бэйэтигэр тардан, сөбүлэтэн баран, аны дьоҕус бизнес эйгэтигэр киирэргэ олохтоохтук сананан кафе-маҕаһыын аһан үлэлэтэр. Биллэн турар, саҥа киирбит дьиэҕэ үлэлиир буолан, арендатын да сыаната ботуччу. Ол эрээри элбэх кыбартыыралаах дьиэ буолан, атыылаһааччыта да үгүс.

Дьоҕус бизнес эйгэтигэр бэйэтин суолун эрэллээхтик тэлэн эрэр «Йолка» кафе-маҕаһыын управляющайа Ион Жегусов тэрилтэтин туһунан бу курдук билиһиннэрэр:

Биһиги олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарар фермердэри кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Ол курдук, аатырбыт Өлүөхүмэ сыырын пиццаҕа эрэ буолбакка, араас бүлүүдэҕэ туттабыт. Кэтилиэт этин Хаҥалас улууһун «Бөртө» сылгы иитэр, оҕуруот аһын «Эм» фермердэриттэн ылабыт. Түгэнинэн туһанан, биһиги маҕаһыыммытын кытта үлэлэһиэн баҕалаах фермердэр биһиэхэ кэлэн билсэллэригэр ыҥырабын. Олохтоох бородууксуйаттан астыыр буолан, аспыт-үөлбүт хамаҕатык сакааска барар. Сотору кэминэн улахан тэрилтэлэргэ эбиэттэри бэлэмнээн тарҕатыахпыт.

Үлэһиттэрбит сүрүннээн эр дьон. Төһө да эдэрдэрин иннигэр (орто саас — 25), бары уопуттаах, анал идэлээх үлэһиттэр.

Үлэ чааһа сарсыарда 10 чаастан саҕаланар. Үлэбит үгэнэ — киэһэ 18 чаастан 23 чааска диэри.

Маҕаһыыммыт кафелаах. Онно удамыр сыанаҕа ким баҕарар сылаас бургеры эбэтэр фастфугу сакаастаан, итии саха кучу, таба пантата эбиликтээх чэйи кытта тото-хана аһаан тахсыан сөп, — диэн кэпсиир  «Йолка» управляющайа.

«Йолка» олохтоох фермердэр оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларынан астыыр буолан, дьон-сэргэ бу маннык хайысхалаах Дьокуускайга соҕотох кафе-маҕаһыыҥҥа орох тэптэ диэххэ сөп. Маҕаһыынтан үүт, бурдук аһы, ынах арыытын, эт ас полуфабрикаттарын атыылаһыахха сөп.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, ас сакаастаабыт киһи тугу хайдах астыылларын көрө олорор. Онон туматын эптэриэн да, көҕүрэттэриэн да сөп.

Мин хас да киһи болҕомтотун тардар кэккэ өрүттэри (баҕар, атын киһи өйдөөн көрүмүөн да сөп)  бэлиэтии көрдүм. Ол курдук, аһа буһарын кэтэһэн олорор киһи араас интэриэһинэй сурунааллары ааҕыан, көрүөн сөп.

Аны бүлүүдэлэрин да ааттара: «Как у них?», «Кулунчук», «Олекминский двойной»,»Побег в курятник», «Уучукучук» — интэриэһинэйэ дьикти. Тылбааска бэриммэттэр!

Аскын кэтэһэ олорон, төлөпүөнү ииттэрэр розетка, суумкаҕын ыйыыр көхө — быһата, киһи болҕомтотун туһаайыа да суох курдук эрээри олус наадалаах өрүт кытта учуоттаммыт.

… Ити курдук, тымныыттан куотан, иттэ түһээри, «фермерскэй», «бэйэ бородууксуйата» диэн суруктары көрөөт, «Йолка» маҕаһыыны кытта билсэн тахсыбыппын билиһиннэрдим. Саха ыччаттара бэйэ бородууксуйатын тарҕатар бэртээхэй да дьыалаҕа ылсыбыттар эбит. Уолаттарга дьоҕус бизнескэ олохтоохтук ылсыбыт саҕалааһыннара силистэнэн-мутуктанан, кэнэҕэс ааттарын-суолларын ааттатар бөдөҥ тэрилтэҕэ тиийэ үүннүн диэн баҕа санаабытын тиэртэхпит буоллун! 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ»хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0